Александр Жирков Ньурба уустарын, култуура үлэһиттэрин кытта көрүстэ

Ньурба оройуонун култуураҕа департаменыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин маҥнайгы солбуйааччыта Александр Николаевич Жирков ыалдьыттаата. Бу туһунан улуустааҕы култуура департаменыгар иһитиннэрдилэр. 

Көрсүһэр үтүө түгэн СӨ норуотун маастара Владимир Иванович Саввинов оҥоһуктарын билиһиннэриитинэн саҕаланна, ыалдьыт Александр Жирков олус сэргээтэ, хас биирдии оҥоһугу чинчийэн көрдө-иһиттэ.

Култуура үлэһиттэрин, Ньурба уустарын кытары көрсүһүү буолла. Тэрээһини Култуура департаменын салайааччыта Розалия Тихонова аан тылы этэн арыйда. Бэрт дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии таҕыста. Александр Николаевич саха норуота тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала Улуу Олоҥхобут норуот быһыытынан төрүт үгэстэрбитин харыстаан илдьэ сылдьарбытыгар төһүү күүс буоларын, төрөөбүт тылбытын-өспүтүн кэнчээри ыччакка тириэрдэр ытык иэспит тула суолталаах этиини этэн туран, Өрөспүүбүлүкэбит салалтата төрүт үгэһи, талба талааннаахтары өйүүр үлэни тэтимнээхтик ыытарын бэлиэтээтэ. Бу барҕа баайы харыстыыр үлэни ыыта сылдьар эйгэ үлэһиттэригэр сүрүн соругу сөпкө тэринэн үлэлииллэригэр сүбэ-соргу биэрдэ.

Култуура үлэһиттэрэ Александр Николаевичка түбүктээх үлэтин быыһыгар быыс булан, көрсүһэн, тылын-өһүн анаабытыгар, үлэ үөрүүтүн үрдэппитигэр махталларын биллэрдилэр.

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ