Сииттэлэр байыас дьиэ кэргэнигэр саҥа террасаны туталлар

Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгин уолаттара байыаннай дьайыыга дойдуларын чиэһин үтүө суобастаахтык көмүскүү сылдьаллар. Бу күннэргэ Елена, Афанасий Новгородовтарга бииргэ төрөөбүттэрэ, биир дойдулаахтара, аймахтара күүс-көмө, өйөбүл-тирэх буолан, саҥа терраса тутарга үлэлэһэн эрэллэр. Бу туһунан «Дабаан» хаһыат суруйар. 

Новгородовтар соҕотох уоллара Д. байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан сылдьар. Ыал аҕата Афанасий — иккис группалаах инбэлиит. Ыал ийэтэ Елена пенсияҕа, сиэн көрөн олорор. Ханнык да ыарахан түгэҥҥэ сииттэлэр амарах, үтүө санаалаах дьонунан биллэллэр. Кинилэр көмөлөрүнэн элбэх хамсааһыннар тахсыбыттара, тахса да тураллара хас биирдии киһиэхэ үтүө холобур буоларынан киэн туттабыт.

Олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев, Афанасий, Елена Новгородовтары сирэй көрсөн, туох көмө наадатын, тутуу материаллара тиийэрин тиийбэтин, барытын билистэ, токкоолосто. Семен Тимофеевич аймахтарын кытта эргэ террасаны көрүөх бэтэрээ өттүгэр көтүрэн ыраастаан кэбистилэр.

Афанасий бииргэ үөрэммит табаарыһа Василий Спиридонович Сивцев 20 устуука хаптаһыны босхо, көмөм диэн илдьэн биэрдэ. Онон Новгородовтар үөрүүлэрэ, махталлара улахан.

Бу күннэргэ саҥа террасаны тутар субботник үлэтэ күөстүү оргуйарын туһунан хаһаайыттар үөрэ-көтө үөрүүлэрин үллэстэллэр.

Марианна Сивцева

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ