Оччолорго салайан олорбут Ил Дархан Егор Борисов 2011 сыллаахха бэс ыйын 27 күнүгэр таһаарбыт ыйааҕынан Саха Өрүспүүбүлүкэтигэр Хомус күнэ сэтинньи ый 30 күнүгэр бэлиэтэнэр.
Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Бүлүү улууһун Хампа нэһилиэгин тимир ууһа – Степан Осипов. Кини 1992 сыллаахха от ыйын 13 күнүгэр күн сирин көрбүтэ, оҕо сааһа бүтүннүүтэ онно ааспыта. Төрөөбүт дойдутугар, улууһугар, итиэннэ тимир уустарын икки ардыларыгар хайҕабылга сылдьар кэскиллээх хомус ууһа буола үүннэ.
Степан, сэтинньи 30 күнэ – Өрөспүспүүбүлүкэҕэ Хомус күнүнэн биллэр. Эн, эдэр киһи, хомус ууһа буоларгар хантан тирэҕирдиҥ?
— Уон түөрт сааспар «Хомус» уһуйааныгар киирэн, Петр Федотович Осипов – Төлөн Уус курдук айылҕаттан талааннаах, биллэр тимир ууһугар, норуот маастарыгар төгүрүк 4 сыл хатарыллыбытым. Дьэ, киниттэн тимир курдук уустук матырыйаалы хайдах туһанарга үөрэммитим.
Итиэннэ, ийэм төрүччүтүгэр тимир уустара бааллара эбитэ үһү, онон аҥаардас баҕа санааны батыһыы эрэ буолбакка, айылҕаттан эмиэ бэрилиннэҕэ дии саныыбын.
Тимиртэн ураты тугу уһанаҕын?
— Эрдэ, кылгас кэмҥэ маһынан дьарыктана сылдьыбытым, онтон тимиргэ көһөн, билигин хомустары, итиэннэ быһахтары оҥорон таһаарабын.
Хомус тыаһа-ууһа араастаһар дуу?
— Бэйэм оҕо эрдэхпинэ хомус куруһуогар дьарыктаммытым, онон хомус тыаһын билэбин. Итиэннэ хомус ууһа оонньуурга үөрэниэхтээх, оччоҕо эрэ үлэтэ табыллар буоллаҕа дии. Хомус тыаһа үрдүк, орто, намыһах диэн үс көрүҥҥэ арахсар.
Маны тэҥэ, тас көрүҥэ эмиэ биир сүрүн оруолу ылар. Тус бэйэм хомуһу боростуой тимиртэн эрэ буолбакка, саха болгуо тимириттэн эмиэ оҥоробун. Быһа холоон 300-чэкэ хомус мин илиибинэн оҥоһуллан таҕыста.
Сэрэйдэххэ, сакаас элбэх буолуо?
- Эппиккэ дылы, тохтоло суох киирэ турар, ол курдук, араас улуустартан, тас дойдулартан эмиэ сакаастаан оҥоттороллор. Бэйэм даҕаны дуоһуйууну ылабын, онон үлэ да курдук санаабаппын. Сакаас киирдэ даҕаны, бүтэрэ сатыыр түбүгэр түһэбин.
Хас биирдии оҥоһукпар кичэллээхтик сыһыаннабын, сүрэхпин арыйан туран чочуйабын. Күн бүгүн Бүлүү улууһун уустара сакаас быһыытынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар саха быһахтары оҥоро сылдьабыт. Онон үлэбит үгүс.
Матырыйаалгын хантан булаҕын?
— Эрдэ бэлиэтээбитим курдук, болгуо тимириттэн хомус эрэ буолбакка, быһах эмиэ оҥоробун. Күрэхтэргэ болгуоттан оҥоһуллубут буолара ирдэнэр. Бүлүү улууһугар аатырар Ахталдьыйаан диэн хайа баар. Онно тиийэн таас хомуйабыт, ол руда диэн ааттанар.
Болгуоттан хомус быһыытын-таһаатын хайа баҕар тимир ууһа оҥорон таһаарар кыахтаах, саамай уустуга – хомус тылын оҥорор. Хайдах хатарыллааһыныттан хомус тыаһа-ууһа олус тутулуктанар.
33 сааскар номнуо биллэр-көстөр уус буолбуккун. Эн саастыы ыччат, ылла ылаат тимиринэн уһанан барбат ээ. Итэҕэллээх, туһунан көрүүлээх-истиилээх, иитиилээх киһи буолуохтааххын?
— Саха омуга буоларбыт быһыытынан, хас биирдии тимир ууһа – итэҕэллээх. Алдьатыах, оҥоруох иннигэр Айыыларбытыттан, төрүччүлэрбититтэн көрдөһөбүт-ааттаһабыт. Хомуһу, уһуктааҕы оҥоруу – борустуой маһынан олоппоһу дуу, орону дуу оҥоруу буолбатах.
Хайдах эрэ син биир атын санааҕа, турукка киирии баар буолар курдук, тоҕо диэтэххэ, хас биирдии оҥоһук төрөппүт оҕо тэҥэ чочуллан тахсар. Уус киһи оҥоһугар кыһаллар-мүһэллэр, сүрэҕэ долгуйар.
Эдэр, элбэҕи эрэннэрэр тимир ууһа Степан Осипов быйыл Бүлүү улууһун уус-уран норуот оҥоһуктарын маастара буолбута. Инникитин Саха сирин норуотун маастара буолар улахан баҕалаах. Итиэннэ, оҕо аймаҕы кыра сааһыттан уус хайа баҕар көрүҥэр уһуйан, тарбаҕар талааннаах саха уустарын ахсааннара элбээн, албан ааттара киэҥ сиргэ аатырыан баҕарар.
Валентина ДОГОЮСОВА
Читайте нас в: