Нам улууһугар «Туой, ыллаа, хомуһум» үрүҥ көмүс Ытык Бэлиэ эстафетата түмүктэннэ

Бу кэскиллээх тэрээһин Хомус биһигин, «Дьүрүл» хомус фольклорнай ансаамбылы төрүттээччи, салайааччы Миитэрэй Кырбаһааҥкын 2025 сылга төрөөбүтэ 85 сылыгар ананар.

Олоҥхо декадатын уонна Хомус күнүн чэрчитинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС култууратын туйгуна, олоҥхоһут, алгысчыт, норуот ырыаһыта, импровизатор хомусчут, Нам улууһун Таастаах, Бартыһаан нэһилиэктэрин Ытык киһитэ Дмитрий Иванович Кривошапкин аатынан «Туой, ыллаа, хомуһум» үрүҥ көмүс Ытык бэлиэ Нам улууһун бары нэһилиэктэрин кэрийэн, бүгүн, Хомус күнүгэр Бартыһааҥҥа кэлэн, түмүктэннэ.

Хомус куттаах Бартыһаан олохтоохторо эһиилги үбүлүөйдээх сылыгар бу үгэстэрин өрөспүүбүлүкэҕэ салгыыр былааннаахтар.

Валентина Догоюсова

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ