Булчуттарга уонна балыксыттарга аналлаах “Байанай” сурунаал эрэдээксийэтэ үптэн-харчыттан иҥнэн, быйыл сыл бастакы аҥаарыгар үлэтин тохтоторго күһэллибитин “Сахабэчээт” судаарыстыба автономнай тэрилтэтэ (генеральнай дириэктэр Ньургуйаана Стручкова) бэйэтигэр ылынан, 2024 сыл иккис аҥаарыттан кыбаарталга (үс ыйга биирдэ) тахсар буолбутун эрдэ иһитиннэрбиппит.
Итиэннэ сурунаал сурутааччыларыгар анаан ыыраахтаах туйахтаах кыыллары уонна эһэни бултааһыҥҥа лицензиялар сертификаттарын оонньоторбут туһунан кэлиҥҥи икки ыйга тиһигин быспакка суруйан тарҕаттыбыт.
Кылгас кэм иһигэр сурунаалбытыгар 700-чэ киһи суруттарда. Сурутуу хампаанньата киинтэн салайылларынан уонна элбэх нэһилиэккэ почта отделениета сабыллан, ол-бу боппуруостар атахтааталлар даҕаны, бэриниилээх ааҕааччыларбыт быыс-хайаҕас булан суруттарбыттарыгар махтанабыт. Атырдьах ыйын 1 күнүгэр Бэчээт дьиэтин Медиа-киинигэр икки чаас устата ыытыллыбыт дьаһалга 73 лицензия сертификата оонньоммутугар 678 сурутааччы кытынна. Чуолкайа, сурутааччылар ааттара, аадырыстара суруллубут кумааҕылара барабааҥҥа угуллубутун оҕо биир-биир ороон таһаарар. Ахсаан хараҕынан көрдөххө, 9 сурутааччыттан 1 киһи сүүйэринэн, олус тииһимньилээх буолбутун дьон биһирээтэ.
Лицензиялары барытын “Сахабулт” ҮХАБХ АУо бэйэтин квотатыттан туруорда, ити иһиттэн 3 лицензия харчытын хампаанньа уйунан, супер-бириис быһыытынан “Байанай” бааттаах сурутааччыларыгар бэлэхтээтэ. “Сахабулт” АУо генеральнай дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Виктор Пермяков билиһиннэрбитинэн, хампаанньа өрөспүүбүлүкэ 19 улууһугар 13 418,25 тыһ. гектар иэннээх 28 булт учаастактаах. Ол иһигэр маннык улуустарга саамай киэҥ сирдээх: Кэбээйигэ 2 276,89 тыһ., Ленскэйгэ 1 938,31 тыһ., Өлүөхүмэҕэ 1 859,84 тыһ., Орто Халымаҕа 1 434,90 тыһ., Сунтаарга 1 039,42 тыһ. гектардаахтар. “Сахабулт”-ар 2024/2025 сс. булт сезонугар тайахха 401, кыыл табаҕа 750, кулааһайга 107, туртаска 165, чубукуга 47, эһэҕэ 204 квоталаахтар. Хампаанньа саҥа салалтата, Виктор Яковлевич тус өйөбүлүнэн, “Сахабэчээт” тэрилтэлиин бииргэ үлэлэһэр суолга туруммутун истиҥник эҕэрдэлиибит, дириҥник махтанабыт итиэннэ инникитин маннык тэрээһиннэри салгыы сайыннаран, тупсаран иһэрбитигэр эрэнэбит.
“Байанай” сурунаал сурутааччыларын ортолоругар ыыраахтаах туйахтаах кыыллары уонна эһэни бултааһыҥҥа уочараты таһынан лицензия ыларга сертификаттары оонньотуу
БОРОТОКУОЛА
Дьокуускай к., 2024 сыл атырдьах ыйын 1 күнэ
Тайахха:
- Александров Николай Николаевич, Мэҥэ Хаҥалас, Хаптаҕай сэл., Киин уул. 4.
- Курчатов Степан Степанович, Өлүөхүмэ, Чапаев сэл., Оскуола уул. 6.
- Лазарев Иван Давыдович, Кэбээйи, Кальвиц сэл., Г.А. Азаров уул. 3.
- Наумов Владимир Никифорович, Таатта, Ытык Күөл сэл., Макаров уул. 13.
- Николаев Дмитрий Николаевич, Ньурба, Ньурба к., Мичурин уул. 12.
- Николаев Анатолий Павлович, Дьокуускай к., Б.Чижик уул. 6-48.
- Неустроев Гаврил Гаврильевич, Таатта, Томтор сэл.
- Осипов Сергей Витальевич, Дьокуускай к., Ойуунускай уул. 6/1-12.
- Семенов Иван Иннокентьевич, Горнай, Бэрдьигэстээх сэл., Зеленая уул. 4.
- Сивцев Трофим Николаевич, Чурапчы, Уһун Күөл сэл., Дьячковскай уул. 64.
Туртаска:
- Хатыҥнаах бибилэтиэкэтэ, Орто Халыма, Хатыҥнаах сэл.
- Киин бибилэтиэкэ тиһигин 10-с №-дээх филиала, Дьокуускай, Тулагы сэл., Николаев уул. 34.
- Дордосов Аркадий Афанасьевич, Горнай, Бэрдьигэстээх сэл., Тутуу уул. 2.
- Дьаархан бибилэтиэкэтэ, Сунтаар, Арыылаах сэл., Тихонова уул. 7.
- Захарова Полина Ивановна, Сунтаар, Кутана сэл., Крыжановскай уул. 22.
- Ксенофонтов Иван Иванович, Үөһээ Бүлүү, Баҕадьа сэл. (Сургуулук).
- Копырин Степан, Уус Алдан, Уус Күөлэ, Н.А. Аммосов уул. 21.
- Лукин Юрий Петрович, Бүлүү к., Марк Жирков уул. 2.
- Михайлов Илья Ильич, Хаҥалас, Тиит Эбэ, Скрябиннар уул. 41.
- Никитина Мария Куприяновна, Сунтаар, Уһун Күөл сэл.
- Аллараа Бэстээх бибилэтиэкэтэ, Мэҥэ Хаҥалас, Аллараа Бэстээх бөһ.
- Неустроев Иван Михайлович, Амма, Амма сэл., Д.С. Ефремов уул. 5.
- Полятинскай Алексей Иванович, Дьокуускай к., почтамт.
- Протопопов И.С., Нам, Нам сэл., Өктөөп уул. 33-1.
- Петров Николай Прокопьевич, Чурапчы, Дириҥ сэл., Бартыһаан уул. 36.
- Попов Григорий Дмитриевич, Амма, Амма сэл., Строд уул. 28.
- Софронеев Леонид Егорович, Горнай, Кэптин сэл.
- Саввинов Николай Петрович, Горнай, Бэс Күөл сэл.
- Федорова Ульяна Гаврильевна, Сунтаар, Хордоҕой сэл.
- Хаптаҕай бибилэтиэкэтэ, Мэҥэ Хаҥалас, Хаптаҕай сэл.
Кыыл табаҕа:
- Атласов Степан Ильич, Өймөкөөн улууһа.
- Афанасьев В.В., Бүлүү к., Ленин уул. 15-4.
- Бухаров Андрей Викторович, Өлүөхүмэ, Хоро сэл., Солооһун уул. 15.
- Винокуров Петр Николаевич, Дьокуускай к. Сатал түөлбэтэ, Янтарнай уул. 11.
- Григорьев Гаврил Куприянович, Дьокуускай, Кочнев уул. 72.
- Данилов Валерий Емельянович, Сунтаар, Сардаҥа сэл., Хомсомуол уул. 14.
- Захаров Дмитрий Робертович, Таатта, Боробул сэл., Заречнай уул. 10.
- Иванов Анатолий Прокопьевич, Сунтаар, Сардаҥа, Набережнай уул. 26.
- Иванов Гаврил Матвеевич, Бүлүү к., Ленин уул. 39-9.
- Иванов Байрон Николаевич, Бүлүү, Күбэйиҥдэ (Үгүлээт), Киин уул. 37.
- Куличкин С.С., Нам, Кыһыл Сыыр, Хоту уул. 10.
- Күөрэлээх бибилэтиэкэтэ, Горнай, Күөрэлээх сэл.
- Лавров Степан Петрович, Кэбээйи, Сэбээн Күөл.
- Матвеев Дий Дмитриевич, Нам, Харыйалаах сэл.
- Мучурунов Иван Петрович, Бүлүү, Сатаҕай (Кыргыдай).
- Маганныров Климент Юдович, Сунтаар, Хордоҕой сэл.
- Николаева Туяра Никитична, Ньурба, Сайылык (Хорула).
- I Наахара бибилэтиэкэтэ, Мэҥэ Хаҥалас, Тиэлиги сэл.
- Прокопьев Василий Михайлович, Ньурба, Киров сэл., Револий Иванов уул. 16.
- Петрова Любовь Егоровна, Сунтаар, Күндэйэ сэл., Хомсомуол уул. 62.
- Прохоров Степан Анатольевич, Үөһээ Бүлүү.
- Петров Василий Иванович, Бүлүү, Сыдыбыл сэл., Эйэ уул. 9-2.
- Попов Василий Александрович, Чурапчы, Чыаппара сэл.
- Слепцов Дмитрий Дмитриевич, Чурапчы, Чурапчы сэл., Субуруускай уул.
- Саввинов Александр Иванович, Ньурба, Өҥөлдьө сэл.
- Сидоров Дмитрий Агафонович, Мэҥэ Хаҥалас, Бүтэйдээх сэл.
- Степанова Матрена Алексеевна, Ньурба, Сайылык (Хорула).
- Трифонов Михаил Александрович, Мэҥэ Хаҥалас, Майа сэл.
- Убабытов А.Б., Өлүөхүмэ к., Спасскай уул. 23.
- Юмшанова Анна Егоровна, Үөһээ Дьааҥы, Токума сэл., Арҕаа уул. 10.
Кулааһайга:
- Егоров Л.Н., Нам улууһа.
- Иванов Никита Иванович, Бүлүү, Эбэ сэл., Ыччат уул. 5.
- Мохначевскай Гаврил Гаврильевич, Чурапчы, Толоон (Бахсы).
- Макаров Прохор Петрович, Чурапчы, Уһун Күөл, Чараҥ уул. 2.
- Родионов Юрий, Хаҥалас, Тиит Арыы сэл., Заречнай уул. 13.
Эһэҕэ:
- Афанасьев Михаил Васильевич, Ньурба, Сүлэ сэл.
- Ильин Сергей Андреевич, Нам, Аппааны сэл., И. Винокуров уул. 4.
- Колесова Зоя Григорьевна, Эбээн Бытантай, Бытантай Алыыта сэл., Сэбиэскэй уул. 11.
- Пикало Валентина Николаевна, Уус Маайа, Петропавловскай сэл., Кривошеиннар уул. 4.
- Протодьяконов Петр Борисович, Чурапчы, Чыаппара сэл., Протодьяконов уул. 95.
“Сахабулт” ҮХАБХ АУо сүрүн бириистэрэ (босхо лицензиялар)
Мэҥэ Хаҥалас улууһугар кыыл табаҕа:
Абрамова Евдокия Николаевна, Уус Маайа, Эдьээн сэл.
Таатта улууһугар туртаска:
Павлов Егор Михайлович, Мииринэй, Айхал бөһ., Үбүлүөйүнэй уул. 2-84.
Бүлүү улууһугар тайахха:
Матта бибилэтиэкэтэ, Мэҥэ Хаҥалас, Матта сэл.
Күндү сурутааччыларбыт, сүүйбүт сертификаккытын атырдьах ыйын 30 күнүн аһарбакка, Бэчээт дьиэтин 125-с хоһуттан кэлэн ылаҕыт уонна тута “Сахабулт” АУо офиһыгар балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри тиийэн, харчытын төлөөн, лицензияҕытын илдьэ бараҕыт. Бэйэҕит кыайан кэлбэт эбэтэр бултаабат буоллаххытына, чугас дьоҥҥутугар, доҕотторгутугар бэлэхтииргит хааччахтаммат. Хойутаатаххытына, баҕарар сиргитигэр (улуускутугар) бүппүт буолуон сөп. Онон төһөнөн эрдэ – соччонон үчүгэй.
Кыыл табаны уонна эһэни бултааһын атырдьах ыйын 1 күнүттэн саҕаламмытын санатабыт. Тайах булда балаҕан ыйын 15 күнүттэн көҥүллэнэр. Туртаһы, кулааһайы сонордоһуу алтынньы 1 күнүттэн көҥүллээх.
Василий Никифоров
Лина Моякунова хаартыскаҕа түһэриитэ
Читайте нас в: