Алтынньы 4 күнүгэр Аллараа Бэстээх олохтооҕо, урбаанньыт Мирзохид Кудайназаров байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан массыына күлүүһүн оройуон баһылыгар Дмитрий Тихоновка туттарда, диэн «Эркээйи» хаһыат суруйар.
Оройуон дьаһалтата, улуус дьокутааттарын Сэбиэтэ, уопсастыбаннас маннык суолталаах бэлэххэ махталларын тиэртилэр. Сомоҕолоһуулаах, түмсүүлээх буоларбыт дойдубутун көмүскүүр дьоруойдарбытыгар, биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүл буолар.

Читайте нас в:



