Булчуттарга уонна балыксыттарга аналлаах “Байанай” сурунаал кыайан үбүлэммэккэ, сыл аҥаара тохтуу сылдьыбытын “Сахабэчээт” судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ туох баар ороскуотун кытта бэйэтин дьаһалыгар ылан, 2024 сыл иккис аҥаарыттан ааҕааччыларыгар эргиллэр уонна бүтүннүү сахалыы тахсар буолбутун туһунан эрдэ иһитиннэрбиппит. Сурунаалбыт сыл үһүс кыбаарталыгар (от ыйа, атырдьах ыйа, балаҕан ыйа) былааннаммыт бастакы нүөмэрэ бу күннэргэ Новосибирскай куоракка бэчээттэнэн кэллэ.
Бастатан, ааҕааччыларбытыгар туһаайан быһаардахха, “Байанай” сурунаал эрэдээксийэтэ “Сахабэчээт” САТ салалтатын (генеральнай дириэктэр Ньургуйаана Стручкова) кытта сүбэлэһэн, “сурунаалы сылга түөртэ таһаарыахха” диэн биир санааҕа кэлбиппит. Онуоха хас кыбаарталлааҕы таһаарыыны дьыл эргииригэр сөп түбэһиннэрэн, өбүгэбит саҕаттан салҕанан кэлбит саха бултуур-алтыыр үгэстэригэр, бултааһын болдьохторугар аныырга табыгастааҕа ыйааһыннаах буолбута. Ол курдук, мантан инньэ бастакы кыбаарталга күндү түүлээҕи сонордоһуу, иккискэ сааскы кустааһын, сайыҥҥы балыктааһын, үһүскэ күһүҥҥү көтөрү-кыылы бултааһын, төрдүскэ муус аннынан муҥхалааһын тиэмэлэрэ хото сырдатыллыахтара.
Быйылгы бастакы таһаарыыбытыгар 21 матырыйаал киирдэ. Сүрүн матырыйаалбыт – СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтин булт уонна бултанар кыылы-сүөлү харыстааһыҥҥа департаменын салайааччыта Владимир Решетниковтыын сэһэргэһии. Өрөспүүбүлүкэ кылаабынай охотоведа күһүҥҥү-кыһыҥҥы булт сезона аһыллыбытынан Булт быраабылатыгар киирбит саҥа уларытыылары быһааран кэпсиирин сааланыан-саадахтаныан саныыр эр киһи барыта кэрэхсээн ааҕыаҕар саарбахтаабаппыт. Баҕар, сорохтор рубрика тоҕо “Көҕүл олбох” дэммитин дьиктиргиэхтэрэ: өбүгэлэрбит мааны ыалдьыттарын балаҕан бастыҥ оронугар, көҕүл олоххо, олордоллоро, ону аныгылатан, тута өйдөнүллэрин курдук, “көҕүл олбох” диэн ааттаатыбыт.
“Байанай” сурунаал “научнай-популярнай” таһаарыы буоларын чиҥэтэн, бу сырыыга манна хабааннаах матырыйаалларга элбэх сирэйи биэрдибит. Биология билимин дуоктара Григорий Саввинов “Аартыка алдьархай аартыга буолбатар” диэн бүтүн планета килиимэтэ бигэ туруктаах буоларыгар улахан оруоллаах Аартыка түбэтин экологиятын ырытыыта сарсыҥҥытын саныыр илэ өйдөөҕү, инчэҕэй эттээҕи долгуппат буолуон сатаммат. “Калмык ыттаах. Саха хаһан ыттанар?” диэн муокас ааттаах суруйууга “саха булчут ыта” диэн боруода бигэргэнэрин туруорсар дьон эрэ буолбакка, саха саҥнаах барытын хараҕа хатаныаҕа дии саныыбыт. Калмыкияттан тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара, профессор Анатолий Арилов Дьокуускайга кэлэн ыалдьыттаан барбытын кэнниттэн булчут ыттары иитээччилэр эрэллэрэ тоҕо туохтан күүһүрбүтүн дойду бөдөҥ учуонайа кэпсээбитин сиһилии аахтаххытына билиэххит.
Өссө биир ыалдьыппыт – Аллараа Новгородтан “Дронт” экология киинин орнитологияҕа киинин сэбиэдиссэйэ Александр Мацына. Уонунан сылларга элбэх экспедицияҕа үлэлээбит, сири-сибиири сиксигинэн сылдьыбыт орнитолог “Сааскы куһу боптоххо эрэ куспут-хааспыт дэлэйиэ” диэн ураты санаатын ким ылынара, ким утарара – бэйэтин үтүө көҥүлэ. Аллайыаха туундаратын хоту эҥээригэр тиийэн, дулукуйаан (очковая гага) диэн 2020 с. РФ Кыһыл кинигэтигэр киллэриллибит, Саха сиригэр уонна Чукуоккаҕа эрэ сайылыыр куһу үөрэтэр-чинчийэр учуонайдыын салгыы үлэлэһиэхпит. “Былыргы булчуту көрдүүллэр” диэн СӨ НА сэлии фаунатын үөрэтэр салаатын салайааччыта, биология билимин дуоктара Альберт Протопопов суруналыыс Антонина Эверстоваҕа биэрбит тэттик эрээри, дириҥ ис хоһоонноох интервьютуттан ааҕааччы элбэҕи билиэ-көрүө.
Билиҥҥи иирсээннээх кэмҥэ дойду үрдүнэн ыччаты патриоттуу тыыҥҥа иитии суолтата улааппытынан, уол оҕону кыра эрдэҕиттэн эр киһилии иитии тиэмэтинэн мантан ыла утумнаахтык дьарыктаныахпыт. Саҕалааһын сиэринэн, билигин Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу эҥээригэр анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар Амма Эмиһин ыччата, эдэр гвардеец Василий Уваров туһунан, төрөппүттэриттэн көҥүллэтэн, сырдаттыбыт. Ийэлээх аҕата уоллара хорсуннук сэриилэһэрин кэпсээтилэр, Николай Васильевич оскуолатын иһинэн “Уол оҕо – кэскилбит, эр киһи – эрэлбит” диэн бырагырааманы оҥорон, “Атынан айан” бырайыагы отучча сылы быһа үлэлэтэр уопутуттан билиһиннэрдэ. Хайа инженерэ идэлээх, чааһынай тэрилтэлээх Ариан Аммосов спортиҥҥа кылгас кэм иһигэр маастар нуорматын хайдах толорбутун уонна дойду таһымнаах күрэхтэһиигэ быйыл хамаанданан бастаабыттарын кэпсиирин таһынан сүбэлиирин уолаттар, эр дьон умсугуйан ааҕыахтара.
Сурунаал бу сырыыга даҕаны кэпсээннэри таһаарар үгэһиттэн туораабата. “Булт абылаҥа” рубрика аннынан бэриниилээх ааптарбыт Василий Карбаканов (Кириэс Халдьаайы, Томпо) “Ариас” диэн суруйуутун, СӨ тырааныспарын, сибээһин уонна информатизациятын миниистирин солбуйааччынан үлэлээбит Виктор Николаев доҕорун, үөлээннээҕин К.Е. Тимофеев туһунан “Көстөкүүн “биэс сулустаах көстүүнэйгэ” олорон, кустаабыта” диэн ахтыытын таһаардыбыт. Куорунай Бэрдьигэстээҕиттэн Захар Федоров “Биир күн – тоҕус бөрөнү”, Хаҥалас Хачыкаатыттан Григорий Ермолаев-Харысхан “Эһэлээх бөрөнү – биир сиртэн”, Үөһээ Бүлүү Туобуйатыттан Уйбаан Солоҕооноп “Тайахтар хаайсар кэмнэригэр” диэн кэпсээннэрэ чахчыларга олоҕурар буоланнар, итэҕэтиилээхтэр.
Сиргэ-уокка сылдьар киһи үһүс хараҕа арыллара чахчы. Биһиэхэ өрдөөҕүттэн ситимин быспакка суруйар Дьөгүөр Һэрэмээт “Күрүлүүр күнүс этэ…”, Уйбаан (ааптар аатын толору суруйбатаҕын ааҕан баран, биирдэ өйдүүгүн, ылынаҕын) “Бырааппын былаҕайга былдьаппытым” диэн тэттик кэпсээннэрэ икки атахтаах төрөөбүт айылҕатыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтааҕар үөрэтэллэринэн күүстээхтэр. Суруналыыс идэлээх Уйбаан Силиги “Тамалдьыйа уонна Бурҕаа”, Өлөксөөн Тарааһап “Эсэһит Түмээ” диэн кэпсээннэрин, “Хоһоон хонуутугар” Наһаарабыс Балантыын айымньыларын уус-уран суруйууга хорсун холонуу быһыытынан сыаналыахха сөп.
Кыраҕы харахтаах фотографтар Виктор Эверстов уонна Руслан Кириллин хаартыскаларыттан таҥыллыбыт “Күһүн бэлэхтэрэ” балаһалартан айылҕаҕа чугас, кэрэни кэрэхсиир ааҕааччы хайаан даҕаны хараҕа үөрүө, санаата дуоһуйуо турдаҕа. Сурунаалбыт доҕоро, дьылдьыт Андрей Варламов хайдах күһүн иһэрин билгэлээбитэ – бэриниилээх ааҕааччыларбытыгар бэлэх. Андрей Алексеевич билгэлииринэн, балаҕан ыйын иккис уон хонугар ардах, сигирээн хаар түһүөҕэ, сорох сиргэ халыҥнык түһэн, уһуннук сытан уулларан, тайахсыт, булчут дьоҥҥо туһалаах буолуо. Кыс хаар алтынньы ортотун аһаран баран түһүөҕэ. Күһүҥҥү киһи – күлбүтүнэн. Көмүс күһүммүт күөнүгэр күлүҥ, үөрүҥ, астына сир астааҥ, бултааҥ-алтааҥ.
Биллэрии
“Байанай” сурунаал сурутууттан ураты биирдиилээн атыыга эмиэ таҕыста. Бэчээт дьиэтигэр 125-с хоско уонна ИП Голубь Т.В. “Сахалыы буукуба” киоскатыгар, “Paparazzi” фото-студияҕа атыыланар. Сыаната – 750 солкуобай. Ахсаана аҕыйах, тиэтэйиҥ!
Василий Никифоров
Читайте нас в: