Хорсун хамандыырга герой аата иҥэриллиэхтээх

САХА СИРЭ. Олунньу 23 күнэ — ULUS.MEDIA. Аҕа дойдутун көмүскүү сылдьан, олохтон туораабыт эдэркээн киһи, амарах аҕа туһунан суруйарга, биллэн турар, дууһаҕар ыарахан… Ол эрээри төрөөбүт дойдуларын, дьоннорун-сэргэлэрин тустарыгар сырдык тыыннарын толук уурбут оҕолорбут, ыччаппыт туһунан хайаан да суруллуохтаах, сырдатыллыахтаах. Кинилэр олорбут олохторо атыттарга холобур буолуохтаах.

Вася, Василий Данилов… Билигин киэҥ киэлилээх Сахабыт сиригэр кини аатын билбэт, истибэтэх киһи, арааһа суох буолуохтаах. Василий туһунан миэхэ кини иккис аҕатын кэриэтэ саныыр чугас киһитэ, убайа, Чечня сэриитигэр кыттыыны ылбыт Альберт Данилов уонна олоҕун аргыһын Нарыйа күн күбэй ийэтэ Виктория Контоева кэпсээбиттэрэ.

Кинилэр уонна бииргэ анал байыаннай дьайыыга кыттыбыт уолаттар кэпсээннэрин истэн баран, хорсун хамандыырга, саха чулуу уолугар, «За боевые отличия» мэтээлинэн уонна Эр санааланыы уордьанынан наҕараадаламмыт Василий Даниловка Россия Геройа үрдүк аата иҥэриллэр толору кыахтаах эбит диэн түмүккэ кэллим. Атыттар да, ити санааҕа сөпсөһөр буолуохтаахтар.

Күн курдук сырдык Васяны

Чулуу ыччаппыт кимтэн кииннээҕий, хантан хааннааҕый? Уолчаан күн сирин 1989 сыллаахха олунньу 19 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Бороҕон сэлиэнньэтигэр көрбүтэ.

— Күн күбэй ийэтэ Лидия Васяны чэпчэкитэ суохтук оҕоломмута. Төрүүрүгэр ыйааһына наһаа кырата. Оччолорго мин орто оскуоланы бүтэрээри сылдьарым. Онтон аармыйаҕа сулууспалыы барбытым. Сулууспалаан бүтэн кэлэрбэр, Вася номнуо сүүрэ-көтө сылдьара.

Уолчааммытын бука бары наһаа таптыырбыт. Бииргэ төрөөбүт убайым, Вася аҕата оҕотун, этэргэ дылы, «сиэбэтэ эрэ». Эбээтэ Александра Иннокентьевна уонна эдьиийэ Елена Агитовна уолларын наһаа таптыыллара, атаахталлара. Олох эбээ уонна эдьиий оҕото этэ.

Васялаах бастаан уопсай дьиэҕэ олорбуттара. Онтон эһээлээҕин уһаайбаларыгар саҥа дьиэ тутан биэрбиппит. Итинтэн ылата оҕобутун кытта олох ыкса алтысппыппыт, — диэн кэпсээнин саҕалаабыта Альберт Агитович.
Сандаархай күн курдук, сып-сырдык сэбэрэлээх, мэлдьи мичээрдии сылдьар кырачаан Васяны көрбүт эрэ киһи барыта сөбүлүүрэ, таптыыра.

Байыаннай буолар баҕалаах эбит

Альберт Агитович кэпсииринэн, Вася оҕо эрдэҕиттэн байыаннай буолар баҕалаах эбит. Ол курдук, кырачаан уолчаан мэлдьи убайыттан хайдах аармыйаҕа сулууспалаабытын туһунан кэпсэтиннэрэрэ үһү.

— 1992 сыллаахха Чечня сэриитин саҕаланыытыгар түбэһэн хаалбытым. Араас эрэйдэри, кыһалҕалары эмиэ көрсүбүппүт. Ол эрээри ити кэмҥэ кыттыыны ылбыт уолаттары официальнайдык бэтэрээн оҥорботохторо. 1993 сылтан кыттыбыттар бэтэрээн буолбуттара.

Вася дьэ ону олус диэн интэриэһиргиирэ. Инникитин байыаннай буолар киһи диэх курдук. Хоонньубар киирэн сытан эрэ кэпсээммин истэрэ. Баары баарынан кэпсиирим. Эбээтин бииргэ төрөөбүт убайа НКВД-га үлэлии сылдьыбыта. Ону эмиэ интэриэһиргиирэ. Васям барахсан суох буолбутун кэнниттэн эргитэ санаатахпына, эрдэттэн байыаннай дьыалаҕа интэриэcтээх эбит, — диэн кэпсээнин салҕаабыта Альберт Агитович.

Туох да үлэттэн толлубата

Уолчаан төһө да чугас дьонун тапталларыгар бигэнэ сылдьар да буоллар, туох да үлэттэн иҥнэн-толлон турбата. Барытыгар түсүһэн иһэрэ. Амарах аҕата Василий 2002 сыллаахха массыына саахалыгар түбэһэн, күн сириттэн күрэммитэ. Онон убайыгар Альбертка ордук убаммыта.

Вася оскуолаҕа үчүгэйдик үөрэммитэ. Спортсмен, лидер этэ. Оскуолаҕа ыытыллар тэрээһиннэргэ актыыбынайдык кыттара. Быһатын эттэххэ, атыттарга холобур буолар үөрэнээччи этэ.

Орто оскуоланы бүтэрэн баран, убайын кытта бииргэ үлэлээбитэ. Оннук үлэлии сылдьан баран, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университека туттарсан, историк идэтигэр үөрэнэ киирбитэ.

— Вася университекка үөрэнэ сылдьан, аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. «Аҕам уонна убайым сулууспалаабыттара, тоҕо мин барыа суохтаахыный?» — диэн этэр буолара. ВДВ-га түбэһэн баран, дестаник буолан, кини саҕа үөрбүт киһи, арааһа, суох буолуо. Хабаровскайга сулууспалаабыта. Парашютунан 50-тан тахсата түспүт этэ. Олох туйгуннук сулууспалаабыта.

Аармыйаттан олох тосту уларыйан, боччумнанан эргиллибитэ. Урут мас кэрдиитигэр, муус ылыытыгар наар убайбын, Вася аҕатын бииргэ сылдьарым. Убайым суох буолбутун кэннэ, хайдах эрэ атын дьону кытта кыайан бииргэ бодоруһан үлэлээбэт буолан хаалбытым. Уолум сулууспалаан кэлбитин кэннэ, олус тапсан тутууга бииргэ үлэлээбипппит. Атын эмиэ быраатардаахпын да, Вася курдук буолбатахтар, кинилэри кытта эмиэ сөп түбэспэтим.

Уолум: «Атын киһи сатыырын сатыахтаахпын», — диир буолара. Техникаҕа наһаа сыстаҕаһа. Эһээтэ Николай Михайлович сороҕор Васяҕа илимин көрдөрөрө. Балыгын тутан, күн курдук сыдьаайан, үөрэн-көтөн иһэрэ, харахпар бу баар. Хоһуун да үлэһит этэ, оҕом барахсан, — диэн кэпсээбитэ Альберт.

Убайа Васяны ытык кырдьаҕастарга ураты истиҥ сыһыаннааҕын бэлиэтиир. Эбээтин наһаа диэн таптыыра үһү. Дойдутуттан тэйиччи сылдьан өрүү эбээтин туһунан ыйыталаһар эбит.

Тапталга бэринии

Вася ыал буолуута бэйэтэ туспа остуоруйалааҕа. Тапталга бэринии холобура буолуон сөптөөх. Билигин үгүс эдэр дьон, уолаттар таптыыр кыыстарын дьиҥнээх эр киһилии эккирэтиһэн билсэн испэттэрэ, кыыстан бэйэтиттэн бастакы хардыыны ирдииллэрэ, кыраттан сылтаан, тапталларыгар турууласпаттара, хомойуох иһин, баар суол. Вася оннук буолбатах этэ.

Уолчаан эдэркээн (бэйэтиттэн 7 сыл балыс), кэрэчээн Нарыйатын чугас дьонугар билиһиннэрэ Бороҕоҥҥо аҕалбыт. Кыыс төрөппүттэригэр Викториялаах Станиславка сэрэппэтэхтэр эбит. Оҕолорун сүтэрэн кэбиспит, күтүөт буолуохтаах уолу кытта үчүчгэйдик билсибэккэ сылдьар ийэлээх аҕа, биллэн турар, ыксаатахтара дии. Кыысчааннарын ир суолун ирдээннэр, Бороҕоҥҥо тиийэн кэлбиттэр. Нарыйаны туура тутаннар илдьэ барбыттар.
Ити түгэнтэн Вася кэннинэн чугуруйбатаҕа, тапталын туһугар син-биир салгыы турууласпыта.

— Уолум миигин кытта хаһан да тыл аахсыбат, этиспэт этэ. Бу түгэн кэнниттэн мөҕүллэрдии туттан, миэхэ киирбитэ. Онно мин: «Хайа нохоо, бүтүн Саха сирин үрдүнэн бэйэн саастыыта биир кыыһы булбатыҥ дуо? Буолаары буолан, спортсмен дьиэ кэргэн Контоевтар кыыстара эбит дии», — диэн тоһуйбутум. Онуоха Вася: «Бэйэн кэргэнин Александра эйигиттэн 12 сыл балыс дии. «Таптал хараҕа суох» диэн бэйэн этээччигин дии», — диэн матаран кэбиспитэ, — диэн кэпсээбитэ убайа Альберт Агитович.

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, Вася итинтэн тохтоон хаалбатаҕа, тапталын туһугар салгыы турууласпыта. Нарыйатын батыһан Дьокуускайдаабыта уонна үөрэххэ киирбитэ. Аны таптыыр кыысчаана Хабаровскайга үөрэнэ барбытыгар, онно тиийбитэ. Хабаровскайга эрдэттэн байыаннай буолар баҕалаах Вася анал суолталаах гвардейскай биригээдэҕэ байыаннай хантараак түһэрсибитэ. Ити 2013 сыл этэ.

Нарыйалаах Василий Дайаана уонна Сайнаара диэн кыргыттардаахтар. Сайнаара күн сирин көрбүтүн кэнниттэн амарах аҕата уоппускаҕа кэлэ сылдьыбыт. Кыра оҕотун көрөн бараахтаабыт. Билигин Сайнаара аҕыс ыйа эрэ. Убайа Васяны олус оҕомсоҕо диэн кэпсиир. Аймахтарын оҕолорун мэлдьи сыллыы, көтөҕө сылдьара үһү.

Туохтан да чаҕыйбата

Кини бу байыаннай чааска олоҕун тиһэх күннэригэр диэри, уон сыл устата чиэстээхтик сулууспалаабыта. Талбыт дьыалатыгар бэриниилээх, эппиэтинэстээх, бэрээдэктээх Василий биир идэлээхтэрин уонна байыаннай чаас салалтатын ытыктабалларын ылыан ылбыта.

2015 сыллаахха кинини разведовательнай бөлөх хамандыырынан анаабыттара. Украинаҕа анал байыаннай дьайыылар саҕаламмыттарын кэннэ, Василий үөлээннээхтэрин кытта тута, анал соруктары толоро командировкаҕа барбыттара.

Анал байыаннай дьайыыларга старшай сержант Василий Данилов Аҕа дойдутун, дьонун туһугар туохтан да толлубатын, хорсунун көрдөрбүтэ. Ол курдук, бэйэтин толук уурартан кэрэйбэккэ, хаста даҕаны бааһырбыт байыастары ардах буулдьа анныттан таһаарбыта.

Вася тиһэх киирсиитигэр, Донецскай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин Павловка сэлиэнньэтин анныгар эмиэ бөлөх хамандыырынан сылдьыбыта. Бу бөлөххө мобилизацияламмыт биир дойдулаахтара бааллара. Уот ортотуттан бааһырбыт Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан төрүттээх Ньургуну (аата уларытылынна) таһаарбыта. Ол кэнниттэн Ньургун сибээскэ тахсан, бөлөх хамандыырын көмөтүнэн, бары тыыннаах хаалбыттарын туһунан биллэрбит.

Василий мобилизацияламмыт биир дойдулаахтарыгар олох бырааттарын курдук сыһыаннаспыта. Мэлдьи харыстыы, байыаннай уопутуттан кэпсии-ипсии сылдьара, сүбэ-ама буолара.

Бииргэ сулууспалаабыт уолаттара хамандыырдара олус хорсунун, туохтан да чаҕыйбатын бэлиэтииллэр эбит. Бааһырбыт саллааттарыгар жгут баайа охсон, промедол укуол туруора охсон, сырдык тыыннарын быыһаталаабыт. Итини таһынан икки танкиска уонна муора пехотатын байыаһыгар бастакы көмөлөрү оҥортообут.

Бу ыстатыйаны суруйа олордохпуна, убайа Альберт уонна Нарыйатын ийэтэ Виктория Хабаровскайга Василийга аналлаах баннер туруоруутугар сылдьаллара. Кинилэр итиннэ квадрокоптер, о.д.а. гуманитарнай көмөлөөх тиийбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Онно Викторияны кытта сибээстэһэ сылдьыбытым.

Күтүөтүм Василий бииргэ сулууспалаабыт уолун Платоны (аата уларытылынна) көрсөн кэпсэтэ сырыттым. Вася кини бааһырбытын кэнниттэн, уот будулҕан ортотуттан иккитэ быыһаабыт эбит. Онон хамандыырыгар олус диэн махталлаах, — диэн Виктория кэпсээтэ.

Биир күн мэник буулдьа Василийбытын ситэн кэлэн сиэбитэ. 33 саастаах эрэ эдэркээн киһи сырдык тыына быстыбыта. Биһиги хорсун биир дойдулаахпыт, Васябыт, төһөлөөх элбэх киһи сырдык тыынын быыһаабытый?.. Россия Геройун ааты баҕарар сүгэр кыахтаах дии саныыбын. Бииргэ сулууспалаабыт уолаттара эмиэ итинник санаалаахтар.

Биллэр суруналыыс, Горнай улууһан «Үлэ күүһэ» хаһыакка өр сылларга эрэдээктэрдээбит Василий Алексеев «Чудо оружие СВО» дэммит саха саллааттарыттан, геройдуу быһыыны көрдөрөн, охтубут уолаттарбыт бааллар эрээри, бүгүҥҥүтэ Россия Геройа суох» диэн суруйбутун аахтым. Биһиги биир дойдулаахтарбыт хайдах курдук хорсуннарын күөх экраҥҥа «Боотур» этэрээт байыастара кэпсииллэрин млдьи истэбит. Василий Алексеев атын регионнар хайдахтаах курдук туруорсаннар, биир дойдулаахтарыгар герой үрдүк аатын иҥэттэрэллэрин холобурга аҕалбыт. Ол курдук, Бурятия — 8, Татарстан — 5, Башкирия — 5, Чувашия — 3 Россия Геройдарынан, хорсун буойуннарынан киэн тутталларын ахтыбыт. Тывалар геройдарын Мерген Донгагы хайдахтаах курдук чиэстээбиттэрин бэйэҕит билэ-көрө сылдьаҕыт. Чечня геройдарын туһунан мэлдьи сырдатыллар.

Калмыкия Мариупольга сырдык тыына быстыбыт Андрей Кунаковка Россия Геройун үрдүк аатын иҥэрэргэ Элиста куорат классическай гимназията этии киллэрбитин, 5 тыһыынчаттан тахса киһи өйөөн илии баттаабыт. Калмыкия баһылыга Бату Хасиков үрдүкү тэрилтэлэргэ туруорсар суруктары ыыталаабыт. Биһиги Василийбыт Россия Геройун аатын сүгэригэр калмыктар курдук уопсастыбаннас, салалта турунуон наадалаах.

Видео: Уус Алдан улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата

Людмила НОГОВИЦЫНА

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ