Сунтаарга бу күннэргэ «Харысхал» түмсүү үлэтин саҕалаата. Кинилэр кимнээҕин, тугу гыналларын «Сунтаар сонуннара» сырдатта.
Аан бастаан улуус биллэр урбаанньыта, СӨ Уопсастыбаннай палататын, «Арассыыйа ийэлэрэ» хамсааһын чилиэнэ Надежда Львова бу буола турар тыҥааһыннаах балаһыанньаны таба өйдөөн, оройуон дьокутаата Жанна Макаровалыын анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга көмөлөһөр сыаллаах хаххалыыр, көмүскүүр сиэккэлэри баайыахха диэн санаанан салайтаран Сунтаар дьонугар ыҥырыы таһаарбыттара. Манна амарах санаалаах дьон түмсэн үлэҕэ туруннубут. Нэһилиэнньэттэн харчы хомуйан, хантан сатанарынан матырыйаал сакаастаан күн аайы «Партизан» НАТК балаҕаныгар үлэ күөстүү оргуйар.
Сиэккэ тиирэр икки араас размердаах — улахан (тиэхиньикэҕэ), кыра станоктары Михаил Кокарев уонна «кулууп уолаттара» оҥордулар. Дьон баҕа өттүнэн илим успуонсардаатылар. Мииринэйгэ «Мы вместе» диэн ааттаах түмсүү эмиэ бэйэлэрин баҕа өттүнэн СВО-ҕа көмөлөһөллөр. Кинилэртэн сүбэ-ама биэрэ, көмөлөһө Сунтаартан төрүттээх, билигин Мииринэйгэ олорор, үлэлиир Саргылана Николаева кэлэн үөрэтэ, көмөлөһө сылдьар. Соҕотох уола быйыл сааскыттан СВО-ҕа сылдьар эбит.
Матырыйаалбыт бүтэн хаалбыт түгэнигэр нейрографика көмөтүнэн уолаттарга үтүө санаабытын түмэн харысхал оҥордубут. Психолог идэлээх Татьяна Антипина кэлэн маастар-кылаас ыытта. Аан бастакыттан сиэккэлэри таҥарга, баайарга Дьокуускай куоракка «Шелкопряды Якутии» түмсүүгэ үлэлээбит Антонина Степанова үөрэттэ. Бэйэлэрэ дойдуларыгар сиэккэ баайаары Уһун Күөлтэн киирэн үөрэнэн бардылар.
Бу манна араас көлүөнэ дьон бары кэлэн үлэлииллэр. Ол курдук бастакыттан күн аайы күүскэ үлэлиир Светлана Ващенконы, Светлана Федотованы, Нина Краскованы, Мария Григорьеваны, сиэнинээн Кешалыын кэлэр эбэни Людмила Алексееваны, оскуолаҕа үөрэнэр кыргыттары улахан махталынан бэлиэтиибин. Билиҥҥи туругунан аҕыс Хахха харыстыыр, хаххалыыр сиэккэ өрүлүннэ. Онтон иккитин уолаттар илдьэ бардылар.
Бу махталлаах дьыалаҕа матырыйаал булуутугар улахан тэрилтэлэр успуонсардыыллара буоллар. Матырыйаал наһаа элбэх барар эбит. Сунтаардар бары сүрэхпит сылааһын иҥэрэн туран көмүскүүр, харыстыыр сиэккэлэри өрүүгэ ким баҕалаах, бириэмэлээх сарсыарда 11 чаастан киэһэ 6 чааска диэри кэлэн көмөлөһөргүтүгэр көрдөһөбүт.
Уолаттарбыт Кыайыы кынаттанан этэҥҥэ эргиллэн эрэ кэллиннэр!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма
Читайте нас в: