Ил Дархан этиитэ нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуутугар туһуланар

Күн бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Николаев ситэ төлөммөтөх үүт субсидиятын харчытын оройуоннарга тиэрдэргэ Бырабыыталыстыбаҕа сорук туруорда. Чурапчы улууһун Аҕа баһылыга Степан Саргыдаев бу дьаһал туһунан санаатын үллэһиннэ:

— Чурапчы улууһа — өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга биир бастыҥ көрдөрүүлээх, инники күөҥҥэ сылдьар стратегическай суолталаах улуус буолар. Ол эбэтэр, 2024 сыл түмүгүнэн баалабай бородууксуйа кээмэйэ 2 миллиард 128 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ, эрдэтээҥҥи көрдөрүүттэн 16% улаатта.

Быйыл 2026 сылы Олохтоох оҥорон таһаарыы сылынан биллэрдибит. Былырыын биһиги 5300 туонна үүтү соҕотуопкалаабыт буоллахпытына, быйыл төбөҕө бэриллэр харчыны суох гынан үүтүнэн бардыбыт, көрүллүбүт үүппүтүнэн 5600 туоннаҕа былааннанан олоробут, Айсен Сергеевич бэҕэһээҥҥи этиитин үөрэ иһиттибит.

Нэһилиэнньэбит дохуоттаах буолуутугар, сибиэһэй бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйатынан хааччыйарга саамай сөптөөх этии. Ону сэргэ, 2024 сыл кулун тутар 29 күнүгэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох оҥорон таһаарыыны уонна туризмы сайыннарыы» ылыллыбыт стратегическай Ыйаахха этиллэринэн, 2030 сылга диэри тыа хаһаайыстыбата оҥорон таһаарар бородууксуйатын сүрүн 7 көрүҥүн 1,5 төгүл үрдэтэргэ сыал-сорук туолуо этэ. 


Также по теме:
Средства за перевыполнение плана заготовки молока доведут до районов Якутии

Читайте нас в:

Последние новости

Читайте дальше