Өрөспүүбүлүкэ агробырамыысыланнай комплексыгар идэлээх каадырдары тардар уонна тыа сиригэр олохсуйан үлэлииллэрин көҕүлүүр инниттэн Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтэ 2012 сылтан саҕалаан тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр, бааһынай хаһаайыстыбаларга үлэлиир эдэр исписэлиистэргэ ый аайы харчынан төлөбүрү оҥорон кэллэ.
Ыйдааҕы төлөбүрү биэрии эдэр исписэлиис сайаапкатыгар олоҕурар уонна судаарыстыба өйөбүлэ Ил Дархан 2017 сыл ыам ыйын 3 күнүнээҕи 1869 №-дээх “Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр, тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтииптэригэр уонна бааһынай хаһаайыстыбаларыгар үлэлиир эдэр исписэлиистэргэ ый аайы харчынан төлөбүрү олохтуур туһунан” Ыйааҕынан сүрүннэнэр. Сүрүн ирдэбил: төлөбүрү ылааччы 36 сааһын туола илик, үөрэнэн ылбыт идэтинэн тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр, тыа хаһаайыстыбатын потребительскай кэпэрэтиибигэр эбэтэр бааһынай хаһаайыстыбаҕа бастакытын үлэлиир буолуохтаах.
Үөһэ ыйыллар Ыйаахха Ил Дархан Айсиэн Николаев 2024 сыл ыам ыйын 21 күнүнээҕи 324 №-дээх Ыйааҕынан уларытыылары киллэрбитин санатабыт. Олор манныктар: сайабылыанньаны “Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөрүн портала” судаарыстыба иһитиннэрэр тиһигин (http://www.e-yakutia.ru) нөҥүө биэриэххэ сөп; эдэр исписэлиистэргэ ый аайы тиксэриллэр харчынан төлөбүр социальнай өйөбүл (көмө) дьаһала буоларынан, Нолуок кодексын 217-с ыстатыйатын 79-с пуунунан нолуоктааһынтан босхолонор; ый аайы бэриллэр харчынан төлөбүр 3 сыллаах Сөбүлэһиитин маннык түбэлтэлэргэ уһатар кыах үөскээтэ: а) эдэр исписэлиис хат буолбутунан уонна төрүүрүгэр, ону тэҥэ оҕотун көрөрүгэр уоппуска ыллаҕына (ити ыйыллар уоппускалар кэмнэригэр Сөбүлэһии болдьоҕо уһатыллар); б) эдэр исписэлиис анал байыаннай дьайыыга кытта бардаҕына (тэрилтэҕэ-хаһаайыстыбаҕа салгыы үлэлии тиийдэҕинэ, Сөбүлэһии болдьоҕо анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэмин саҕа уһатыллар).
Харчынан төлөбүрү – толору кээмэйинэн
Эдэр исписэлиистэргэ ый аайы бэриллэр харчынан төлөбүр социальнай өйөбүл (көмө) дьаһалынан билиниллэн, аны нолуоктааһынтан босхолонно диэтибит. Ыйаах уларытыыта быйыл бэс ыйын 1 күнүттэн олоххо киирдэ. Инньэ гынан, хаһаайыстыбаҕа үлэлиир эдэр исписэлиис үөрэҕин таһымыттан уонна ханна үлэлиириттэн тутулуктанан, көрүллүбүт көмөнү бүтүннүү ылар буолла. Ол кээмэйэ төһөнүй? Санатыстахха, харчынан төлөбүр кээмэйэ 2012 – 2019 сс. биир кэм турбута. Онтон 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 50 бырыһыан үрдэтиллибитэ.
Холобур, СПТУ, ГПТУ үөрэхтээх, оробуочай (сулууспалаах) идэлээх эдэр исписэлиис Аартыка уонна хотугу улуустарга (бу бөлөххө 13 хотугу муниципальнай оройуону кытта Кэбээйиттэн Ламынха национальнай нэһилиэгэ (Сэбээн Күөл) уонна Томпо улууһуттан Томпо национальнай нэһилиэгэ (Тополинай) киирэллэр) үлэлии тиийдэҕинэ, 8 тыһ. солкуобай ааҕыллара гынан баран, нолуоктанан, илиитигэр 6 960 солкуобайы ылара. Онтон үрдэтиллибитин кэнниттэн 12 тыһ. солкуобай ааҕыллан, 10 440 солкуобайы ылар буолбута. Аны нолуоктаммакка, көрүллүбүт 12 тыһыынча солкуобай эдэр үлэһиккэ лөглөччү тиийиэҕэ.
Мантан салгыы илиилэригэр ылар кээмэйдэрин эрэ ыйыам. Профтехучилище үөрэхтээх эдэр киһи Аартыка уонна хотугу улуустартан ураты муниципальнай оройуоҥҥа (куораттааҕы уокурукка) үлэлиир буоллаҕына, 9 тыһ. солкуобайы ылар. Орто анал үөрэхтээх эдэр исписэлиис Аартыкаҕа, хоту үлэлии тиийдэҕинэ – 16,5, олортон ураты улуустарга үлэлииригэр 12 тыһ. солкуобайы көмөлөһүннэрэр. Үрдүк үөрэхтээх эдэр исписэлиис туһааннааҕынан 22,5 тыһ. уонна 15 тыһ. солкуобайы ылар.
Оробуочай идэлээх сыаналанар буолла
Үс өрүттээх Сөбүлэһии Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин министиэристибэтин итиэннэ эдэр исписэлиис, үлэнэн хааччыйааччы икки ардыларыгар түһэрсиллэр. Үлэ дуогабара эдэр исписэлиис уонна үлэнэн хааччыйааччы икки ардыларыгар 3 сылтан кылгаһа суох болдьоххо оҥоһуллар.
Дьэ, аны 2012 сылтан саҕалаан 2024 сыл бастакы аҥаарынааҕы статистиканы көрөбүт. Муҥутуур элбэх Сөбүлэһии 2019 с. түһэрсиллибит: 200-тэн 168-һа саҥа оҥоһуллубут, 32 уһатыллыбыт. Үгүөрү үбүлээһин 2013 с. көрүллэн бэриллибит. Ол сиэринэн даҕаны, ити сыл 515 эдэр исписэлиискэ (атын сыллардааҕы көрдөрүүлэр манна ырааҕынан тиийбэттэр) харчынан төлөбүр тиксэриллэ сылдьыбыт. Кинилэртэн 302-тэ үрдүк, 181-э орто анал уонна 32-тэ алын сүһүөх үөрэхтээхтэр. Үрдүк уонна орто анал үөрэхтээх исписэлиистэр бастакы 8 сылга ахсааннарынан лаппа баһыйар эбит буоллахтарына, алын сүһүөх идэлээхтэр 2020 сылтан саҕалаан орто анал идэлээхтэртэн элбээбиттэр, өссө 2021 с. үрдүк үөрэхтээхтэри баһыйа сылдьыбыттар (133 – 142).
Хомойуох иһин, эбии төлөбүрдээх хамнаска хамныан баҕалаах ыччат сылтан сыл аҕыйаан, ааспыт 2023 сылга 280 эдэр киһи харчынан төлөбүрү ылбыт. Үбүлээһинэ даҕаны онно дьүөрэлии – 24,3 мөл. солкуобай. Быйыл сыл аҥаарыгар өссө мөлтөх: 187 эдэр исписэлиис харчынан төлөбүрү ылар, үбүлээһин кээмэйэ – 8,1 мөл. солкуобай, 19 саҥа эдэр исписэлиис Сөбүлэһии түһэрсибит. Сыл иккис аҥаарыгар, биллэн турар, быйыл үөрэхтэрин бүтэрбиттэр эбиллэн биэриэхтэрэ.
Дойду сиргэ улахан хаһаайыстыбаларга хаалаллар
Аны эдэр исписэлиистэр туох киэптээх хаһаайыстыбаларга ордук-хото үлэлииллэрин уонна ханнык улуустары талалларын тэҥнээн көрүөҕүҥ. Ааспыт 2023 сылга харчынан төлөбүр (көмө) ылбыт 280 киһиттэн ХЭУо, АУо, МУТ, ГУТ киэптээх тэрилтэлэргэ, хаһаайыстыбаларга 146, тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр 127 (производственнайыгар – 21, потребительскайыгар– 106), бааһынай хаһаайыстыбаларга 7 исписэлиис үлэлээбиттэр. Кинилэртэн 49 эрэ эдэр киһи хоту үлэлии тиийбит. Уоннааҕы 231 исписэлиис Дьокуускайга уонна, хотулар этэллэринэн, дойду сиргэ хаалбыттар.
Быйыл сыл бастакы аҥаарыгар 187 эдэр исписэлиис дуогабардааҕыттан аҥаардара – 93 киһи ХЭУо, АУо, МУТ, ГУТ киэптээх тэриллиилэргэ, 87 киһи тыа хаһаайыстыбатын кэпэрэтииптэригэр, 7 киһи бааһынай хаһаайыстыбаларга үлэлии сылдьаллар. Үрдүк (75-тэн 70), орто анал (62-тэн 57) уонна алын сүһүөх (50-тан 46) үөрэхтээхтэри, сүрүннээн, улахан хаһаайыстыбалар уонна потребительскай кэпэрэтииптэр үлэҕэ ылаллар эбит. Кинилэртэн 17 эрэ киһи хоту үлэлиир. Ити иһигэр быйыл саҕалаабыттартан соҕотох исписэлиис хоту барбыт (Сөбүлэһии түһэрсибит 19 эдэр киһиттэн).
Өссө илдьиритэн ырыттахха, 2022 с. 68 эдэр исписэлиис хоту сылдьан, көмө ылбытыттан 20-тэ Булуҥ, 9-туу киһи Анаабыр уонна Муома улуустарыгар, 12-тэ Томпо (Тополинай) уонна 9-һа Ламынха (Сэбээн Күөл) национальнай нэһилиэктэргэ үлэлээбиттэрэ. Ити кэмҥэ Дьокуускайга 77, Тааттаҕа 35, Хаҥаласка 28, Мэҥэ Хаҥаласка 23, Сунтаарга 14, Бүлүүгэ 13 эдэр исписэлиистэр көмөнөн туһаммыттар (10-тан тахсалларын эрэ ааттаатым).
Онтон 2023 с. 49 “хотугу” исписэлиистэн Булуҥҥа 16, Муомаҕа 9, Тополинайга 9, Сэбээн Күөлгэ 7 эдэр киһи бааллара. Оттон Дьокуускайга 64, Тааттаҕа 31, Мэҥэ Хаҥаласка 27, Хаҥаласка 23, Сунтаарга 14, Ленскэйгэ 11 исписэлиис үлэлииллэрэ. Быйыл сыл бастакы аҥаарыгар 170 эдэр исписэлиис дойду сиргэ хаалбытыттан 50-а Дьокуускай, 25-һэ Мэҥэ Хаҥалас, 24-дэ Таатта, 13-һэ Хаҥалас хаһаайыстыбаларыгар үлэлээн, көмө төлөбүр ыла сылдьаллар.
Үлэнэн хааччыйар (үлэ биэрэр) тэрилтэлэр ахсааннарын 2002, 2023 сылларга уонна 2024 сыл бастакы аҥаарыгар Аартыка, хотугу итиэннэ онтон ураты улуустар диэн арааран тэҥнээтэххэ, туһааннааҕынан маннык сыыппаралар тахсаллар: 20, 20, 11 итиэннэ 63, 57, 49. Көстөрүн курдук, хотулартан үлэһит көрдөөччү ахсаана үс төгүл баһыйтарар. Маны хоту эҥээргэ тэриллиилээх улахан хаһаайыстыба аҕыйаҕынан быһаарыахха сөп. Ити иһигэр хотулартан үөһэ ыйыллыбыт сылларынан үлэнэн хааччыйааччы ахсаана Муомаҕа – 6, 6, 5, Булуҥҥа – 3, 4, 3 итиэннэ киин сиргэ Дьокуускайга – 9, 8, 8, Тааттаҕа – 7, 5, 5, Мэҥэ Хаҥаласка – 4, 7, 6.
Табаһыт, буҕаалтыр, технолог – былдьаһык
Кимнээх, чуолкайа, ханнык үөрэх тэрилтэтин бүтэрбит уонна туох идэлээх оҕолор тыа сиригэр үлэлии тиийэллэр эбитий? Ааспыт сылга харчынан төлөбүр ылбыт 280 эдэр исписэлиистэн 131 АГАТУ-ын (уруккута Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академията), 16 ХИФУ-ты, 103 атын үрдүк үөрэх тэрилтэлэрин, 30 Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбит устудьуоннар. Маныаха биир түгэни бэлиэтиир тоҕоостоох: АГАТУ аанын сабан тахсыбыт исписэлиис барыта үрдүк үөрэхтээх диэн өйдүүр сыыһа. Ити 131 исписэлиистэн АГАТУ иһинэн анал орто үөрэҕи бүтэрбит 3, эбии үөрэхтээһини ааһан оробуочай идэлэммит 54 киһи бааллар. Атын үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэммиттэр истэригэр эмиэ 46 орто анал, 33 алын сүһүөх үөрэхтээх исписэлиистэр киирэн сылдьаллар. ХИФУ орто анал идэлээх 2 исписэлииһи бэлэмнээбит.
Быйыл сыл бастакы аҥаарыгар 187 эдэр исписэлиис харчынан төлөбүр ыла сылдьарыттан 75-тиитэ АГАТУ-ын уонна атын үрдүк үөрэх кыһаларын, 15 ХИФУ-ты, 23 Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрээччилэр. Кинилэр ортолоругар АГАТУ орто анал үөрэҕин бүтэрбит 4, оробуочай идэни ылбыт 20 исписэлиис итиэннэ атын үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр идэ ылбыт 35 орто анал, 28 алын сүһүөх үөрэхтээхтэр бааллар.
Харчынан төлөбүрү ылбыт алын сүһүөх үөрэхтээх, оробуочай идэлээх эдэр исписэлиистэртэн баһыйар аҥаардара – табаһыттар. Ол курдук, 2022 с. 56 (оробуочай идэлээх 115 киһи баарыттан), 2023 с. 39 (89 киһиттэн), быйыл сыл бастакы аҥаарыгар 13 (50-тан) эдэр киһи үлэлээбит. Туһааннаах сылларынан суоппардар 12, 11, 11, балыксыттар 9, 6, 1, сылгыһыттар 4, 4, 4, ыанньыксыттар 6, 3, 3, слесарьдар 8, 4, 3, сыбаарсыктар 10, 2, (быйыл сыл бастакы аҥаарыгар суох) буола сылдьыбыттар. Хаһаайыстыбаларга мэхэньисээтэр тиийбэт кыһалҕата баар эрээри, ити кэм устатыгар соҕотох тырахтарыыс үлэлээбитэ хобдох.
Оттон орто анал идэлээх уонна үрдүк үөрэхтээх эдэр исписэлиистэр ахсааннара холбоон 2022 с. 215, 2023 с. 191, быйыл сыл бастакы аҥаарыгар 137 буолбутуттан буҕаалтыр уонна технолог идэлээхтэр атыттартан таһыччы элбэхтэр. Ол курдук, туһааннаах сылларынан 27, 24, 17 эдэр киһи буҕаалтырдаабыт,26, 25, 23 исписэлиис технологтаабыт. Тэҥнэбилгэ: зоотиэхиньик – 12, 12, 11; агроном – 12, 9, 3; бэтэринээр-быраас –8, 10, 4; инженер – 8, 4, 4; экэнэмиис – 7, 10, 7; лаборант – 7, 7, 3; слесарь – 4, 4, 3; юрисконсульт – 4, 5, 5; каадырга исписэлиис – 3, 4, 1.
***
Саҥа чэпчэтиилэри киллэрии ыччат тыа хаһаайыстыбатыгар сыстан үлэлииригэр хайа эмит өттүнэн сабыдыаллаах буоллар диэн баҕарабыт. Ону кэлэр сыллар түмүктэриттэн эрэ билэр кыахтаахпыт.
Василий Никифоров
АГАТУ пресс-сулууспатын хаартыскаҕа түһэриитэ
Читайте нас в: