Ил Дархан Айсиэн Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытта үс чаас устата быһа эфиргэ тахсан кэпсэппитин тухары тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы сыһыаннаах соҕотох ыйытыы киирдэ. Тыа хаһаайыстыбатын салаатын кыһалҕата барыта быһаарыллыбыт буоллаҕа диэххэ айылаах. Арай, Сунтаар улууһуттан Александр Федоров быйыл “ынах харчыта” улаханнык хойутаабытыттан мунчааран олорорун туһунан этиннэ.
Сүөһүлээх ыал аҕа баһылыга: “Ынах харчытын” аһара хойутатаннар, суол быстарыктаах ыраах олорор улуус дьоно кыһыҥҥы суолу баттаһа сайын оттуур тиэхиньикэбитигэр уматык, сапчаас ылынан хаһаанан кэбиһэрбит быйыл уустугурда. Субсидияны суһалсытарга туох дьаһал ылыллыай?” – диэтэ. Сунтаар олохтооҕо “ынах харчыта” диэн кэтэх хаһаайыстыбалаах ыал ынаҕын төбөтүгэр көрүллэр көмө харчыны эппитэ сэрэйиллэр. Онуоха Айсиэн Сергеевич А. Федоров ыйыппыт “төбө харчытыгар” итиэннэ быйыл олунньу бүтүүтүттэн саҕалаан өрөспүүбүлүкэ бааһынайдара туттарбыт үүттэригэр субсидия ыла иликтэрин туһунан аймаммыттарын холбуу тутан хоруйдаата, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн улуустар тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйөөһүҥҥэ судаарыстыба сорох боломуочуйатын толороллоругар анаан ыытыллар субвенция үбэ туохтан тардылларын быһааран баран, инникитин ону туоратарга дьаһал биэрбитин иһитиннэрдэ.
Дьиҥинэн, быйыл кэтэх ынах төбөтүгэр даҕаны, туттарыллыбыт үүккэ даҕаны көрүллэр көмө харчы иккиэн улуустарга барыларыгар бытаардылар. Санатан суруйдахха, Ил Дархан сорудаҕынан “төбө харчыта” 2024 сыллааҕы бүддьүөккэ 37 тыһ. солкуобайтан 39 тыһ. солкуобайга, маны тэҥэ хотугу улуустарга кэтэҕиттэн, тэриллиилээҕиттэн тутулуга суох (эрдэ тэриллиилээхтэргэ эрэ биэрэллэрэ) 45-тии тыһ. солкуобайга диэри үрдэтиллибитэ. Ону сэргэ тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга “үүт харчытын” субсидиятын 1 киилэ үүккэ быһыллар ыстаапката 60 солкуобайтан 65 солкуобайга өрө таһаарыллыбыта.
Тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ Артем Александров өссө төгүл тоһоҕолоон быһаарбытынан, субсидиялар ыстаапкалара Бүддьүөт сокуонугар ыйыллан сылдьаллар. Ол иһин ыстаапка хас үрдэтилиннэҕин ахсын Бүддьүөт сокуонугар уларытыы киллэриллэр. Ону бырабыыталыстыбанан, Ил Түмэнинэн эргитэн сөбүлэһиннэрэргэ, бигэргэттэрэргэ элбэх күн-дьыл баранар. Миниистиртэн тыа хаһаайыстыбатын үлэтин өйүүр саҥа мэхэньииһим киллэриллиэҕиттэн ала-чуо тоҕо быйыл бытаарыы тахсыбытын чуолкайдаспыппар:
“Нуорма-быраап акталарын сөбүлэһиннэрии регламена сылтан сыл ыараан, кытаатан иһэр. Инникитин субсидиялар ыстаапкаларын туһунан балаһыанньаны сокуон иһиттэн таһааран, өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатын уурааҕынан бигэргэттэрэн ылынар буолуохпут. Оччоҕуна көмө харчы тыа дьонугар тиийэрэ быдан судургутуйуо, суһалсыйыа”, – диэн хоруйдаата.
Василий Никифоров
Читайте нас в: