Байыастар биир дойдулаахтарын көмөлөрүгэр махтаналлар

Нам улууһуттан алта киһилээх бөлөх байыаннай дьайыы буола турар сиригэр биир дойдулаахтарын көрсөн, гуманитарнай көмө тиэрдэн кэллэ. Улуус баһылыгын 1-кы солбуйааччыта Анатолий Павлов салайааччылаах бөлөх сэтинньи 6-20 күннэригэр сылдьыбыта, диэн «Эҥсиэли» хаһыат суруйар.

Бөлөх Луганскай, Донецкай, Херсонскай, Запорожскай уобаластарыгар баар биир дойдулаах байыастарбытын көрсүбүтүн көмө тиэрдэн кэлбиттэри кытта сылдьыбыт улуус киин сэлиэнньэтин баһылыга Петр Сокольников этэр.

— Улуус дьоно-сэргэтэ биир дойдулаах уолаттарбытыгар кылаатын киллэрэн ыыппыт гуманитарнай көмөтө тиийдэ. Айан устата 72 уолу сирэй көрсөн санаа атастастыбыт, оттон 20 кэриҥэ уол инники кирбиигэ киирбиттэринэн, гуманитарнай көмөнү биир сулууспалаахтара туттарыахтара. Байыастар чугас дьонноро аадырыстаабыт баһыылкаларын бука бары туттулар.

Уолаттар сирэйдэрэ-харахтара сэргэх, санаалара бойобуой! Дойдуларын сибиэһэй астарын: тоҥ убаһа этин, ыыһаммыт балыгы, буспут эти, ыһаарыламмыт собону, сүөгэйи амсайан эр дьоннуу үөрэн, оруннаах кэпсэтиилэри таһаарбыппыт. “Байыаннай дьайыы кыайыынан бүтүөҕэ” диэн бигэ эрэллээх Нам улууһун байыастара күүс-көмө буолар дьонноругар-сэргэлэригэр ис санааларыттан махтаналлар, – диир баһылык Петр Григорьевич.

Новоазовск куоракка Саха сирин тирэх пуунугар Нам улууһуттан Руслан Ипполитов үлэлиир. Руслан Ипполитов өрөспүүбүлүкэттэн кэлбит гуманитарнай көмөнү саха байыастарыгар тарҕатыынан, уолаттары кытта сибээс олохтооһунан үлэлиир.

Рюкзакка бастакы туттар тэриллэр киирдилэр: эмп-томп, олорорго сымнаҕас тэрил, боолдьохтор, сылааһы тутар таҥас, истээх саппыкы, бачыыҥка, халыҥ халыыптаах форма таҥас. Ону тэҥэ, биирдиилээн байыастар туохха наадыйалларын эрдэттэн эппит көрдөһүүлэрэ дрон көтөн кэлэрин биллэрэр тэриллэр, рациялар, газплита туолбут. Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр сыыдам сырыылаах матасыыкыл ордугунан биллэр. Бу айан сырыытыгар Нам улууһа байыастарга 4 матасыыкыл көлө биэрбит.

Ленскэй нэһилиэк баһылыга Петр Сокольников байыаннай дьайыыга кыттыыны ылар Нам сэлиэнньэтин уолаттарын кытта сибээһин быспат. Туох эмэ ыарахаттар үөскээтэхтэринэ, тута байыастарга, хамандыырдарга тахсан кэпсэтии ыытар.

2024 сыллаахха Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтата байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чугас дьонноругар, дьиэ кэргэттэригэр биирдэ бэриллэр көмө харчынан көмөлөспүт. Барыта 620 тыһ. солк. биирдэ бэриллэр көмө харчы 100 дьиэ кэргэҥҥэ көрүллүбүт. Ону тэҥэ, Ленскэй нэһилиэк олохтоох дьаһалтатын, “Лидер” спорт киин, МАУ АРТ үлэһиттэрэ баҕа өттүнэн 49 454 солк. харчыны “Воин” түмсүүгэ туттарбыттар. Көмө харчы байыаннай дьайыыгы кыттыыны ылар байыастарга ыытыллыбыт.

Байыас дьиэ кэргэнэ, чугас дьонноро сэлиэнньэ иһигэр чэпчэтиилэринэн туһанарыгар удостоверениелар бэриллибиттэр. Удостоверение автобус айанын сырыытыгар 100% чэпчэтиини көрөр. Чэпчэтиинэн оскуола үөрэнээччитэ туһаммыта этиллэр. Ол курдук, 2022 сыллаахтан чэпчэтиилээх айанынан 1500 киһи туһаммыт.

Киин баанньыкка 2022 сыллаахтан көрүллэр 50% чэпчэтиинэн (бээтинсэ, субуота, өрөбүл күннэр) 250-тэн тахса киһи туһанар. Сайыҥҥы уу ситиминэн байыас дьиэ кэргэнэ 50% чэпчэтиинэн туһанар.

“Центр социально-психологической поддержки семьи и молодежи” Намнааҕы филиал дьиэ кэргэттэргэ, чугас дьонноругар мэлдьи консультация кэпсэтиилэри оҥорор. Дьиэ кэргэттэргэ барыларыгар баһаары сэрэтэр АДПИ оборудование туруоруллубут.

Сэлиэнньэ тэрилтэлэрэ, урбаанньыттара байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр, чугас дьонноругар бородууктанан, бары хайысхаҕа субуотунньуктаан көмөлөһөллөр. Сайыҥҥы сынньалаҥҥа оҕолор лааҕырдарга сынньаналларыгар, орто, үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэллэригэр көмө оҥоһуллар.

Харысхан Попов

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ