Сэтинньи бүтэһик субуотатыгар Собо күнүн олохтуоҕуҥ

Биһиги өбүгэлэрбит собо балыгынан аһылыктанан, тыыннаах, чэгиэн хаалалларын таһынан тыйыс айылҕалаах хоту сири тилэри баһылаан, оҕо-уруу тэнитэн сириэдийдэхтэрэ. Саха ыаллара алаастарынан, күөллэринэн тарҕанан олорбут буоланнар, хас күөл аайы собо ыытан үөскэтэн, туулаан, илимнээн, муҥхалаан, куйуурдаан, сылы эргиччи үссэнэр ас оҥостубуттара. Собо элбэх битэмииннээх балык буолан, тыйыс тымныыны, ыарыыны-сүтүүнү тулуйан, туораан, саха омук баччаҕа тиийэн кэллэҕэ.

Сэрии саҕанааҕы сут-кураан дьылларга собо, быччыкы элбэх киһини быыһаабытын туһунан уос номоҕор хаалбыт кэпсээн элбэх. Мин эбэм Акулина Васильевна Шеломова-Борисова, үлэһит илии тиийбэт буолан, холкуос сүөһүтэ сиир отун хас даҕаны сыарҕалаах атынан соҕотоҕун тиэйэрэ үһү. Сааһыары сутааннар, дьон хоргуйан өлүүтэ саҕаламмытыгар халҕаннарын сүөһү тириитэ бүрүөһүнүн бысталаан, буһаран сииргэ тиийбиттэр.

Эбэм отун тиэйэн кэлээт, Куолумаҕа киирэн куйуурдуур, ойбонун бэйэтэ тэһэр, доруобуйатынан сэриигэ барартан босхоломмут И.Н. Мохначевскай-Сарахаас Уйбаан ойбон мууһун күрдьэҕинэн баһан, киниэхэ көмөлөһөр эбит. Хас даҕаны күн мэлийэн сырыттахтарына, биир киэһэ ойбонноруттан собо бөҕө өрө тэбэн тахсыбыт.

Аҕыс куул кэриҥин баспыттар. Чыаппара быстан эрэр ыалларыгар түҥэтэн, элбэх киһи тыынын өрүһүйбүттэр. Мин оҕо сылдьаммын эмээхситтэр: “Өкүлүүн барахсан собо бэрсэн, тыыннаах хаалбыппыт”, – диэн кэпсэтэллэрин истэрим.

Өбүгэлэрбит сылгы сиэлиттэн, кутуругуттан илим, муҥха өрөн, күөх далай эбэлэри тардаллара. Тыа сирин оҕолоро нэһилиэк муҥхатыгар сылдьан, ким көхө тутан, ким нырыылаан, балык өлүүтүгэр тиксэннэр, дьоннорун үөрдэллэрэ. Хас нэһилиэк аайы муҥханы иилээн-саҕалаан, туона үктээн, үлэһиттэри хамаандалаан кэлбит, норуот таптаан “генералбыт” диир дьоно баар буолаллар.

Ол курдук, мин төрөөбүт нэһилиэкпэр, Чурапчы Чыаппаратыгар, 1980 – 1990 сс. П.Г. Попов-Бөөкө Бүөтүр, И.Н. Сорокоумов-Уйбааскы, В.Ф. Протодьяконов-Бурҕаа Баһылай эрдэттэн мунньахтаан, ким ханна тардыахтааҕын, ханнык күөлү сынньаталларын быһаараллара. Муҥхаларын киэҥ-куоҥ сиргэ – кулуупка киллэрэн, абырахтаан, бэрийэллэрэ.

Муҥха балыгын үллэстиигэ соҕотох олорор кырдьаҕастарга итиэннэ өрөбүлэ суох үлэһиттэргэ – дайааркаларга, уу уонна үүт тиэйэр массыыналар суоппардарыгар, дьыссаакка диэн өлүүлээн биэрэллэрэ. Куораттан, атын улуустан кэлбит ыалдьыттарга урут кутан биэрэллэрэ, балык ордуох курдук буоллаҕына, эбэн биэрэллэрэ.

Муҥханы таастаан таһаарбыт киһи “таас собото” диэн бөдөҥ собону эбии ылара. Анньыыһыттар эмиэ эбии балыкка тиксэллэрэ. Саха дьонугар ыһыах кэнниттэн саамай элбэх киһи түмсэр тэрээһинэ муҥха этэ. Былыр муҥха кэмигэр эдэр дьон көрсөн, ыал буолаллара. Муҥха кэмигэр көр-нар көҕүлүттэн тутуллара.

Былыр Алаҕар нэһилиэгэр улахан муҥханы Боотуруускай улуус кулубата М.С. Шеломов бэйэтинэн салайан, тэрийэн ыытара үһү. Туонаҕа кэлбит собону улахан мас дьааһык хопполорго тиэйэн таһааран, нэһилиэк дьонун матарбакка түҥэтэрэ дииллэр.

Кэлин кинини кулаахтаан, Соловки хаайыытыгар укпуттарыгар, онно даҕаны олорон, кылтан бэйэтэ муҥха, илим таҥан, бииргэ олорор дьонун аһатар эбит. Үс сылга түбэһэн баран, холуонньа дьаһалтатыгар бииргэ олорор дьонун бырааптарын көмүскээн, дэлби кырбанан өлбүт этэ. Соловкиттан кини тус дьыалатын суруйааччы доҕорум Баһылай Харысхал булан аҕалан биэрбитэ.

“Байанай” сурунаал эрэдээксийэтэ 2005 сылтан Дьокуускай куораттааҕы Арчы дьиэтигэр хас сэрэдэ аайы Булчут киэһэтин тэрийэр буолбута. Эр дьон бөҕө мустан, булт туһунан кэпсэтэрбит, булчут кыһалҕаларын дьүүллэһэрбит. Оччолорго Ютуб диэн суоҕа, Канадаҕа, Эмиэрикэҕэ, о.д.а. омук дойдуларыгар дьон ох саанан, араас саанан бултууллара DVD диискэҕэ уһуллубутун кэрэхсээн көрөрбүт.

Итинник көрсүһүүлэр түмүктэригэр “булчут күнэ күөрэйиэхтээх эбэтэр халандаарга “Булчут күнэ” диэн бэлиэтэниэхтээх” диэн идиэйэ үөскээбитэ. Сурунаал эрэдээксийэтэ ол туһунан туруорсуулаах суругун сүрүн эрэдээктэрбит И.К. Макаров Ил Дархан Е.А. Борисовка бэйэтигэр туттарбыта. Онтон сиэттэрэн, саха дьонугар сүҥкэн суолталаах Ыйаах тахсыбыта.

Арассыыйаҕа бастакынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2012 сылтан саҕалаан муус устар бастакы субуотатыгар Булчут күнэ бэлиэтэнэр, эр дьон сөбүлүүр тэрээһинэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллар буолбута. Онуоха мин тус кылаатым баарынан киэн тутта саныыбын.

Аны онтон эрдийэммит Арчы дьиэтигэр 2013 сыллаахтан сэтинньигэ, Байанай ыйыгар, нэһилиэктэргэ күһүҥҥү күргүөмүнэн муҥхалааһын кэнниттэн “Оо, собо барахсан!” диэн собо балыкка аналлаах тэрээһини саҕалаабыппыт. Дьоро киэһэбитин саха дьоно сүрдээҕин сэҥээрэн, сөбүлээн кэлэн оонньууга, көргө-нарга кыттара. Сылтан сыл кыттааччы, көрөөччү эбиллэн-элбээн, кэнники Эргэ куорат түөлбэтигэр Куруһаалаҕа тэрийэн ыытар буолбуппут.

Тэрээһин чыпчаал түгэнэ – “Тойон собо” аат-суол бастыҥнарын быһаарыы. Дьон бэйэлэрин нэһилиэктэрин, дойдуларын сураҕырдаары күһүҥҥү муҥхаҕа, илимҥэ хаптарбыт саамай бөдөҥ соболорун анаан-минээн соһон-сыһан аҕалан күрэстэһэллэрэ. Омуна суох, адаҕа саҕа соболор баар буолааччылар. Бириистэрбитин үксүгэр бөдөҥ, эмис соболоох Бүлүү Үгүлээтин балыксыттара “хомуйаллара”.

Ол курдук, Үгүлээт нэһилиэгин Макаар Күөлүттэн бултаммыт 2 киилэ 816 кыраам ыйааһыннаах собо биһиги тэрээһиммит устуоруйатыгар үйэлэргэ хаалбыта. Кыайыылаахтарга эрэдээксийэбит уонна спонсордарбыт туруорбут сыаналаах бириистэрин туттарааччыбыт.

Үс бастыҥ иһигэр киирбит соболору аукциоҥҥа оонньотуу эмиэ олус сэргэхтик ааһааччы. Холобур, бастаабыт собону “Охота и рыбалка в Якутии” биэрии салайааччыта, ыытааччыта Александр Борисов 5 тыһ. солкуобайга атыылаһан баран, дьоро киэһэ саамай аҕа саастаах ыалдьыта, Чурапчы кырдьаҕаһа Евдокия Филипповна Бомбоеваҕа үөрдэ-көтүтэ бэлэхтээбитэ.

Онтон биир күһүн аукционтан киирбит 4,5 тыһ. солкуобайы Дьокуускай куораттааҕы көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Ибрагим Имниязовка туттарбыппыт. Чыаппара нэһилиэгин баһылыга Ньургун Попов өбүгэ үгэһинэн нэһилиэк муҥхатыттан хас даҕаны куул собону аҕалан, кырдьаҕастарга босхо түҥэппитэ.

“Байанай” сурунаал эрэдээксийэтин уонна Арчы дьиэтин үлэһиттэрэ собо буһаран, ыһаарылаан, биир даҕаны киһини матарбакка, күндүлүүллэрэ. Биэчэрбитин булгуччу алгыһынан саҕалаан баран, оһуохайынан түмүктүүрбүт.

Күндү ааҕааччыларбыт, сахам дьоно, тыйыс айылҕалаах сири-уоту баһылаабыт норуоту сут-кураан дьылларга хоргуйан өлүүттэн быыһаабыт балыкпытын кэриэстиир, үйэтитэр ытык иэстээхпитин санатан туран, муҥха үтүө үгэстэрин салгыыр, кэнэҕэски ыччакка өйдөтө-саната турар инниттэн Собо күнүн туруорсууга холбоһоргутугар ыҥырабын.

Сэтинньи – Байанай ыйын бүтэһик субуотата Собо күнүгэр ордук барсар: дьыл баччатыгар муҥхалааһын түмүктэнэр, өрүс суола аһыллар, улуустартан-нэһилиэктэртэн балыксыттар ити күн көмүс хатырыктаахтарын аҕалан, киин куорат олохтоохторугар атыылаан үөрдүө-көтүтүө этилэр. Собо күнэ Саха сиригэр хайаан даҕаны олохтонорун туһугар бары биир өйгө-санааҕа түмсүөҕүҥ!

Юрий Борисов,
“Байанай” сурунаал бас эрэдээктэрэ

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ