Анатолий Павлов-Дабыл: Олоҥхо ыһыаҕар Айыы санаа түһүлгэтэ үөскүөхтээх

Аммаҕа ыытылла турар Олоҥхо Ыһыаҕын бастакы күнүгэр Сээркээн Сэһэн түһүлгэтэ арылынна. Түһүлгэ үлэтин Дьокуускай куораттан “Кут-сүр” уопсастыбаннай тэрилтэ иилээн-саҕалаан ыытта. Тэрээһин уонна норуот өйүн-санаатын биир санааҕа түмүү туһунан суруналыыс, тыл үөрэхтээҕэ Анатолий Павлов-Дабыл бэйэтин санаатын үллэһиннэ:

— Урут биһиги маннык түһүлгэни Нам ыһыаҕар тэрийбиппит, онтон бу иккис улахан тэрээһиммит, биллэн турар, дьон кыттыыта быһаарыа. Сээркээн Сэһэн түһүлгэтин арыйаары манна куораттан кэлбиппит, “Кут-сүр” диэн 40-ча сыл саха өйүн-санаатын үөрэтэр уопсастыбаннай тэрилтэ. Ону төрүттээн, үлэтин тэрийэн барбыт киһинэн Лазарь Андреевич Афанасьев-Тэрис диэн буолар.

Ыһыах холумтаннаах буолуохтаах. Былыр бу ыал холумтана суох, куһаҕан холумтаннаах диэн этэллэрэ. Ол аата олоҕу оҥостор кыахтара, бэйэлэрин толкуйдара суох диэн саныыллара.

Норуот быһыытынан бэйэбит өйбүтүн-санаабытын сирдьит оҥосто сылдьыахтаахпыт. Ону этэбин холумтан диэн. Биһиги бэйэбит киэн туттардаах, харыстыырдаах, өрө тутардаах буолуохтаахпыт. Норуот бэйэтин бэйэтэ тэпсэн үчүгэй буолбута суох. Бэйэтин бэйэтэ аанньа ахтыбат, суолталаабат буоллаҕына, ол аата бүттэҕэ дии.

Ол иһин бу быйылгы ыһыахха, Аммаҕа, Олоҥхо ыһыаҕар Айыы санаа түһүлгэтэ үөскүөхтээх. Онно Сээркээн Сэһэн киирэн олоруохтаах. Биһиэхэ билигин олус элбэх ытык өйдөбүллэрдээхпит, олору өрө көтөҕүөхпүтүн наада.

Бу бүгүн 21-с үйэҕэ көммөтөхпүтүнэ, көрүнэн-хамнанан испэтэхпитинэ, үһүс тыһыынчаҕа сүтэрбит чуолкай. Үлэлиир көлүөнэ хаалыахтаах. Биһиги ол көлүөнэни, ыччаты бэлэмнээбэтэхпитинэ, кэлэр кэмҥэ ким кэпсии-ипсии, саҥара сылдьыай. Бүгүн ити кыайан саҥарбат дьон оһуохайдыылларын, дьону-сэргэни алҕыахтарын саарбахтыыбын. Ыллыахтара-туойуохтара тохтуо, аҕыйыа. Ити билигин ыччат ыллыырын истэбин, «эттээх» ырыаһыт суох.

Норуот сылга биирдэ түмсэригэр дьон санаата түмүллэрин ситиһэ сатыахтаахпыт. Бэйэ санаатын суолталыыр, ытыктабыллаахтык сыһыаннаһар, онно сөптөөх сиэри-туому тутуһар, батыһар буолуохтаах. Биһиги өйбүт-санаабыт уларыйыан, көнүөн, сырдык, кэскиллээх өттүгэр бара сатыахпытын наада.

Диана Александрова хаартыскаҕа түһэриитэ

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ