Бэрт Ууһун нэһилиэгин Сыырдаах бөһүөлэгин олохтооҕо Анатолий Копырин билиҥҥи кэмҥэ тутууга тоҕоостоох сип-панель матырыйаалы оҥорон таһаарар буолла. Кини Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын 2013 сыллааҕы выпускнига, ХИФУ инженернэй-техническэй институтугар тутуу инженерин идэтин ылбыта.
Анатолий сип-панель оҥорорунан дьарыктаныахпын сөп эбит диэн былааннаан, бастаан соцконтракка кыттан 350 000 солкуобай ылбыт, ону таһынан Дьарыктаах буолуу кииниттэн 150 000 солкуобай көмө харчы ылан санаатын 1,5 сылынан олоххо киллэрдэ.
«Саҥа үлэлэтэн сакаастары ылан эрэбин. Бүгүн бастакы сакааспын оҥордум. Матырыйаалым Аллараа Бэстээх сыанатын кытта тэҥ, кыранан чэпчэки да диэххэ сөп. Күҥҥэ 64-144 устууканы оҥорон таһаарабын. Биир дойдулаахтарым бэйэ оҥоһуутунан туһанан араас тутуулары тутталларын баҕарабын. Тутууга эмиэ сакаас ылабын», – диэн эдэр урбаанньыт үөрүүтүн үөрэ-көтө үллэһиннэ.
Мария Аргунова
Читайте нас в: