Сииттэ нэhилиэгэр СВО-ҕа сылдьар оҕолордоох дьиэ кэргэттэргэ аан бастакыннан бары үтүөнү баҕаран туран харыстаатын, арчылаатын диэн харысхал бэлиэлээх дьиэ нүөмэрдэрин туттардылар диэн билиhиннэрэр «Дабаан» хаhыат.
Олохтоох дьаһалта баһылыктара Семен Тимофеев, Петр Степанов уонна тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Дмитрий Колмогоров ыйааннар, дьиэлээх хаһаайыттартан махтал тыл бастыҥын ыллылар.
Сотору кэминэн нэһилиэк дьиэтэ барыта маннык харысхал нүөмэрдэрдээх буолуо. Бу олохтоох дьаһалта көҕүлээн, анаан-минээн оҥотторбут идеялара олоххо киирдэ.
Марианна Сивцева
Читайте нас в: