Дьокуускайга ыытыллар «Төрүччү төлкөтө» өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэс чэрчитинэн от ыйын 7 күнүгэр Сахамедиа киинигэр Камчаткаттан сылдьар кыраайы үөрэтээччи, РФ суруйааччыларын уонна кинематографистарын Сойуустарын чилиэнэ Сергей Вахрины кытта көрсүһүү тэрилиннэ. Сергей Вахрин олоҕун үгүс сылларын Уһук Илин норуоттарын историятын чинчийиигэ анаан, муспут үтүмэн үгүс матырыйаалыгар олоҕуран «Тайны якутских фамилий» кинигэни бэчээккэ бэлэмнээбит. Бу сырыытыгар кини кинигэ рабочай былаанын билиһиннэрдэ.
Сергей Иванович: «Саха сирэ уонна Камчатка кыраайа дириҥ уонна улахан историялаах сибээстээхтэр. Ол биир туоһутунан үгүс араспаанньалар хатылаһыылара буолар. Ааспыт күһүн Уус Алдаҥҥа Дүпсүн орто оскуолатын 160 сыллаах үбүлүөйүгэр кэлэ сылдьан оскуола көрүдүөрүгэр ыйаммыт истиэндэлэр матырыйаалларыгар үгүс араспаанньа Камчаткаҕа эмиэ баарын бэлиэтии көрбүтүм. Кинигэҕэ 500-чэкэ араспаанньа ырытыллан киирдэ. Бу күннэргэ кинигэ оҥоһулла сылдьар, аны балтараа ыйынан түмүктэниэҕэ. Камчаткаҕа аҕыйах тираһынан тахсыаҕа, ол оннугар электроннай вариана баар буолуоҕа. Билигин кинигэ 2-с туомугар үлэ тэҥинэн саҕаламмыта», — диэн билиһиннэрдэ.
Сергей Иванович алфавит үс бастакы А, Б, В буукубаларыттан саҕаланар араспаанньалардаах кинигэ инники чааһын рабочай варианын илдьэ кэлбитин көрдөххө, чахчы да бөдөҥ үлэ эбит.
Кинигэ электроннай вариана таҕыстаҕына төрүччүнэн дьарыктанааччыларга улахан бэлэх буолуоҕун бэлиэтээтилэр.
Читайте нас в: