«Илиибит сылааһа тиийиэхтин»: бүлүүлэр байыастарга 300 киилэ көмөнү ыыттылар

Бүлүүтээҕи көмө оҥорор пуун СВО-ҕа сылдьар уолаттарга анал баһыылкалары бэлэмнээн, Дьокуускайга илдьэн туттарда. Бу туһунан «Олох суола» хаһыат суруйар. 

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр Бүлүү улууһун көмө оҥорор пуунун үлэһиттэрэ, улуус дьаһалтата массыына биэрэн, 15 уолга аадырыстаммыт баһыылкалары, госпитальга анаан тикпит, оҥорбут малларын, Саха сириттэн сулууспалыыр байыастарга түмсүү ийэлэрэ илиилэрин сылааһынан тикпит ардахтан харыстанар пончолары, харыстанар сиэккэлэри, блиндажнай чүмэчилэри, барыта холбоон 300 киилэни Дьокуускайга “Якутия с тобой” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи көмө оҥорор пууҥҥа илдьэн туттардылар.

«Уолаттар бэйэлэрэ тугу сакаастаабыттарын тепловизортан, “прицелы ночного видения” диэнтэн уратытын туох кыалларынан барытын булан, тигэн, оҥорон ыыта сатыыллар. Бу сырыыга хас биирдии уолга күн-күбэй ийэлэр, амарах эбэлэр, иистэнньэҥ уолан уолаттар илиилэрин сылааһынан тикпит байыаннай көстүүмнэри, ардахтан харыстанар пончо, кээнчэ, флисовай бэргэһэ, флисовай снуд, саа уоһугар кэтэрдиллэр чехол, улуус гиэрбэтин, эр киһи харысхалын Семен быысабайынан оҥорбут нашивкатын, дронтан хаххаланар сиэккэ, 2м х 60 см кээмэйдээх коврик, сахалыы кээнчэ, сиэлтэн угунньа, олбох, вещмешок, харысхаллары, блиндажнай чүмэчи, ону таһынан улуус дьаһалтата 70000 солк. үбүнэн, 116500 солк. түмсүү чилиэннэриттэн, Лөкөчөөн, Тааһаҕар нэһилиэктэрин олохтоохторуттан хомуйан атыыласпыт таҥастары, маллары, “Сыа Бүлүү” успуонсардаабыт сиробун, барыанньатын уонна уолаттар чугас дьонноро көмө оҥорор пууҥҥа аҕалан биэрбит кэһиилэрин баһыылкаҕа холбоон ыыттылар. Дьокуускай куоракка харыстанар сиэккэ өрөр «ДоброVoльцы» волонтерскай хамсааһын салайааччыта Светлана Архипченко Елена Сивцеваҕа буор-босхо сиэккэ уонна өрөр лента биэрэн ыыппытынан, 5х3 кээмэйдээх 15 улахан сиэккэни көмө оҥорор пуун, куорат тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, үрүҥ көмүс волонтердар, устудьуоннар, оскуола, гимназия оҕолоро көмөлөөн өрө охсоннор, хас биирдии уолга ыытылынна.

Уолаттарбыт барахсаттар бары этэҥҥэ дьиэлэригэр эргиллэллэрин туһугар улуустааҕы көмө оҥорор пуун, уопсастыбаннай түмсүүлэр, олохтоохтор, тэрилтэлэр, урбаанньыттар көмөлөһө сылдьабыт, инникитин даҕаны бары бииргэ түмсэн, биир сомоҕо буоламмыт, уолаттарбытыгар туох кыахпыт баарынан маннык көмөлөһө туруоҕуҥ«, — диэн ыҥырар Бүлүү куоратын бочуоттаах олохтооҕо, Бүлүү улууһун уопсастыбаннай түмсүүлэрин уонна СВО-ҕа көмө оҥорор пуун салайааччыта Мария Томская.

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ