Үйэҕэ биирдэ кэлэн ааһара дуу?..

Саха норуодунай артыыһа Раиса Яковлевна Захаровалыын «Республика бүттүүнэ-Вся республика» хаһыакка үлэлии сылдьан, аан бастаан билсибитим. Дьон-сэргэ сүгүрүйэр ырыаһытынаан, кэрэ киһилиин чугастык билсибиппиттэн, алтыспыппыттан дьылҕабар махтанабын.

Муус устар 6 күнүгэр ытыктыыр киһибит төрөөбүтэ 70 сылын бэлиэтээбиппит. Ураты сэдэх куоластаах, таптыыр ырыаһыппыт туһунан ахтан-санаан ааһыахпын баҕарабын.

Кини күөрэгэй дьырылыыр саҥатын санатар кэрэ куолаһа, ыллаан-туойан дьиэрэттэҕинэ, саппаҕырбыт санаа сайҕанара, муора долгунунуу үөрүү-көтүү сылаас балаһата киһини истиҥник кууһара. Раиса Захарова куолаһын хатыламмат куолас диэн сыаналыам этэ. Арааһа маннык талаан үйэҕэ биирдэ кэлэн ааһара дуу…

Эрэллээх, истиҥ дьүөгэ

Раиса Яковлевна эйэҕэс майгытын, туох да үөнэ-күрдьэҕэтэ суох көнө майгытын-сигилитин, эрэллээх, истиҥ дьүөгэ буоларын бэлиэтээн ааһыам этэ.

Кини киһи көрдөстөҕүнэ, хаһан даҕаны аккаастаммата. Раиса Яковлевна чугас дьонум, аймахтарым бырааһынньыктарын ыллаан-туойан элбэхтик киэргэппитэ. Дойдубар Уус Алдан улууһун Кэптэнитигэр кырдьаҕас таайым үбүлүөйүгэр кытта тиийэн, күндү ыалдьыт буолан турардаах.

Раиса Яковлевна эрэллээх доҕор буолар өссө биир түгэнин ахтан ааһыахпын баҕарабын. Медицина киинигэр эпэрээсийэлэнэн баран, ыарыһахтар эмчиттэрбитигэр махтанан, сүүйтэриитэ суох лотереялаах, артыыстары ыҥыраммыт кэнсиэр көрдөрбүппүт. Онно Раябын ыҥырбытым. Төлөпүөннээбиппэр киһим тута сөбүлэспитэ. Кэнсиэрбит буолуон иннинээҕи күн сытан эрэ санаабытым, олох даҕаны Раям төрөөбүт күнэ, буолаары буолан, 55 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнэ эбит. Ол үрдүнэн быһа гыммакка, миэхэ медицина киинигэр ыллыы кэлбитэ да, эрэллээх доҕор, дьүөгэ буоларын ырылыччы көрдөрбүтэ дии саныыбын. Ураты куоластаах ырыаһыппыт кэнсиэрбитин олус диэн киэргэппитэ.

Раябыт 54 сааһын бэлиэтээбиппитин, чугас дьүөгэлэрэ хаһан даҕаны умнубаппыт буолуо. Оннук истиҥ, иһирэх бырааһынньык буолбута. Саха сиэринэн көмүлүөк оһохпутун уматан, аал уоппутун аһатан, алгыс түһэрбиппит. Туох кистэлэ кэлиэй, ити кэмҥэ дьүөгэбит ыарахан ыарыынан ыалдьыбытын саҥа билбит кэмэ этэ. «Хайаан да эмтэнэммин, үйэбин уһатыахтаахпын», — диэн эппитэ.

Кини олоххо дьулууруттан, кытаанах санаатыттан сөҕөрбүт эрэ. Ыарахан ыарыыга ыалдьан, бэйэтэ нэһиилэ сылдьан, гериатрическай балыыһаҕа сытан эрэ, Ийэ уонна хомсомуол күннэригэр эмчиттэргэ уонна эмтэнээччилэргэ анаан, кэнсиэр көрдөрбүтэ. Ыалдьа сытан эрэ, санаатын аралдьытан, быысапка бөҕөтүн быысапкалаабыта.

Раиса Яковлевналыын тус олоҕун туһунан атах тэпсэн олорон, үгүстүк сэһэргэһэр этибит. Олортон быһа тардан, ааҕаччыларбар билиһиннэриэхпин баҕарабын.

Ойор-тэбэр оҕо саас

Кини күн сирин саха хааннаах киэн туттар суруйааччылар Семен уонна Софрон Даниловтар, худуоһунньук Афанасий Осипов төрөөбүт сирдэригэр Горнай улууһун Мытааҕар көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт үһүөлэр этэ. Бырааттааҕа уонна балыстааҕа. Балтараа сааһыгар күн күбэй ийэтин Мытаахтан Солоҕон киһитэ Михаил Спиридонович Егоров сүгүннэрэн илдьэ барбыт. Ити көһүү сүпсүлгэнигэр Рая төрөөбүтүн туһунан сибидиэтилистибэтин сүтэрэн кэбиспиттэр. Саҥа сибидиэтилистибэ оҥоттороллоругар төрөөбүт сирин Солоҕон диэн суруйан кэбиспиттэр. Дьиҥинэн, кини Мытаахха күн сирин көрбүтэ. Онон кини төрөөбүт дойдуларынан Мытааҕы уонна Солоҕону тэҥҥэ тутан ааттыыра.

— Сыл — хонук дииллэрэ кырдьык. Этэҥҥэ олордоххо күн-дьыл наһаа түргэнник ааһар. Атах сыгынньах сыһыыга сырсыакалаһарбын, оонньуу-көрүлүү сылдьарбын олох бэҕэһээ курдук саныыбын. Биһиги оҕо сааспыт наһаа үчүгэй кэмҥэ ааспыта. Мэлдьи айгыр-силик айылҕаны кытары ыкса алтыһарбыт. Балаҕан ыйыгар диэри үөһэ эппитим курдук, атах сыгынньах сылдьарбыт. Мас силиһэ чочоһон туралларыгар атаҕым тарбахтарын быһа тэбэн, хаан-сиин буоларбын өйдүүбүн. Сарсыарда эрдэ туран, ийэбэр көмөлөһөн ынах ыаһарым. Атырдьах ыйын бүтэһигэр хаһыҥ түспүт буолара. Ынах хойуулаатаҕына, ол үрдүгэр турунан кэбиһэрим. Сып-сылаас, үчүгэй да буолара. Маннык сылдьыбыппыт, хатарыллыбыппыт эт-хаан өттүнэн сайдыыбытыгар улаханнык туһалаабыт буолуохтаах, — диэн Раиса Яковлевна дьоллоох оҕо сааһын туһунан үөрэ-көтө ахтар буолара.

Рая аҕыс кылаастаах оскуоланы Солоҕоҥҥо үөрэнэн бүтэрбитэ. Онтон салгыы тохсус, онус кылаастарга Бэрдьигэстээххэ киирэн үөрэммитэ.

Алын сүһүөх кылаастарга үһэ суох үчүгэйдик үөрэммитим. Үрдүкү кылаастарга кистээбэккэ эттэххэ, токур үстэрим элбээбиттэрэ, — диэн күлэрэ.

Кини оҕо сылдьан, улаханнык ыллаабат эбит. «Оҕо саадыгар сырыттахпына, ыллатан көрбүттэрэ. Тональноспын үрдүктүк ыламмын, бөтүүктээн кэбиһэрим. Ол иһин кэлин ыллаппат буолбуттара. Үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьаммын Эдита Пьеха, Муслим Магомаев уонна Батыр Закиров ырыаларын наһаа сэргээн истэрим», — диэн кэпсээбитэ.

Этиллибэтэх кырдьык

Раиса Яковлевна орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрэн баран, үс сыл устата ыанньыксыттаабыта. Онтон Одьулууҥҥа СПТУ-га хормейстер идэтигэр үөрэммитэ. Ол кэнниттэн Махачкала куоракка култуура уонна искусство институтугар туттарса, бэйэтин боруобалана, тургутан көрө айаҥҥа туруммута. Үөрэххэ туттарсааччы оҕолор ортолоругар соҕотох саха этэ. Кыысчаан дойдутун наһаа ахтара. Докумуонун төттөрү ылаат да, дойдутугар төннүбүтэ.

Дьокуускайга кэлэн баран, педагогическай училищеҕа баян салаатыгар туттарсан көрбүтэ.

— Тарбахтарын куһаҕаттар диэн ылбатылар. Тарбахтарым эмиэ туспа остуоруйалаахтар. Бу туһунан хаһан даҕаны аһыллан кэпсии иликпин. Ийэм тэйиччи сытар учаастакка субай сүөһү көрөрө. Миигин, балтараа саастаах кыыһы биир сылгыһыт киһи ытын кытта дьиэҕэ хаалларбыт. Ыт иччитэ кэлбитин билэн, ааны аһан тахсан баран хаалбыт. Кыһын торулас тымныы бөҕөтө үһү. Ийэм хаһан киэһэ кэлиэр диэри тоҥ дьиэҕэ сыппыппын. Тарбахтарым үөһэ өттүлэрэ ууллан тохтон хаалбыттар. Кыра сылдьаммын мэлдьи эрбэхпин эмэрим. Ол эрбэҕим эрэ чөл орпут. Ииктээн кэбиспитим, хам тоҥон хаалбыт. Онон өлө сыспыппын. Улаатан баран тарбахтарбыттан наһаа кыбыстарым. Дьон көрүөхтэрэ диэн өрүү кисти сатыырым. Тарбахтарым бүтүннүү ууллан тохтон хаалбатахтарыгар махтал. Билигин син таҥас өрөбүн, иистэнэбин, — диэн Раиса Яковлевна дьоҥҥо кэпсээбэт тус олоҕун кистэлэҥин арыллан кэпсээн турардаах.

Кини педагогическай училищеҕа кыайан киирбэккэ буолан баран, музыкальнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ.

Уһуйааччылара

«Идэтийбит ырыаһыт буоларга кимнээхтэн уһуйуллубуккунуй?» — диэн ыйытарым.

Ииппит аҕам Михаил Спиридонович эмиэ Мэхээлэ диэн бырааттааҕа. Кини — култуура үлэһитэ. Билигин Михаил Спиридонович Россия култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Кини ырыатын-тойугун истэн улааппытым. Мэхээлэ ырыатын истэ-истэ ыллыахпын наһаа баҕарарым. Оҕо сылдьан ырыата үөрэт дии-дии батыһа сылдьарым. Аан бастаан ырыаҕа уһуйбут киһибинэн кини буолар.

Ити кэнниттэн училищеҕа преподавателим Венера Николаевна Сыллыыраба идэтийбит ырыаһыт буоларга такайбыта. Кини вокалга үөрэппитэ. Венера Николаевна сүрдээх ыраас, кимиэхэ да майгыннаабат куоластааҕа. Учууталбын наһаа диэн ытыктыыбын. Идэтийбит ырыаһыт буоларбар уһуйбут киһибинэн кини буолар. Венера Николаевна үөрэҕим кэнниттэн Дьокуускайга хаалан үлэлиирбэр сүбэлээбитэ. «Тыаҕа үлэлии таҕыстыҥ да, хаалыаҕыҥ» диирэ. Кырдьыга да оннук. Араадьыйа хоругар үлэлии хаалбытым, — диэн Раиса Яколевна ыйытыыбар хоруйдуура.

Дьүөгэбиттэн «Иккистээн күн сирин көрөрүн буоллар ырыаһыт буолуоҥ этэ дуо?» — диэн ыйытар буоларым.

Ырыаһыт буолуом этэ. Ол эрээри хайаан да үрдүк үөрэххэ үөрэниэм этэ. Күүстээх ырыаһыт буоларга кыһаллыам, идэм таһымым үрдэтиэм этэ, — диирэ.

Мэлдьи дьону үөрдэриҥ

Раиса Яковлевнаттан ырыаһыт буолуу үтүө уонна мөлтөх өрүттэрин туһунан эмиэ тоокколоһорум.

— Ырыаһыт буолуу үчүгэй өрүтүнэн бастатан туран, мэлдьи дьону үөрдэриҥ, санааларын өрө көтөҕөрүҥ буолар. Иккиһинэн, сири-дойдуну көрөҕүн. Сахам сирин бүтүннүү көрдүм. Хас да улахан куораттарга, тас дойдуларга сырыттым. Дьон-сэргэ билиниитин ылаҕын.

Хамнаспыт олус намыһах. Үбүлүөйдэргэ, сыбаайбаларга, ол-бу тэрээһиннэргэ ыллааммыт эбии харчы өлөрөбүт, холтууралыыбыт. Манныкка артыыстар кыһалҕаттан тиийдибит. Ити аптарытыаппытын үрдэппэт. Хамнаспыт үрдүгэ буоллар, сыанаҕа эрэ ыллыыр аналбытын толоруо этибит. Ырыаһыкка, артыыска харчы олус наада. Аҥаардас биир көстүүммүт сыаната…. Аны фонограммаҕын оҥоттороргор, концертыыр миэстэҕин уларсаргар эмиэ үтүмэн үп наада, — диэн кэпсиирэ.

Сарантуя аймаҕа

Киниттэн төрүккүтүгэр, удьуоргутугар ыллыыр талааннаах дьон бааллара дуо ыйыталаһарым.

— Ийэбэр мин булумньу оҕобун. Айбыт аҕам өттүтэн ылан көрөр эбит буоллахха, талааннаахтар, ырыаһыттар бааллар. Кини икки кыыстаах, эмиэ үчүгэй баҕайытык ыллыыллар. Үөрэммиттэрэ буоллар идэтийбит ырыаһыт буолуох этилэр. Монголия ырыаһыта Сарантуя чугас аймаҕым, — диэн кини ити ыйытыыбар хардарбыта.

Раиса Яковлевна Гостелерадио хоругар үлэлээбит, айбыт-туппут кэмин олус күндүтүк саныыра. Манна үлэлии сылдьан, дьон-сэргэ билиниитин ылбыта. 1987 сыллаахха бастакы айар концерын оҥорбута. Дьон бөҕө кэлбитэ, саала иһэ тобус-толору көрөөччүнэн туолбута. Бу бастакы концера айар үлэтигэр тирэҕинэн буолбута. Аркадий Алексеев бөлөҕөр ыллаабыт кэмин эмиэ күндүтүк саныыра. Ырыатын-тойугун чыпчаалыгар тиийбит кэминэн ааҕара. Ити кэмҥэ наһаа элбэхтик гастролларга сылдьыбыта.

«Киинэнэн килиэптэниэ суохпун»

Раиса «Мэник» кылгас метражтаах киинэҕэ уһуллубуттаах.

— Билэр дьонум оҕото Санкт-Петербурга киинэ институтугар үөрэнэрэ. Кини: «Биһиэхэ баһаалыста кэлэҥҥин ийэ оруолуҥ толоруоҥ дуо?» — диэбитэ. Сөбүлэһэн кэбиспитим. Кыараҕас уопсай дьиэҕэ уһуллубуппут. «Гвоздь» диэн диэн ааттаах киинэҕэ биир этиини саҥарабын. Уонча сөкүүндэлээх сюжекка киирэн тахсабын. Итинтикэбитин наһаа өр уһуллулар. Субу-субу дубль оҥор да оҥор. «Киинэҕэ уһулламмын килиэптэниэ суохпун» дии санаабытым, — кини күлэ-үөрэ кэпсиир буолара.

* * *
Ураты талааннаах, үтүө-мааны майгылаах ытыктыыр ырыаһыппыт, дьүөгэбит Раиса Яковлевна Захарова төһө даҕаны дьыл-хонук аастар кини биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах.

Людмила НОГОВИЦЫНА.

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ