Бүгүн Былатыан Ойуунускай аатынан литературнай түмэл уораҕай саалатыгар ССРС уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик, публицист, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ оҥорон таһаарыы эйгэтигэр Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Чурапчы улууһун уонна Одьулуун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, норуодунай суруйааччы Василий Назарович Егоров-Тумарча 90 сааһын томточчу туолар үбүлүөйдээх бэлиэ түһүлгэтэ тэрилиннэ.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар СӨ култууратын миниистирэ Афанасий Ноев, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ социальнай үлэтин бочуоттаах үлэһитэ, Ил Түмэн депутата Альбина Поисеева, СӨ суруйааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Андросов, СӨ норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов, СӨ суруйааччыларын Сойууһун солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева, СӨ норуодунай суруйааччыта, култуура үтүөлээх үлэһитэ, Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Павел Харитонов, итиэннэ суруйааччыны кытта ыкса алтыһар дьоно-сэргэтэ, биир үөлээннээхтэрэ, уопсастыбаннас кыттыыны ылла.
Норуодунай суруйааччы Василий Назарович Егоров-Тумарча үөрүүтүн үллэстэр:
— Тоҕус уон сааспын томточчу туолан, сүһүөҕүм үрдүгэр уйуттан кэллим. Онон бэйэм аймахтарбар саамай уһун үйэлээх киһи буолбуппуттан үөрэбин. Ийэм, аҕам, убайдарым, быраатым даҕаны сэттэ уон саастарыгар тиийбэккэ, бу күн анныттан күрэммиттэрэ. Онон олох куоһаран, ырааҕынан куотан, эһиги иннигитигэр кэлэн турабын. Дьылҕа Хаан бэйэтэ билэринэн көрөн-истэн, төһөнү биэрэринэн, өссө да олох олорор баҕалаахпын. Ороҥҥо олох сыппаппын, төһө күүһүм кыайарынан атахпар сылдьан, айа-тута сатыыбын, өссө биир-икки кинигэни суруйан, күн сирин көрдөрөр улахан баҕалаахпын.
Кэргэним барахсан балыыһаҕа көрдөрүнэ диэн киирэн баран, тыыннаах эргиллибэккэ, кэргэммин аһыйан, мөлтүү-ахсыы сырыттым. Ол да буоллар, санаам күүстээх. Күҥҥэ үстүү-түөртүү килэмиэтири сибиэһэй салгыҥҥа хаамар этим, ол дьарыкпын салҕаан эрэрбиттэн үөрэбин.
Билигин Олимпиада чөмпүйүөнэ Павел Пинигин туһунан улахан арамаан суруллан бүтэн эрэр, кинигэҕэ олоҕо-дьаһаҕа, төрдө-ууһа, тустуута барыта киирдэ.
Чурапчы улууһун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников:
— Баһылай Наһаарабыс киһи быһыытынан олус судургу, сэмэй. Чурапчы улууһа кининэн киэн туттар, холобур оҥостор ытык киһибит буолар. Кини 90-с сыллар саҕана бэйэтэ Хахыйах диэн учаастакка тахсан, тыа хаһаайыстыбатын тэринэн, кырата суох 13 сыл үлэлээн, бу эйгэҕэ бэлиэ суолу хаалларбыт киһинэн биллэр. Ытык кырдьаҕаспыт үбүлүөйүн көрсө улууспутугар улахан научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа, итиэннэ дойдутугар Одьулууҥҥа эмиэ кини аатын үйэтитиигэ араас хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара.
Биир дойдулааҕа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн норуодунай депутата Альбина Поисеева:
— Норуодунай суруйааччы Василий Назарович Егоров — Тумарчаны саха тыллаах үксэ билэр буолуохтаах, кини аатыгар, талааныгар, айар үлэтигэр сүгүрүйэр буолуохтаах. Кини мин биир дойдулааҕым, биир нэһилиэктэн төрүттээхпит. Киһи быһыытынан сахаҕа эриэккэс киһи. Хаһан да, кими да кытта кыыһырсан, этиһэн, бурайсан турбутун ким даҕаны истибэтэҕэ буолуо. Аны кини интэлигиэн суруйааччы буолбакка, Чурапчы улууһун саамай уһук сытар нэһилиэгэр бэйэтэ тылланан, тыаҕа тахсан, хаһаайыстыба тэринэн, онно саҥа дэриэбинэ олохтоон, хотон, дьиэ-уот туттаннар, дьиэ кэргэнин кытта олус дьоллоохтук бу олорбуттара. Манна суруйааччы Далан киниэхэ тахсан сайынын сайылыыра, онтон да атын биллэр суруйааччылар кини сайылыгар кэлэн, дуоһуйа сынньанар буолбуттара. Онно Тумарча бу икки илиитинэн хотоҥҥо сүөһүнү көрөн, сааҕын күрдьэн, аһатан-сиэтэн, тыа киһитин быһыытынан сиэрдээхтик олорбуттара. Кини курдук суруйааччы аҕыйаҕа буолуо дии саныыбын. Итинник диэн туран, күндү киһибитин үбүлүөйдээх сааһынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин, чэгиэн туругу баҕарабын.
90-с хаарын санныгар уулларбыт ытык кырдьаҕас, айар үлэтин уоҕун ыһыктыбат норуодунай суруйааччы Василий Назарович Егоров — Тумарча ийэ тылбыт сайдарыгар дьоһун кылаатын өссө да хорутуулаахтык киллэрсэ туруохтун.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.
Читайте нас в:
