Илэ кэлбит

Былыр Бодойбо көмүhүгэр үлэлээн баран саас кулун тутар ыйга биир киhи салааска соhон бу Бүлүү эҥэрин диэки дойдутугар кэлэн испит.

Күн киэhэрбитин кэннэ биир улахан күөлгэ тиийэн кэлбит, айан суола күөлү быhа ааhар эбит. Уҥуоргу халдьаайы үрдүгэр биир ыал буруота көстөрө үһү. Суол кытыытыгар балачча элбэх киhи төбүрүөннээн туран куйуурдуу сылдьалларын көрөн айан киhитэ онно туораабыт. Көрбүтэ, эмис баҕайы кып-кыhыл собону ыла тураллар эбит.

Биир киhиттэн анньыы уларсан ойбон алларбыт. Онно собо бөҕө тахсыбыт. Ойбонун көйөн, сүүрдээн баран таhыгар биир куйуур анньыллан турарын ылан былаан эрдэҕинэ биир арбаҕастаах уhун баттахтаах, хара бытыктаах, маадьаҕар атахтаах оҕонньор кэлэн: «Хайдах буолбут киhигиний! Ыйытыга суох куйуурбун тоҕо ылаҕын? Таhааран аҕала оҕус», – диэбит.

Ону биирдэрэ: «Бэйи, биирдэ-иккитэ эргитэ түhэн баран таhааран биэриэм», – диэбит. Оҕонньор: «Өссө биирдээххин-иккилээххин», – диэбит да куйуур угар кэлэн түспүт уонна ойбон хайыҥыттан халтарыйан тас иэнинэн охтон түспүт. Охторугар куйуур угун тосту тардан кэбиспит.

Оҕонньор: «Сэппин алдьаттыҥ, бэйэбин тиэрэ садьыйан кэбистиҥ», – диэн үөхсэн барбыт уонна дэлби сааммыт. Айан киhитэ куйууру таhааран биэрбит. «Бэйэҥ халтырыйан оҕуттуҥ», – диэн этэн көрбүт да бэтэрээ киhи истибэтэх.

Олохтоох дьонтон ким эрэ: «Бу хайдах буолбут киhи кэллэ? Оҕонньору кытта иирсимэ. Ити биhиги иирсибэтэх оҕонньорбут этэ», – дэhиспиттэр. Атын киhиттэн куйуур уларсан син үгүөрү балыгы ылан салааскатыгар уурунан ыалга тахсан хонордуу быhаарыммыт.

Хаалбыт куйуурдьуттар: «Хантан сылдьар барахсан эбитэ буолла?», «Хайа ыалга хонон былдьатара буолла», «Итиччэ боруоктаhан баран биhиги оҕонньорбут бу түүн сүгүннүүрэ биллибэт», – дии хаалбыттар.

Айан киhитэ салааскатын соhон ыалга тахсыбыт. Ыаллара үс-түөрт кыра оҕолоохтор эбит. Эдэрчи дьахтар баарыттан иhит уларсан собо буhарыммыт. Хонордуу тэриммит. Айан киhитэ дьоннор саҥаларыттан иhиттэххэ, арааhа ойууну кытта боруоктастым быhыылаах диэн куттана санаабыт.

Ол эрэн, бэйэтэ буруйдаах. Мин кини сэбин алдьаппатым, бэйэтэ охторугар куйуур угун тосту тардан түстэ диэн бөҕөхсүйэ санаабыт.

Киэhэлик дьиэлээх киhи куйууртан тахсан баран эппит: «Эн ити сүрдээх оҕонньору кытта боруоктастыҥ. Киhи иирсибэт оҕонньоро. Эйигин бу түүн сатаан хоннороро биллибэт. Биhиги кыра оҕолордоохпут, куттаныахтара, онон атын сири булан хон”, – диэбит.

Ону айан киhитэ сөбүлэспэтэх: “Бачча киэhэ ханна баран хонуохпунуй? Хайыам баарай, хайдах кэлэн сиирин көрүөхпүт. Кини бэйэтэ буруйдаах. Мин буруйум суох”, – диэбит.

Дьиэлээхтэр киэhэ аhаан баран хаҥас диэки биир ороҥҥо сыппыттар, айан киhитэ киирэр аан аттыгар таҥаhын киллэрэн оннун оҥостубут. Уот умуллуор, хараҥа буолуор диэри олорбут.

Уот умуллан хараҥа буолуута оҥостубут бурдук сынньар кэлиини киhи сытарын курдук оҥорон оннугар суорҕанынан сабан сытыаран кэбиспит. Бэйэтэ улахан быhахтааҕын тутан киирэр аан хаҥас өттүгэр саhан турбут.
Сотору соҕус таhырдьа тиэргэҥҥэ тоҥ чигдигэ туох эрэ кытаанахтык хааман чыбыргатар тыаhа иhиллибит.

Саhан турар киhи: «Дьэ кэллэ быhыылаах», — дии санаабыт. Онтон аан оргууй аhыллан сүрдээх улахан эhэ киирэн испит. Ону хонноҕун аhан боруогу атыллыыр бириэмэтигэр илиитин тас өттүнэн сүрэҕин таhынан быhаҕынан саайбыт.

Эһэтэ куhаҕаннык саҥарбыт да, төттөрү ыстаммыт. Кэтэhэн тура сатаабыт да, иккиhин биллибэтэх. Ол иhин кэлиитин ылан оннун оҥостон сыппыт, туох да биллибэтэх.

Сарсыарда буолбут, халлаан сырдаабыт. Дьиэлээх киhи сарсыарда туран тахсан киирэ сылдьан киhитин көрбүтэ бэрт үчүгэйдик утуйа сытар эбит. Бары турбуттар, дьиэлээх хаhаайын сууна туран хоноhотуттан ыйыппыт: «Хайа, доҕор, туох да биллибэтэ дуу?» – диэбит. Дьиэлээх киhи оҕонньор барахсан айан киhитин аhыннаҕа дии диэн буолбут.

Ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ сарсыарда чэйдэрин иhэн бүтэн эрдэхтэринэ биир киhи көтөн түспүт уонна дьиэлээх киhиэхэ туhаайан: «Бара охсор үhүгүн, буорда хаhыстын дииллэр. Бөлүүн кырдьаҕаспыт өлөн хаалбыт. Бэҕэhээ куйуурга биир айан киhитин кытта иирсибит үhү. Ол киhитэ арааhа киниттэн улахан киhи буоллаҕа дуу диэн таайаллар», – диэбит.

Дьиэлээхтэр хоноhолоруттан төттөрү куттаммыттар. Айан киhитэ аа-дьуо хомунан салааскатын соhон дойдутун диэки бара турбут. Ити курдук улахан ойууттар илэ бэйэлэринэн кэлэн өhөөбүт киhилэрин өлөрөллөрө үhү. Ону мыыдарас дьон эрдэ биллэхтэринэ бэйэлэрин бултаhаллара үhү.

Бу Үөһээ Бүлүү улууһун Боотуулуу нэһилиэгин Көтөрдөөҕүн олохтооҕо Николай Васильевич Долгунов — Моҥхоот Ньукулай сэhэнэ.

Иван Долгунов «Хоноһо кэпсээннэрэ» кинигэтиттэн, 2022 с.

Д.А. Бойтунов уруһуйа

Читайте нас в:

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ