Дьокуускай куоракка «Ураты ыалга — ураты кыахтары» форум ыытылынна

“Үлэ кыбаартала” креативнай кластер дьиэтигэр СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин, Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитационнай киин тэрийиилэринэн «Ураты ыалга — ураты кыахтары» диэн форум буолан ааста.

Тэрээһини «Харысхал» БФ уонна Табаҕатааҕы Оҕо ускуустубатын оскуолатын инклюзивнай хордара «Моя Россия» ырыанан аста.

Манна СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Елена Волкова, норуот депутата Алена Атласова, туһааннаах министиэристибэлэр, тэрилтэлэр үлэһиттэрэ, “Харысхал” БФ, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, Калуга куораттан “Доброта” реабилитационнай киин дириэктэрэ Елена Икауниекс кыттыыны ыллылар. Россияҕа биллэр коррекционнай педагог Игорь Шпицберг тэйиччиттэн (онлайн) бэйэтин үлэтин уопутуттан үллэһиннэ.

Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи реабилитационнай киин 2023 сыллаахха ыарахан быһыыга-майгыга сылдьар оҕолору өйүүр фонда (Москва к.) гранын көмүскээн, кыайан, сыл устата Дьокуускай куоракка Дьиэтээҕи тэттик микрореабилитационнай киини үлэлэппит.

Бырайыак чэрчитинэн араас биричиинэнэн Кииҥҥэ сатаан кэлбэт оҕолорго специалистар мультидисциплинарнай хамаандалара (невролог-быраас, ЛФК бырааһа, психолог, логопед) дьиэлэригэр тиийэн диагностикалаан, төрөппүтү кытта кэпсэтэн, оҕоҕо туох көмөнү оҥорору быһаараллар. Үлэ, сүнньүнэн, төрөппүттэри үөрэтиигэ ананар – оҕону хайдах сөптөөхтүк көрөр, дьарыктыыр, реабилитация анал оборудованиетын хайдах таба туттар, дьиэ иһэ оҕоҕо табыгастаахтык оҥоһуллуохтааҕын туһунан быһааран биэрэллэр. Ол кэннэ специалистар бу ыалга оҕону реабилитациялыыр дьарыктары оҥороллор. Ол туһунан реабилитацияны ааспыт оҕолор төрөппүттэрэ кэлэн бу бырайыак оҕоҕо олус туһалааҕын, кинилэр элбэххэ үөрэмиттэрин туһунан кэпсээтилэр.

Бырайыак чэрчитинэн мультидисциплинарнай хамаанда Нам, Хаҥалас, Бүлүү, Горнай улуустарыгар тиийэн эмиэ үлэлээтэ. Диагностика кэнниттэн төрөппүттэри кытта тэйиччиттэн (дистанционно) кэпсэтэн, сүбэлээн-амалаан, улууска олорор ыалларга көмө буоллулар.

Форумҥа дириҥ ис хоһоонноох дакылааттар ааҕылыннылар, ону тэҥэ «Ураты ыалга — ураты кыахтары” бырайыак иитинэн биир сыллааҕы үлэ тула дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии буолла.

Ньургуяна Скрябина

Также по теме:
В Якутии реабилитацию на дому прошли 52 ребенка с тяжелой формой инвалидности

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ