Былыр Даллыйык Ньукулай диэн улахан булчут киhи олорбут. Тайах, эhэ, саhыл, араас кыра да бултары барытын бултуур улуу булчут эбит. Ол гынан баран булдугар улахан көҥөс киhинэн биллэрэ үhү.
Былыр сэп-сэбиргэл суоҕар эhэ улахан кутталлаах булт буолара. Ол иhин холбоhон, кыттыhан бултууллара. Саалара чокуурунан эстэрэ. Ол чокуур уот биэрбэтэҕинэ да көҥүлэ. Оччоҕо бүтэҕин.
Сааҥ кулгааҕар кутулла сылдьар буораах ыhыллан хаалара. Чокуур уларыттан буораах кутан иккистээн ытарыҥ ыраах дьыала. Үҥүү, батыйа диэн тутуhан туран бултаhар сэптэр буоллаҕа дии.
Даллыйык тыалыы сылдьан дьиэтиттэн ырааҕа суох эhэ арҕаҕын булбут. Дьэ уонна санаа бөҕөҕө түспүт. Бу эhэни бэйэтэ соҕотоҕун бултуурга санаммыт. Күhүҥҥү эhэ этэ сыата элбэҕэ булчут киhи хараҕа туолар булда буоллаҕа. Эhэ баай хара тыа биир маанылаах булда.
Арҕахха бэйэтэ соҕотоҕун киирэриттэн саллыбыт. Саата, сэбэ да куhаҕана бэрт. Ол эрэн дьон бултастаҕына онно үллэриэн баҕарбатах.
Эhэ түүтүн уот буораах курдук сиирин истэр эбит. Онон арҕах айаҕар уонна үрдүгэр кураанах маhы мунньан баран кэрэсиини ыhан уоттуурга былааннаммыт. Буруо киирдэҕинэ тахсыаҕа, тахсан иhэн уоту таарыйдаҕына уот түүтүн хабан ылыахтаах, умайбытынан баран иhэн өлүөхтээх дии санаабыт.
Толкуйдаабытын курдук арҕаҕын айаҕын бүөлээн баран, арҕах айаҕар уонна үрдүгэр кутаа оттубут. Бэйэтэ чугас балааккатыгар баран хоммут.
Киэhэлик иhиттэҕинэ эhэ часкыйар саҥата сүрдээх үhү. Даллыйык дьэ бултуйдаҕым буолуо дии санаан эhэтигэр тиийбит. Кырдьык, арҕах айаҕынан буруо киирбитигэр эhэ арҕах үрдүн үрэйэн тыын былдьаhыгар кутаа уот ортотунан ойон тахсан иhэрин уот хабан ылбыт.
Тыатааҕы умайа-умайа сүүрэн иhэн сүүрбэччэ хаамыыны бараат охтубут. Кини кэнниттэн икки оҕото эмиэ уонча хаамыыны бараат охтубуттар.
Даллыйык үөрэ-көтө эhэлэрин астаан киллэрэн бэйэтэ эрэ сиэбит.
Булчуттар Даллыйык эhэни уотунан сиэппит сирин көрөн сөхпүттэр да, кэлэйбиттэр да, уонна улахан айыыны оҥостубутун дьоҥҥо кэпсээбиттэр.
Ол кэннэ Даллыйык икки улаатан эрэр уоллаах кыыс оҕото, кэргэнэ биир сыл иhигэр баас буолан эмискэ ыалдьан өлбүттэр. Бэйэтэ хара тыаттан кутуйаҕы да бултаабат буолбут. Кини олорор түбэтигэр ким да эhэҕэ бултуйбатах.
— Улахан айыыны оҥостубут эбиппин, — диэн кырдьан олорон кэмсинэрэ үhү.
Иван Долгунов «Хоноһо кэпсээннэрэ» кинигэтиттэн, 2022 с.
Д.А. Бойтунов уруһуйа
Читайте нас в:



