Сунтаар олохтооҕо Михаил Чыбыков: олоххо эрэлим – оҕолорум

Быйыл дойдубут үрдүнэн Дьиэ кэргэн сыла. Олох оҥоһуутунан сороҕор аҥаардас ийэттэн, аҕаттан турар дьиэ кэргэттэр эмиэ баал­лар. Сороххо кинилэр хайа да толору дьиэ кэргэннээҕэр оҕону иитиигэ, күннээҕи олоххо көрүүлэрэ үчүгэй өттүнэн сөхтөрөр. Хайа да түгэҥҥэ дьиэ кэргэн сүрүн соругунан кырачаан киһини тапталынан угуттаан, олоххо бэлэмнээх киһини иитэн таһаарыы буолар. 

«Сунтаар сонуннара» хаһыат Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо, 4 оҕолоох соҕотох аҕа Мичил Чыбыковтыын сэһэргэспитин, ааҕааччыларга билиһиннэрэбит.

Бэйэм туспунан билиһиннэрэр буоллахха, Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтүм, кыра эрдэхпинэ тоҕустаахпар Түбэй Дьаархаҥҥа көһөн кэлбиппит. Оҕо сааһым онно ааһан, оскуола кэннэ Бүлүүтээҕи педагогическай колледжка саха тылын учууталын идэтигэр үөрэммитим. Ыгыатта оскуолатыгар кэргэним Виктория алын кылаас учууталынан ананан кэлбитигэр билсэн 2007 с. ыал буолбуппут. Онтон Түбэй Дьаар­хаҥҥа оскуолаҕа үлэлээн-хамсаан, олохсуйан оҕолонон олорбуппут. Икки кыыс, икки уол. Кэргэним кыра уолбутун төрүүрүгэр күн сириттэн күрэммитэ…

Ити күнтэн эдэр аҕа түөрт оҕолоох соҕотох хаалан, саҥа төрөөбүт ыйдаах эрэ кырачаан оҕону собус-соҕотох көрөн, атын олох саҕаламмыт. Билигин төһө даҕаны кэм-кэрдии ааспытын иһин, ол саҕана ыарахан түгэҥҥэ элбэх оҕолоох соҕотох хаалбыт киһиэхэ сүбэ-ама, кыра да болҕомто көрүллүбэтэҕэр хомойор.

Ыарахан кэмнэр ааспыттара, эр киһи буоларым быһыытынан элбэх оҕону кытта собус-соҕотох хаалан, уу кыһыл оҕону көрөрү-харайары ымпыгын-чымпыгын билбэт этим. Аҥаардас аһатарга үүт түргэнник бүтэрэ, ону ыларга ыспыраапка хомуһар туспа эрэй этэ. Ол иһин ынах үүтүгэр эрдэ көһөрбүтүм. Ийэм бииргэ төрөөбүт балта биирдэ эбит кэлэн көмө буолан барара. Оҕолор ыарытыйдахтарына эмтэрин-томторун бэрийэн уонна үксүн профилактика курдук лук, чеснок туттабын. Улахан уолум лиссиэйгэ киирэн интэринээккэ олорор буолбута. Ол иһин оҕолорбун барыларын бииргэ иитэр, улаатыннарар санааттан Түбэй Дьаархантан Сунтаарга көспүппүт. Уһаайба ылан, дьиэ туттан бэһис сылын Сунтаарга олоробут. Билигин улахан уолум Витя Сунтаар лиссиэйин 10-с кылааһыгар үөрэнэр, кыыһым Мичийэ 1-кы №-дээх оскуола 9-с кылааһын үөрэнээччитэ. Кыраларым Наташа лиссиэйгэ 5-с кылаас, Эрэл алын сүһүөх оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччилэрэ.

Оҕолор үөрэхтэрин кэннэ боксаҕа, үҥкүүгэ сылдьаллар. Витя Казахстаҥҥа кылааһынан баран кэлбитэ, бу күннэргэ Владивосток куоракка барда. Бэйэм таксилыыбын, холтууранан дьарыктанабын, оҕолорбун үөрэхтэригэр, куруһуоктарынан таһарбынан күнүм баранар.

Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ саамай ыарыылаах ийэ күнүн бырааһынньыга буолар. Муҥ саатар дойду үрдүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ бэлиэтэнэр буолан, уһуна-киэҥэ тустаах дьоҥҥо ыарахаттардаах. Онно эбии оскуолаҕа өйтөн суруйуу биэрэллэр. Бу ийэтэ суох оҕоҕо төһөлөөх ыараханын, харах уулаах түгэннэр буолалларын биһиги бэйэбит эрэ билэн эрдэхпит. Кимиэхэ эрэ үөрэн-көтөн ийэлэрин эҕэрдэлээһин күүтүүлээх күнэ, оттон, хомойуох иһин, биһиэхэ саамай курус санаа кууһар кэмнэрэ.

Оҕолорум тустарыгар түбүгүрэн күһүн Билии күнүн көрсө үөрэххэ бэлэмнэнэбит. Икки күн маҕаһыыннарынан сылдьан таҥас-сап, үөрэх тэрилэ атыылаһабыт. Билигин улахаттарым бэйэлэрэ көрөн таҥас ылыналлар. Саамай сөбүлээн астыырым миин, борщ, ыһаары. Оҕолор улаатан бурдук ас арааһын астыыллар. Бэҕэһээ кыра уол мип-минньигэс барыанньалаах пирог астаан көрсүбүтэ. Сайын аайы тыаҕа тахсан сир астыыбыт, оттуубут. Икки тэпилииссэлээхпит, оҕуруот аһын олордобут. Оттон дьэ, төһө да кыһалла сатаабыт иһин помидор миэхэ ончу үүммэт. Оҕолорбунаан сир астыырбытын, отоннуурбутун олус сөбүлүүбүт. Былырыын 6 күн отонноон 500-тэн тахса киилэни хомуйбуппут. Онтубутун Мииринэйгэ туттаран 100-тэн тахса тыһыынча солк. киллэрбиппит.

Биллэн турар, кыыс оҕону иитии уратылаах, уол оҕо судургу дии саныыбын. Кыыспар балтым сүбэ-ама буолар. Оҕолорбун барыларын кытта аһаҕастык, чугастык кэпсэтэбин. Оҕолор төрөөбүт күннэрин сыл аайы бэлиэтиибит. Балаҕан ыйын бүтүүтүттэн алтынньыга диэри төрөөбүт буоланнар, ороскуоттаах ыйдар диэххэ сөп. Ол эрэн оҕо үөрэриттэн, кини дьолломмут харахтарыттан ордук төрөппүккэ күндү туох да суох. Саҥа дьылга сыл аайы Түбэй Дьаархаҥҥа олорбут интэринээттэрим үлэһиттэрэ кэтилиэт, бурдук аһылык астаан, тоҥорон ыытар үгэстээхтэр. Онон кинилэргэ махталым улахан.

Оҕону кыратыттан бэйэтин сатаан көрүнэр, дьаһанар гына иитиэххэ наада. Хаһан баҕарар төрөппүт бэйэтэ холобур буолар. Үлэҕэ тэбис-тэҥҥэ бары бииргэ сылдьабыт. Сайын илимнээн элбэх балык хаптаран, ыраастаан, хаһаанан, кыһын хойукка диэри сиэбиппит. Оҕолорум дьоллоох оҕо сааһы билэн, атын оҕолортон итэҕэһэ суох сананан сылдьалларыгар дьулуһабын.

Күннээҕи олохпутуттан холобур, биир түгэни санаан ылыахха сөп. Дьиэбитигэр бастакы куоскабытын улахан кыыспар бэлэхтээбитим. Ону кыра кыыс анаан-минээн киниэхэ ылыллыбыт курдук өйдөөн, аны ол куоскабыт былдьаһык буолбута. Ол иһин биллэриигэ биир күн мап-маҕан куоска оҕотун биэрэбит диэни көрөн баран ыллым. Уонна төрөөбүт күнүгэр бэлэх оҥорорбор кроссовка хаҕыгар куосканы уктум. «Кроссовкаҕын физкультура эрэ уруогар кэтэҕин мап-маҕан» дии-дии биэрдим. Онтон кыыһым ылан арыйбыта – куоска олорор… үөрүүтүттэн ытааһыннаах буолбута.

Мичил Егорович оҕону иитиигэ, кини бэйэтин дьиэ кэргэнин холобуруттан ааҕааччыларбытыгар үллэстибитигэр махтанабыт. Кини амарах аҕа быһыытынан элбэх киһиэхэ холобур буолуон сөп. Саамай күндүтэ – оҕоҕо истиҥ тапталы, эйэҕэс сыһыаны сэргэ, ирдэбиллээх буолууну тэҥинэн тутан, орто сүнньүн булуу мээнэ киһиэхэ бэриллибэт. Ийэ уонна аҕа оруолун толоруу тустаахха тургутуута элбэҕин, оҕолор тустарыгар кыһаллан-мүһэллэн олоруу чэпчэкитэ суоҕа биллэр. Биһиги ааҕааччылар ааттарыттан маннык күүстээх санаалаах, аҕа үрдүк аатын ааттата сылдьар биир дойдулаахпытыгар, кини оҕолоругар чэгиэн туругу, санаа хоту барыта сатанан, табыллан иһэригэр баҕарабыт. Оттон Мичил Егорович түмүккэ санаатын маннык тириэрдэр:

– Мин билигин таксиилыыр буолан киһи хараастыах түгэннэрин элбэхтэ көрүстүм. Дьахтар аймах аһыы утаҕы иһэрэ элбээбит. Хайдах да буолбутун иһин кэрэ аҥаар итирик туруктаах сылдьарын көрүөххэ сүөргү. Билигин балысханнык сайдар кэмҥэ арыгы иһэр букатын табыллыбат. Төрөппүт интэриниэт ситимигэр, төлөпүөҥҥэ олорбокко, оҕолорун кытта элбэхтик алтыһыахтаах, кэпсэтэрин элбэтиэхтээх. Тус бэйэм оҕолорум этэҥҥэ улаатан, дьоллоох дьон буолалларыгар күннэтэ кыһаллабын. Оҕолорбун туохтааҕар да таптыыбын, олоххо эрэлим – оҕолорум.

Алена Иванова

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ