Дьокуускай куорат классическай архитектурата

Дьокуускай, Саха Республикатын киин куората, 1632 сыллаахха төрүттэммитэ. Билигин Дьокуускай – Россия саамай кырдьаҕас куораттарыттан биирдэстэрэ, Иркутскай, Красноярскай, бэл диэтэр Санкт-Петербург куораттартан аҕа. Куоракка билиҥҥэ диэри аҕыйаҕа суох ураты быһыылаах архитектуралаах былыргы дьиэлэр ордон хаалбыттар.

Хомойуох иһин, Дьокуускай олохтоохторо олору соччо харыстаабаттар.

1. “Шергин шахтатын” үрдүнэн бэрэбинэ дьиэ. Бу холуодьас-шахтаны Федор Шергин атыыһыт тиэргэнигэр бэрт өр – 1827-1837 сылларга хаспыттара. Уу көрдүү сатаабыттара, ол табыллыбатаҕа. Билиҥҥэ диэри “ирбэт тоҥ” температуратын научнайдык кэтээн көрүү ыытыллар. Холуодьас дириҥэ 116,6 метр (292 фут). Кулаковскай уул.,18.

2. Башня үөһэ отто. Чарапчытын аннынан харабыл казактар тураллара, кинилэр куолакаллаах буолаллара. Ол эрээри Дьокуускайдааҕы “Головин кириэппэһин” анныгар биир да хаан тохтуута буолбатаҕа. Онон кириэппэс кыраһыабай көрүҥнэммитэ.

Казактар абыычайдарынан, биир сиргэ холбоһор түөрт иҥнэллээх сарай — квадратнай акылааттаах пирамида фигурата ол аннынан казактар баһылыктара – атамаан олорорун туоһулуура. Кэлин эмиэ ити үгэс оннунан хаалбыта. Норуот бу башняны “Дыгын башнята” диэн ааттаабыта, башня үһүйээҥҥэ үчүгэй өттүнэн киирбитэ. Билиҥҥэ диэри “Дыгын башнятын” ойуута Дьокуускай официальнайа суох дьаралыгынан биллэр. Музейнай переулок, 2. Музей тиэргэнэ.

3. Дьокуускай острогун харабыл башнята. Бу “Головин кириэппэһэ” диэн ааттанааччы  11 башнятыттан биирдэстэрэ. Острогка дьону уонна аттары ahapap аналлаах этэ. Икки балконнаах. Атамаан Головин баһылыктаах нуучча казактара 1686-1688 сыллардаахха туппуттара.

4. Сибэтиэй Никола таҥаратын дьиэтин храма. 1852 сыллаахха Никола Угодникка анаан тутуллубут.

Гражданскай сэрии кэнниттэн таҥара дьиэтин общинатын сабан, храмҥа  партия обкомун архивыгар тиийэ араас сэбиэскэй хонтуоралары олохсута сылдьыбыттара.

1991 сыллаахха храм дьиэтин итэҕэйээччилэргэ төннөрбүттэрэ. Онно билиҥҥэ диэри чөлүгэр түһэрэр үлэ ыытыллар. “Табаарыстар” электрическэй проводканы да хаалларбатах этилэр. Октябрьскай уул., 51.

5. Бу ордон хаалбыт бүтэһик ыскылаат быһыылаах. ХХ үйэ саҕаланыытыгар хаарбас хаптаһына диэн ааттанааччыттан тутуллубут. Оччолорго тымныы ыскылаат этэ. Симметриялаахтык уонна кыраһыабайдык тутуллубут. Аммосов уул., 8.

6. “Туус лааппыта”. 1924 сыллаахха бэрэбинэттэн  тутуллубут дьиэ. История уонна архитектура государственнай пааматынньыга анал туруктаах. Глухой переулок, 17/2.

7.  “Аккыырай дьиэтэ”. Православнай таҥара дьиэтин аккырайыгар анаан тутуллубут. Билигин манна кыраайы үөрэтэр музей кылаабынай корпуһа. Кирпииччэттэн тутуу үчүгэй көрүҥнээҕин көрдөрөөрү штукатуркалаабаттар да, оппуохалаабаттар да. Архитектура пааматынньыга анал туруктаах. Музейнай переулок, 2.

8. ⁠Казначейство дьиэтэ. 1909 сыллаахха архитектор Лешевич туттарбыта. Петровскай уул.4.

9. ⁠”Публичнай библиотека” дьиэтэ. 1911 сыллаахха архитектор Лешевич готическай стилинэн туттарбыта. Киэргэллээхтик оҥоһуллубут кирпииччэлэри туһаммыттар. Үрүт сарайыгар баар шпиллэрэ ордон хаалбатахтар. Ленин проспега, 38.

10. ⁠Березкин атыыһыт дьиэтэ. Мезониннаах (үрүт тутуулаах), үчүгэй тэриллээх. Дьэрэкээн киэргэл оҥоһуулаах, уу сүүрэр турбалардаах. Уларытыыта суох чөлүнэн турар. ХХ үйэ саҕаланыытыгар Дьокуускайга элбэх мезониннаах дьиэ тутуллубут. Бу дьиэ ордон хаалбыттартан биирдэстэрэ. Билигин да манна дьон олорор. Ол эрээри уулуссаҕа асфальт үрдэтиллэн муостатааҕар буолуохтааҕар, түннүктэртэн да үрдээн эрэр. Ол түмүгэр маннык дьиэлэргэ мэлдьитин уу киирэр. Ол иһин олорооччулар маннык дьиэлэри харыстыыллара кыаллыбат. Аммосов уул., 4 дьиэтэ.

11. ⁠Киров уул., 6 гар билигин медицина институтун академияҕа кафедратын дьиэтигэр үйэ саҕаланыытыгар дьахтар гимназията баара. Сүнньүнэн казактар кыргыттара үөрэммиттэр.

12. ⁠Федор Романов атыыһыт дьиэтэ, ордук Россияҕа революцияҕа сыһыаннаах событиеларынан сибээстээн “Романовка” диэн аатынан ордук биллэр. Икки мэндиэмэннээх мас дьиэ. Балконнаах, бөҕө-таҕа олбуордаах, киэргэл оҥоһуулаах. История пааматынньыга анал туруктаах. Билигин музей Ярославскай уул., 1/1.

13. ⁠Нуучча-Азия баанын Дьокуускайдааҕы отделениетын дьиэтэ. ХХ үйэ саҕаланыытыгар тутуллубут. Бөҕө-таҕа эркиннэрдээх, тас көстүүтэ кыраһыабай кыраһыабай, киэргэл оҥоһуулаах, уу сүүрэр турбалардаах. 1986 сыллаахха диэри манна араас бааннар үлэлээбиттэр. Билигин – Саха сирин норуоттарын музыкатын музейа. Киров уул., 10.

14. ⁠Дьокуускайга былыргы уонна национальнай архитектура үгэстэрэ умнуллубуттар диир сыыһа. Литературнай музей таас дьиэтэ 1970 сыллаахха сахалар олорор балаҕаннарын үтүгүннэрэн тутуллубута.

15. ⁠Лена пароходствотын фирматын офиһа 1970 сыллаахха грузовой теплоход курдук көрүҥнээн тутуллубут. Теплоход “корпуһа” да, “ходовой рубката” да , мачталар да, бэл диэтэр капитан уонна рулевой түннүктэрэ да баар курдуктар. Дьокуускай архитектордара ураты быһыылаах идеялары туһаналлар. Орджоникидзе уул., 2.

Андрей Бубякин, 1993 сыл

«Чолбон» сурунаал архыыбыттан (1997 сыл, балаҕан ыйа)

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ