Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов аан дойду бөдөҥ прозаига, саха уонна Россия классическай литературатын үгэстэрин салгыыр сүдү талааннаах суруйааччы. Кини притча-сэһэннэрэ, «Чыҥыс Хаан ыйааҕынан», «Улуу хууннар» романнара араас тылларынан тылбаастанан, Россия уонна саха литературатын аан дойду киэҥ түһүлгэтигэр таһаарбыт, сахаттан бастакынан «Алжир на перекрестках культур» аан дойдутааҕы бириэмийэни ылбыт, айымньылара араас омук ирдэбиллээх ааҕааччыларын араҥаларын үрдүк биһирэбиллэрин ылбыт суруйааччы.
Кытай курдук улуу омук гениальнай суруйааччы айар талаанын далааһынын сөҕөн, ааспыт сыллаахха КНРга ыҥыран чиэстээбиттэрэ. Билэргит курдук, Николай Алексеевич – КНР Госсоветын иһинэн Бүтүн Кытайдааҕы «Лао-Цзы» научнай уопсастыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта. Кини айар үлэтинэн эйэ посола, норуот, культура, литература дипломата буолар.
Кэнники кэккэ сылларга СӨ Духуобунаһын академиятын «Таас Тумус күөнүгэр» Н.А. Лугинов салалтатынан тахсар уонна «Таас Тумус» сэһэнин сиригэр уһуллар бырайыагынан «Саха» НКИХ «Аал Луук мас» студиятын (сал. уонна биэриини ыытааччы Евдокия Избекова) саха дьоно кэтэһэн, кэрэхсээн көрөр, өй-санаа эбинэр биэриилэрэ буоллулар.
Бүгүн саха норуодунай суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын вице-президенэ, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбюаннай литературнай музей дириэктэрэ Николай Алексеевич Лугинов төрөөбүт күнэ.
Уонтан тахса сыллааҕыта, аудио кинигэ диэн тэнийэ илигинэ, айар ыччат Антон Габышевы уонна Петр Рудыҕы көҕүлээммин, бииргэ үлэлээммит, норуодунай суруйааччы «Сэргэ», «Кустук» диэн норуодунай суруйааччы отутун да туола илигинэ суруйбут бастакы сэһэннэрин ааҕан аудио-диискэҕэ кинигэ оҥорбуппут. Сыыппара технологиялара уларыйан бүгүн саҥа көрүҥҥэ көһөрөн эһиги болҕомтоҕутугар таһаарабыт.
Аудиокинигэни манна истиҥ.
Валентина Бочонина
Читайте нас в: