Курбуһахтааҕы интэринээт олохтоохторо кырыымпа тыаһыгар уйдардылар

Бүгүн Курбуһахтааҕы интэринээт-дьиэ кырдьаҕастарыгар Н.Н.Окоемов аатынан Курбуһахтааҕы орто оскуола төрүт култуураҕа учуутала, кыл кырыымпа оҥоруутун маастара Василий Тимофеев уонна 10 кылаас үөрэнээччитэ Дима Пестряков саха норуотун төрүт дорҕоонун, кыл кырыымпа алыптаах тыаһын иһитиннэрдилэр, хайдах оҥоһулларын сиһилии билиһиннэрдилэр.

Кырдьаҕастарбыт эдэр, оҕо саастарын кэмигэр истибит кырыымпаларын тыаһын чуумпуран олорон иһиттилэр, билэр матыыптарын киҥинэйэн ыллаһа олордулар. Дима былыр-былыргыттан хас да көлүөнэни уҥуордаан кэлбит кырыымпаны учууталларын салалтатынан бастаан хайдах саҕалаан оҥорбутун кэпсээтэ.

Номнуо икки кырыымпаны оҥорбут. Василий Тимофеевич чуһуурбаҕа, хомуска, кырыымпаҕа оонньообутун дохсун ытыс тыаһынан айхаллаан биэрдилэр. Кырдьаҕастарбыт кырыымпаны тутан-хабан, тыаһатан көрөн астыннылар.

Учуутал Василий Тимофеев улууска, республикаҕа, Россияҕа, тас дойдуларга тиийэ биллэр үгүс ситиһиилээх оскуола үөрэнээччилэрин «Сардаҥа» хомус бөлөҕүн салайар.

Уус Алдан улууһугар кырыымпаны оҥоруу биһиги оскуолабытыттан саҕаламмытын киэн тутта бэлиэтиибит. Инники былааннарыгар кырыымпаһыттар бөлөхтөрүн тэрийэр былааннаахтарын биһирээтибит, астынныбыт. Истиҥ көрсүһүү бэлиэтин Василий Тимофеевич интэринээккэ бэйэтэ оҥорбут чуһуурбатын бэлэх уунан үөрүүбүтүн үрдэттэ.

Кырыымпа алыптаах тыаһын бэлэхтээбит ыалдьыттарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит, инники былааннаргыт барыта туоллуннар, сахабыт төрүт муусукатын өссө да сайыннаран, дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтии тураргытыгар, чэгиэн доруобуйаны, үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиилэри баҕарабыт!

Мария Винокурова, Курбуһах

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ