Сунтаарга оҥоһуллар таас блоктары тутааччылар сэргииллэр

Бу сайын Сунтаарга элбэх тутуу бара турарын олохтоох дьон сэргии, бэлиэтии көрөр. Бииртэн биир таас дьиэлэр дьэндэйэн тахсалларын көрүөххэ астык. Улууска тутуу барара сайдыы биир көрүҥэ буолара саарбаҕа суох диэн суруйар «Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Атырдьах ыйын 11 күнүгэр бэлиэтэнэр Тутааччы күнүгэр сөп түбэһиннэрэн Сунтаарга соҕотох тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарар индустриальнай сыах үлэтин билистибит. Сыах «Сунтарцеолит» тэрилтэ иһинэн 2019 с. арыллан үлэлиир.

Санатан этэр буоллахха, «Сунтарцеолит» тэрилтэ сүрүннээн чох, цеолит хостооһунунан уонна тутуунан дьарыктанар. Улууска соҕотох бырамыысыланнай тэрилтэ буолар. Тэрилтэ биир сиргэ туран хаалбакка сайдыы саҥа көрүҥнэрин тобулар. Ол курдук, кэлиҥҥи сылларга тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарар буолла.

«Сунтарцеолит» иһинэн тутуунан дьарыктанар «Сунтарэнерго» тэрилтэ улууска элбэх социальнай суолталаах эбийиэктэри, олорор дьиэлэри туппута. Кэлии тутуу матырыйаалын сыаната үрдүгүнэн сибээстээн бэйэ оҥорон таһаарар таас блоктарын оҥорон саҕалаабыттара. Тэрилтэ үксүн тутар дьиэлэрин эркинигэр бэйэлэрэ оҥорон таһаарбыт таас блоктарын туһанар.

Сыах күҥҥэ 2000 таас блогу оҥорор. Оттон сылга 190 000 устуука блогу оҥорор былааннаах. Билигин блоктары Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй, Вилюйскай уулуссаҕа хаарбах дьиэттэн көһөрүү тосхолунан тутулла турар 5 этээстээх дьиэ, эмиэ бу тосхолунан Сунтарскай переулокка 5 мэндиэмэннээх дьиэ, Элгээйи балыыһата, Кэмпэндээйигэ 32 кыбартыыралаах 3 мэндиэмэннээх таас дьиэ тутууларыгар бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр-уоппутугар – индустриальнай сыахха оҥоһуллубут таас блоктарынан тута сылдьаллар.

Сыахха 12 үлэһит 2 симиэнэнэн үлэлиир. Блоктары гравий, сиэмэнтэ, кумах булкадаһыгыттан оҥороллор. Блоктар ГОСТ эппиэттиир сэртипикээттээхтэр, көҥүллээхтэр.

Билигин сайыҥҥы кэми баттаһа үлэ күөстүү оргуйар. Инновационнай бырайыактары кытта үлэҕэ салаа салайааччытын, тутуу матырыйаалын оҥорор сыах начальнигын Иван Кириллини үлэ үөһүгэр сырыттаҕына тутан кэпсэттибит.

«Бу кэлэн турар эбийиэкпитин «Дабаанстрой» тэрилтэ 100% биһиги оҥорон таһаарар таас блоктарбытынан тута турар. Холобур, бу дьиэҕэ 69500 блогу оҥорон таһаардыбыт. Биир улахан эбийиэккэ туттуллар тутуу матырыйаалын биир-икки ый кэм иһигэр оҥоробут.

Үлэ икки симиэнэнэн ыытыллар. Сылы эргиччи үлэлиибит. Кыһын улахан тымныыларга тохтуубут. Биһиги оҥорон таһаарар блоктарбытын хамаҕатык туһанар буоллулар. Сыахпытыгар өссө элбэҕи оҥорон таһаарар кыамталаах улахан тэрил турар. Салгыы оҥорон таһаарар кээмэйбитин улаатыннарар соруктаахпыт».

Сыахха Арассыыйа собуотугар оҥоһуллубут оборудование таҥыллан турар. Манна инженер-технолог, оператор, машинист, слесарь идэлээх эдэр, кэскиллээх үлэһиттэр үлэлииллэр. Индустриальнай сыахха бэйэлэригэр сыстыбыт тиэхиньикэлэрдээх буолан үлэлииргэ улахан мэһэйдэри көрсүбэттэр. Арай тиэхиньикэ моһуоктаан үлэ аҕыйах кэмҥэ тохтуон сөп. Хата, үлэһиттэр уопутуран өрөмүөҥҥэ бэйэлэрэ ылсаллар. Онон үлэ тэтимнээхтик барар.

Сунтаар улууһугар цеолит минералы наука үлэһиттэрэ арыйыахтарыттан балачча кэм ааста. Саха сиригэр Хоҥуруу хайатыгар эрэ цеолит бырамыысыланнай саппааһа баар. Бу сиргэ цеолиты «Сунтарцеолит» эрэ тэрилтэ хостуур уонна туһаҕа таһаарар. Наука үлэһиттэрэ ордук барыстаахтык цеолиты тутууга туһаныахха сөп диэн этэн тураллар.

Ол иһин, индустриальнай сыахха цеолит минералы итии уокка уһааран пеноцеолит диэн блоктары оҥорон таһаарар буолбуттарын бары сөҕө истибиппит. Пеноцеолит тутуу матырыйаала бэйэтин быһыытынан керамзикка майгынныыр, чэпчэки ыйааһыннаах, сылааһы-тымныыны тутар уратылаах, экологичнай, керамзиттан ордуга диэн сииктэн, инчэҕэйтэн бэйэтин хаачыстабытын сүтэрбэт.

Эксперимент быһыытынан пеноцеолит матырыйаалынан Устье уонна Кэмпэндээйи ыккардынааҕы 40-42 км суол бүрүөһүнүгэр куппуттара. Билигин көрдөххө суол туруга этэҥҥэ.

Пеноцеолиттан тутуу матырыйаалын хайдах оҥороллорун кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык: цеолиты бытархай эттиккэ мэлитэн баран солоҕу кытта (щелочь) булкуйаллар. Ол тахсыбыт булкадаһыгы кыра кээмэйгэ арааран баран күүстээх уокка үлүннэрэллэр. Онтон араас киэптээх автоматизированнай пресс формаларга кутан пеноцеолит материалтан турар блоктары оҥорон таһаараллар.

Бу тутууга саҥа матырыйаалынан Устье нэһилиэгэр 30 кыбартыыралаах 3 этээстээх дьиэ тас истиэнэтин бу блоктарынан оҥорбуттара. Билигин бу дьиэҕэ олохтоохтор үөрэ-көтө киирэн олороллор. Цеолит айылҕа матырыйаалыттан тутуллубут бастакы дьиэ буолар. Ол иһин, тас истиэнэтигэр тэрилтэ эмблемэтэ цеолит уруһуйданан турар. Ону тэҥэ, кэлиҥҥи сылларга чааһынай дьон пеноцеолит блогунан гараж туттар буолбуттарын сэргии иһиттибит.

Индустриальнай паарка былаана киэҥ. Ол курдук, цеолит минералы сиэмэнтэҕэ булкуйан сыһыарар, ыпсарар уратытын сүтэрбэккэ эрэ цеолит булкадаһыгыттан оҥоһуллубут бетону оҥорору былаанныыллар. Бу маннык бетон сыаната биллэ чэпчиэ этэ диэн үлэһиттэр кэпсээннэрин түмүктээтилэр.

Онон Сунтаарга саҥа технологиянан кэскиллээх бырайыактар олоххо киирэн таһаарыылаахтык үлэлии туралларын көрөн астынныбыт.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ