Кубаны сүрдээх кыраһыабай, ыраас, бөдөҥ, толуу дьахтарга тэҥнииллэрэ. Ол туһунан былыргы араас кэпсээннэри, үһүйээннэри кэпсииллэрэ. Былыр бултаатахтарына даҕаны, эбэтэр туох эмэ бултуур сэптэригэр оһол курдук түбэстэҕинэ даҕаны дьахтар сытар хаҥас түннүгүнэн дьиэлэригэр киллэрэллэрэ уонна кини астааһыныгар, үргээһинигэр дьахтары олох кытыннарбаттара үһү. Инньэ гыннахтарына оҥорбут айыылара, сэттэрэ-сэмэлэрэ суох буолара, айыыта-харата дьиэ иһинээҕи дьахталлары таарыйбат дииллэрэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун кииниттэн соҕуруулуу-арҕаа Ньурба улууһун оруобуна быыһыгар Куоҥхаар үрэх үөһээ тардыытыгар Уксакаан диэн улахан күөл баар. Уксакааны кытта аҕыйахтыы маһынан быысаһан өссө үс улахан күөллэр аҕыстыы-балыстыы курдук сыталлар. Былыр кус-хаас бөҕө үөскээбит, сүүрэр атахтаах бииһин ууһа тоҕуоруйан турбут сирэ.
Урут «Уксакаан» диэн ааттаах кыра колхоз олорбут. Кэлин Тоҥуо Куонуга холбонон биир колхоз буолбута дииллэр. Мин ити күөлгэ пенсияҕа тахсан баран сүүрбэччэ сыл, 1981 сылтан 2002 сылга дылы, оттоон-мастаан олорбутум.
Онно көтөр-сүүрэр быһыытын үөрэтэн, кэтээн көрдөххө бэйэтэ туспа уратылар даах, быһыыта-майгыта, олоҕо син атын хамсыыр харамайдар курдук. Айылҕаттан үлэлээн булан аһыыллар, олохторугар ханнык баҕарар ыарахаттары көрсөллөр.
Былыр-былыргыттан сахалар кубаны убаастыыр-ытыктыыр, кинини өлөрбөт, тохтоон сытар, сынньанар сириттэн үргүппэт үгэстээхтэр. Ол сиэринэн эһэлээх эбэм күөллэригэр куба кэлэн түстэҕинэ олох ыттарбат, көтүппэт, кинини кыыллаппат этилэр.
Онон кубаны бултаһааччым суох. Олорор күөлбэр саас күөл мууһа барыыта уонна күһүн алтынньы саҥатын эргин хайаан да түһэн сынньанан ааһаллар. Кинилэр арааһа айанныылларыгар хонон ааһар сирдэрэ биир буолар быһыылаах. Ол аата син айан дьонун курдук сынньанан, тохтоон ааһар сирдээх буолаллар дии саныыбын. Кэтээн көрдөххө, кэлэн хонор чыыһылаларын көтүппэттэр.
Биирдэ саас Ньукуола биир хонук ааспытын кэннэ ыам ыйын 23 күнүгэр кус маныы олордохпуна, өтөх үрдүнэн соҕуруу диэкиттэн лаппа соҕус үөһэнэн 7 куба киирэн кэллэ да, күөл ортотугар түһэрдии кынаттарын ыытынан кэбистилэр. Улаханнык хоҥкунас куоластарынан саҥараллар.
Өр-өтөр буолбатылар «туох куттал баар эбитий» диэн күөллэрин эргийэн баран күөл ортотугар барылыы түстүлэр. Онтон кинилэр кэлбит сирдэрин диэкиттэн маһы эрэ үрдүнэн соҕотох куба иһэрэ көһүннэ. Мин үрдүбүнэн кэлэн ааһыытыгар көрдөхпүнэ, аҥаар атаҕа аллара түһэ сылдьар, маҥан түөһүгэр хаан кытаран көстөр.
Үөрдэрин таһыгар бэрт эрэйинэн уһуннук сапсынан түстэ. Кыратык олоро түһэн тугу эрэ суламмыттыы дуу, мөҥүттэрдии дуу саҥаран баран бытааннык уҥуор уста турда.
Бүнүөкүлүнэн көрдөххө, син өр айаннаан күөл кытыытыгар манчаарыга тахсан төбөтүн кынатын иһигэр уктан сытынан кэбистэ. Атыттара өр олорболоон баран, кэпсэтэрдии саҥарса-саҥарса доҕордоругар аа-дьуо уста турдулар. Доҕордорун таһыгар тиийэн, тэйиччи соҕус аһыы-аһыы сырыттылар. Онтон биир саамай улаханнара төбөтүн уһатан хамсаабакка харабыл буолан олордо.
Киэһэ буолан мин кустары ытабын да, кыһаллыбаттар. Бастакы саа тыаһыгар өгдөйөн иһиллээн баран, «ити биһиэхэ куттала суох» эбит диэбиттии наадыйбат буоллулар, эбэтэр биһигини манна тыытааччылара суох диэхтэрин эмиэ сөп курдук.
Кинилэр мин сытар дьиэбиттэн 300-чэ миэтэрэлээх сиргэ икки хоннулар. Күнүс утуйан туран баран, кинилэри чугастан көрөөрү арыы талаҕынан сирэйдэнэн үөмэн киирэн истэхпинэ биирин кыайа илик ытым оҕото кэннибиттэн иһэр эбит. Бастаан кыыллаталыыра буолуо дии санаатым. Сүүс миэтэрэ киирбитим кэннэ ытым оҕото көрөн сытар куба диэки ойдо.
Дьэ, доҕоор, кытаанах бөдөҥ саҥаны саҥардылар, бирээмэ ынах маҥырыырын курдук. Ынырыктык саҥардылар да, уу бөҕөнү ыһан ыкка ойдулар. Ыт ыксаан сарылыы-сарылыы ойуурга куотта уонна дьиэтин диэки ойо турда.
Кубалар ыты куттаабыт дьон быһыытынан ыарыһах табаарыстарын таһыгар өр кэтэнэн олордулар. Ыарыһах икки хонукка хамсаабакка сытан баран, кыралаан устар, аһыыр буолла быһыылаах. Мин көрөн сыппалаан баран, дьиэбэр төттөрү таҕыстым. Киэһэ күн киириитэ куспун маныы киирдим. Кубаларым син биир бааллар, ыарыһах куба төттөрү-таары устар буолбут, бүнүөкүлүнэн көрдөххө төбөтө үөһэ, кыралаан аһыыр.
Табаарыстара ыалдьан хааттарбыттара лаппа биллэр, саҥалара-иҥэлэрэ элбээтэ. Күн лаппа киирбитин кэннэ тыас бөҕө буолан көтөн таҕыстылар. Ыарыһах кэннилэриттэн нэһиилэ көттө. Күөллэрин эргийдилэр, ыарыһах олох алларанан кэлэн ааста.
Атыттар син үөһэ таҕыстылар, барардыы хоту диэки хайыстылар. Ыарыһах «мин барар кыаҕым суох» диэхтээтэ быһыылаах, тосту эргийдэ да, өрөөбүт сиригэр тиийэн түһүнэн кэбистэ. Табаарыстара төттөрү кэлэн эмиэ барылаһа түстүлэр. Ити курдук эмиэ хоннулар. Сарсыныгар күн мас баһыгар тахсыыта тыас-уус, саҥа-иҥэ бөҕө буолан көтөн таҕыстылар, ыарыһах бэҕэһээҥҥитээҕэр лаппа үчүгэй буолбут, табаарыстарын кэнниттэн күөлү эргиһэн тус хоту дойдуларын диэки түһэ турдулар.
Туох билиэ баарай төрүүр-ууһуур сирдэригэр хайдах айаннаан тиийбиттэрин. Дьэ ити курдук улахан көтөрдөр бэйэ-бэйэлэрин убаастаһаллар, өйөһөллөр, доҕордоһуулара кытаанах. Төрүүр-ууһуур табаарыстара өллөҕүнэ-сүттэҕинэ, ол сиргэ кэлэ турар, атын табаарыһы булуммат, үйэтин тухары соҕотох буолар. Сүрдээх курустук ыһыытыыр-хаһыытыыр, доҕорун ыҥыра сылдьар буолар.
Уксакааҥҥа бэрт өрдөөҕүтэ икки кубаттан сылгыһыттар биирдэрин өлөрбүттэр этэ, биирэ, арааһа, 10-ча сыл сылдьыбыта быһыылаах. Икки-үс хонукка тохтоон Уксакаан тула күөллэринэн, куунунан сылдьан баран хоту ааһар быһыылааҕа, күһүн төннөн иһэн эмиэ тохтоон ааһар этэ. Онтон кэлин сүппүтэ. Көтөр-сүүрэр да билэр. Кинилэри бултаспат, кыылласпат буоллахха улаханнык куттаммат буолаллар.
Иван Долгунов «Хоноһо кэпсээннэрэ кинигэтиттэн», 2022 с.
Д.А. Бойтунов уруһуйа
Читайте нас в: