Михаил Архипов: мэдиссиинэ эйгэтэ сайдарыгар дьоһун хардыылар оҥоһуллаллар

Бэҕэһээ киин тэлэбиидэнньэҕэ Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Николаев Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсүһүүтүн биэрдилэр. Бу дьыалабыай көрсүһүүгэ Владимир Путин Саха сиригэр ыытыллар үлэлэри үрдүктүк сыаналаата. Ол иһигэр мэдиссиинэ эйгэтигэр баар ситиһиилэри эмиэ. 

Бэҕэһээ, ыам ыйын 29 күнүгэр, бүтүн Сахабыт сирин олохтоохторугар бэлиэ күн буолла. Ол курдук биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Дойдубут Бэрэсидьиэнигэр биэс сыл устата ханнык хайысхаларынан үлэ барбытын, күүһүрбүтүн кэпсээтэ. Ону истэ олорон, бэйэтэ да боппуруос биэрэн, ыытыллар үлэлэри Владимир Владимирович хайҕаата. Чахчы да Айсен Сергеевич биэс сыл устата күүстээх үлэни ыыппытын түмүгэр билигин Саха сирэ Уһук Илиҥҥэ биир бастыҥ, онтон Арассыыйаҕа уон иһигэр киирэ сылдьар эрэгийиэн буоллубут. Ил Дархан сөптөөх уураахтары таһааран, сөптөөхтүк норуот этиитин истэн маннык сайдыыга кэллибит дии саныыбын.

Биир бэйэм кини саамай сөптөөх дьаһалынан Саха сиригэр “Десятилетие детства” диэн бырагырааманы ылыныыта буолар. Ол эбэтэр оҕо төрүөҕүттэн улаатыар диэри киниэхэ мэдиссиинискэй көмө оҥоһуллуутугар улахан болҕомтотун уурда. Уопсайынан Айсен Сергеевич бу кэм устатыгар нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарынарыгар, туруктаах буоларыгар элбэх дьаһаллары да ылла, уураахтары да таһаарда. Онон биһиги доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ Ил Дархаммытынан киэн туттабыт уонна махтанабыт. Маннык өйдөөх уонна үрдүк таһымнаах салайааччылаах буоллахпытына, Саха сирэ өссө да үүнэ-сайда туруо.

Онно чопчу мэдиссиинэ эйгэтин ылан көрөр буоллахха, биһиэхэ, Амма улууһугар, түөрт сыл иһигэр үс врачебнай амбулатория уонна биир ФАП үлэҕэ киирдилэр. Аны саамай үөрэрбит диэн күҥҥэ 200 киһини көрөр кыахтаах саҥа үс этээстээх поликлиника тутуута буолар. Поликлиника аны күһүн сыбаайата түһэн, тутуута саҕаланан, 2025 сылга үлэҕэ киирэн, бар дьон үөрүүтэ буолуо диэн эрэнэбин. Дьэ бу поликлиника киирдэҕинэ, ыарыһахха тута диагноз туруорар кыах баар буолуо. Ол туһугар билигин үлэлии сылдьабыт. Онно элбэх үп-харчы көрүллэр. Ону кытта биллэн туран, үлэһиттэр үчүгэй үлэлиир усулуобуйалара тэриллиэ.

Өссө биир киһи үөрэ бэлиэтиирэ диэн, бу биэс сыл иһигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр олус элбэх тиэхиньикэ кэллэ. Ол иһигэр Амма улууһа үс сыл иһигэр биэс массыынаны ыллыбыт. Уопсайа 2025 сылга диэри өссө биэс массыынаны ылыахтаахпыт. 2019 сыллаахха автопааркабыт 70 бырыһыана эргэ тиэхиньикэ эбит буоллаҕына, 2025 сылга диэри автопаарка толору саҥа тиэхиньикэ буолуо. Бу барыта нэһилиэнньэҕэ хаачыстыбалаах мэдиссиинэ өҥөтүн оҥорууга төһүү күүс буолар.

Онон мин Ил Дархаммыт Айсен Николаев ыытар үлэтин биһириибин уонна инникитин да күүстээх салайааччыбыт тула түмсэн бииргэ үлэлиэҕиҥ диэн этэбин. Дойду Бэрэсидьиэнэ Айсен Сергеевич буолаары турар быыбарга кини турунарын өйүүрүн биллэрбитин биир бэйэм олус астына уонна үөрэ иһиттим”, — диэн Амма улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Михаил Архипов санаатын үллэһиннэ.

«Амма олоҕо» хаһыат

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Отдых Обо всём Мир Культ