Ньурба куоратыгар «Город женщин» кулууп кыттыылаахтара байыаннай дьайыыга сылдьааччыларга анаан үлэлиир «КөмүсКэл» иис сыаҕар үтүө дьыаланы оҥордулар. Аахсыйа муус устар 13 күнүгэр бэлиэтэнэр, Үтүө күн күнүгэр сөп түбэстэ, диэн суруйар «Ньурба» хаһыат.
«Город женщин» кулууп салайааччыта Анжелика Федорова:
— Матырыйаал кэллэ диэн көмөҕө ыҥырбыттарыгар, түмсэн тиийэн көмө буоллубут. «КөмүсКэл» салайааччыта Галина Дмитриевна Федорова көмөҕө дьону ыҥыртаатаҕына, дьон үлэлэриттэн быыс булан көмөлөһөллөр эбит.
Түгэнинэн туһанан, Ньурба улууһа, куорат олохтоохторо бүттүүн турунан, кыайыыны уһансааччыларга өйөбүл, көмө буолуоҕуҥ, хаһан баҕарар бириэмэлэннигит да кэлэн көмөлөһүҥ, — диэн бар дьону ыҥырыынан түмүктээтэ.
Антонина Семенова
Читайте нас в: