Ньурбаҕа 10 чаас устата уот арахса сырытта. Энергетиктэр Ньурба подстанциятыгар 10 кВ кабель сир анныгар алдьаммытын оҥорон, саахалы туоратан, 16:08 ч уоту биэрдилэр, билигин линиялары уочаратынан холбуу сылдьаллар. Бу туһунан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Василий Семенов иһитиннэрэр, диэн оройуон хаһыата сырдатар.
Социальнай эбийиэктэр эмсэҕэлээбэтилэр, улахан хоромньу тахсыбата. Резервнэй уоту биэрэр ситимнэр үлэлээтилэр, инньэ гынан хочуолунайдар үлэлэрэ тохтообото.
Көмөҕө наадыйар биирдиилээн дьоҥҥо билигин чөлүгэр түһэрии үлэтин куорат дьаһалтата уонна Ньурбатааҕы быыһыыр сулууспа этэрээтин үлэһиттэрэ ыыта сылдьаллар.
Лена Петрова
Читайте нас в:



