Фоторепортаж: Чурапчыга Хоту көһөрүллүү 82 сылынан кэриэстэбил миитин буолла

Хас биирдии Чурапчы улууһун олохтооҕун өйүгэр-санаатыгар 5318 сыыппара тугунан да суураллыбат гына курус устуоруйа өйдөбүлэ буолан сылдьар. Бу күн тус Хоту күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ баран төрөөбүт дойдуларыгар, хатыҥ-чараҥ алаастарыгар эргиллэн кэлбэтэх хаарыан дьоммутун, биир дойдулаахтарбытын кэриэстиибит, диэн «Саҥа олох» хаһыат суруйар.

Былырыын, Көһөрүллүү сиэртибэтэ буолбут биир дойдулаахтарбытын кэриэстээн, Чурапчы улууһун нэһилиэктэриттэн көһөрүүгэ барбыт 41 колхуос пааматынньыктарыгар, кэнэҕэски кэнчээри ыччаппыт, үйэлэргэ кэриэстээн, ахтан-санаан, сүгүрүйэн туран дойдуларын сылаас буорун куппуттара.

Биһиги улууспутуттан уопсайа холбоон 41 колхуос күүс өттүнэн Хоту көһөрүүгэ барбыттара:

Алаҕартан: “Жданов” аатынан колхуостан – 139, “Чаачыгый” колхуостан – 177, “Ворошилов” колхуостан – 123, “Саҥа олох” колхуостан – 42.

Болтоҥоттон: “Кыһыл үүнүү” колхуостан – 54, “Куйбышев” колхуостан – 120, “Кыһыл сиэмэ” колхуостан – 153, “Кыым” колхуостан – 126.

Мэлдьэхситтэн: “Кыһыл сис” колхуостан – 113, “Ленин” колхуостан – 153.

Одьулуунтан: “Төҥүргэстээх” колхуостан — 80, “Орджоникидзе” колхуостан 235.

Сылаҥтан: “Кобайн” колхуостан – 229, “Чолбон” колхуостан — 33.

Төлөйтөн: “Төрүт” колхуостан — 189, “Олоххо киирии” колхуостан – 147, “Калинин” колхуостан – 165.

Хоптоҕоттон: “Андреев” колхуостан – 134.

Аччаҕартан: “Новгородов” колхуостан – 103, “Дьулурҕа” колхуостан — 87.

Бахсыттан: “Киров” колхуостан – 66, “Коминтерн” колхуостан – 178.

Белолюбскайтан: “Олоҕу тутуу” колхуостан – 132.

Мугудайтан: “Горькай” колхуостан – 198, “Октябрь 20 сыла” колхуостан – 198, “Дьэҥкэрэ” колхуостан 75.

Хайахсыттан: “Түмсүү” колхуостан – 142, “Социализм суола” колхуостан – 119, “Буденнай” колхуостан – 143.

Танда Бахсыттан: “Каганович” колхуостан – 59, “Кыһыл Танда” колхуостан 100.

Кытаанахтан: “Чкалов” колхуостан – 67, “Кыһыл иитиэх” колхуостан – 55, “Кыһыл сэрииһит” колхуостан – 83, “Ярославскай” колхуостан – 96, “Күүһү түмүү” колхуостан – 75.

Хадаартан: “Третий интернационал” колхуостан – 162, “Кыһыл кырыс” колхуостан – 156.

Хатылыттан: “Кыһыл толоон” колхуостан – 61, “Комсомол 15 сыла” колхуостан – 50, “Кыһыл армия” колхуостан – 46.

Көһөрүллүү мемориалыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу сиэригэр-туомугар “Чурапчы улууһа” МТ баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Мария Кронникова, “Чурапчы нэһилиэгэ” МТ баһылыга Владимир Сивцев, улуус дьаһалтатын ыччат салаатын салайааччыта Алгыстаана Федорова, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, үлэ бэтэрээнэ Василий Дьячковскай кыттыыны ыллылар.

Тэрээһин кэмигэр Чурапчыларыгар эргиллэн кэлбэтэх биир дойдулаахтарбыт, кырачаан оҕолор ыраас куттарын кэриэстэригэр Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Көһөрүллүү” аахсыйаны тэрийэннэр кэлбит дьоҥҥо өйдөбүнньүк значоктары түҥэттилэр.

82 сыл анараа өттүгэр улахан эрэйи олохторугар көрсүбүт, көһөрүү ыар эрэйин, кыһалҕатын көхсүлэригэр сүксүбүт биир дойдулаахтарбыт сырдык ааттарын хаһан даҕаны умнуохпут суоҕа!

 Сэмэн Жендринскэй

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ