Саамай кэтэһиилээх кэмнэр эр дьонҥо – куска көҥүл тахсыыта, тайахха уонна тыатааҕыга бултуурга бэриллэр көҥүл түҥэтиллэрэ. Эрдэттэн куска бэлэмнэнэн саа-сэп бэрийиитэ, дурда-хахха тутуута, уу таһаараары күл да ыһааччы баар буолааччы.
Ол курдук, Мэхээлэлээх үһүө буолан кус көҥүлүн икки хонук иннинэ мээнэ тимир көлө тиийбэт сиригэр үс атынан айаннаатылар. Сарсыарда эрдэ турбут буоланнар, эбиэт кэннэ олох сирдэрин булан, үүтээннэрин оттон аһаан баран ким дурда көрө, ким мас мастыы, ким уу таһа бардылар. Куруук кустуу кэлэр сирдэрэ буолан үүтээн төгүрүк маһынан олохтоохтук тутуллубут, мал-сал барыта бэйэтэ миэстэлээх. Дурдалара эмиэ оннук, мээнэ киһи таба булан көрбөт сыыр быарыгар хаһыллан землянкалыы быһыылаах, үс киһи кус маныыр, өссө олорон эрэн аһыыр сирдээх, уурбут-туппут курдук, бары барыта бэйэтэ анал миэстэлээх.
Киэһэриитэ үлэлэрин үмүрүтэн, киэһээ астарын астана-астана үүтээн таһынааҕы остуолга олорон үгэс курдук ааспыт сыллааҕы куска хайдах бултаабыттарын ахтан, көрдөөх түгэннэри санаһан күлсүү-салсыы буолла. Ханна да кэпсэтии буоллаҕына биир тематтан атын-атын темаҕа кэпсэтии уларыйан иһээччи. Онно төрүөт быһыытынан ким эрэ алҕас быктарбыт тыла буолааччы, ол курдук биһиги дьоммут кутаа уотугар уу оргуйуута чэй көрдөөн ботуомка хаһааччы буоллулар. Уйбааннара, түргэн туттуулаах киһи, ботуомкатын түөрэ хаһа охсон баран чэй булбакка мөҕүттээччи буолла: “Хайаа, бу дьахтар чэй укпатах эбит дии”, — диэн. Онно тута хабан ылан, Баһылай пачкалаах чэйиттэн ытыһыгар кээмэйдээн оргуйбут ууга кута баран иһэн: “Хайаа, бу киһи олох дьиэтигэр кыра Сталин эбит дии”, — диэн аны кэпсэтии сүнньэ хос аат тула барда. Хос аат киһиэхэ туох эрэ сыыһа саҥатыттан, туттуутуттан иҥэн хаалааччы.
Хос ааты иҥэрэргэ, этэргэ дылы, оһуобай талааннаах дьон бааллар, түбэлтэни туһанан оруобуна хос аат иҥэрэ охсор дьон баар буолааччы. Хос аат иҥэриитигэр кыра да буоллар талааннаах Баһылай сөптөөх тиэмэтэ таарыллыбытын бу да сырыыга мүччү туппата. Кэпсээн-ипсээн дьонун ардыгар харахтарыттан уу тахсыар диэри күллэрдэ. Баһылай хайдах хос ааттар иҥмит түбэлтэлэрин кэпсээн ыһа-тоҕо олордо. Дьэ, биирдэ эмиэ эр дьон мустан кэпсэтэ олордохторуна эдэр уол көтөн түспүт да остуолга олороот дьону быһа түһэн кэпсээн киирэн барбыт, “Бээрэ, бу туох буолбут киһиний? Дорообо-дыраастый суох, сэмэлэниэххин сөп” диэбиттэригэр уоллара: “Ээ, ол сэмэлииргит биир кулгаахпынан киирэн баран иккис кулгаахпынан тахсар”, — диэччи буолбут. Дьэ, доҕоор, ол тыла үйэ саас тухары умнуллубат хос ааты иҥэрбит. Сытыы тыллаах эр бэрдэ: “Ээ, бу киһи төбөтө сквозняк эбит”, — диэбитэ аны уолу «Сквозняк» диэнинэн бары билэр буолбуттар. Сквозняктан ыйыт, Сквозняктаахха баара буолуо, Сквозняк кустуу барбыт, кэнникинэн өссө: “Ээ, били Сквознякпыт аата ким этэй?” — диэхтэригэр диэри иҥмит хос аат буолбут.
***
Биирдэ дэриэбинэҕэ от үлэтин үгэнигэр куораттан кэлбит учуонайдар үрэх баһыгар баар сиргэ тиийээри сирдьит көрдөөбүттэр. Баһылык киһи тута-хаба от үлэтигэр сылдьыбат, кыратык амсайарын сөбүлүүр Ньукулайы сирдьитинэн ыыппыт. Тиийиэхтээх сирдэригэр аара хонон тиийэллэр эбит. Күнү быһа аттарынан айаннаан, киэһэ күөл таһыгар хонорго быһаарыммыттар. Киэһээ аһылыктарыгар Ньукулайдара сир-дойду аһатыллыахтаах диэбитин ылынан, тыыннаах испиири уулаан иһии буолбут. Учуонай дьон кыраадыстаах аһы мээнэ испэттэр эбит, Ньукулай эрэ балай да ыймахтаабыт. Өссө да иһиэх киһини сөп буолуо диэн көрдөһө сатаабытын биэрбэтэхтэр.
Сып-сап утуйуу буолбут, Арай Ньукулай утуйбакка эргичиҥнии сатаан баран, бытыылка аҥаара курдук аһыы аһа ханна угуллубутун бэлиэтии көрбүт киһи, иһэр санаата батарбакка туран булан ылан иһэн киллиргэтэн кэбиспит. Дьэ, уонна утуйан хаалбыт. Сарсыарда туран төбөтө ыалдьан абырах көрдөөччү буолбут да дьоно кытаанах буолан биэртэр. Көрдөһө сатаан баран айаннаары турдахтарына: “Оннук харыһыйар аскыт буоллаҕына бэйэҕит булан тиийиҥ”, — диэт дьиэтин диэки айанныы турбут. Хаалбыт дьоно тиийиэхтээх сирдэрин хайдах булан тиийбиттэрэ биллибэт, төннөн иһэн киһигит сир аҥаарыгар хаалларан баран төннөн хаалбыта диэбиттэр. Онтон ыла Ньукулай диэн аата умнуллан “Полупроводник” диэн аатынан дьон-сэргэ билэр буолбут.
***
Баһылайдаах тэрилтэлэрэ сыл аайы идэлээх бырааһынньыктарын айылҕаҕа тахсан бэлиэтээбиттэрэ уонча сыл буолбут. Ол курдук, биир сайын балыктыы таарыйа өрүс арыытыгар баржанан киирэн бырааһынньыктыырга быһаарыммыттар. Бырааһынньык туох да көхтөөхтүк, астаах-үөллээх, ырыалаах-тойуктаах, үлүгэрдээх үгүс бириистээх күрэхтээх уонна үгүс үтүө үлэһит киһи наҕараада тутан үөрүү-көтүү элбээбит. Аһыы ас – арыгы да балай да иһиллибит. Оннук үрдүк күүрээннээхтик бырааһынньыктаан сайынҥы күнү билбэккэ аһарбыттар, дьиэҕэ төннүү буолан баржаларыгар киирэн уҥуор биэрэктэрин булан кэлбит автобустарыгар, ким бэйэтин массыынатыгар олорон тарҕаһыы буолбут. Субуота ол курдук ааспыт, өрөбүл күн биир киһилэрин кэргэнэ билэр киһитигэр телефонунан эрийэн: “Мин киһим дьиэтигэр бэҕэһээ кэлбэтэ, ханна хоммута буолла?” — диэн ыйыппытыгар: “Ээ уолаттар салгыы бардылар ини, автобуска олорсубута”, — диэн эппиэттээччи буолбут.
Бэнидиэнньик күн эбиэт саҕана салайааччылара барыларын ыҥыран: “Байбал дьиэтигэр хоммотоҕо икки күн буолбут, кими кытта кэлсибитэй, ханна түспүтэй?” — диэн ыйыппытыгар ким да көрбөтөх буолан биэрбит. Киһибит арыыга хаалбыт диэн быһааран, массыынаҕа эрэһиинэ оҥочо тиэйэн бырааһынньыктаабыт сирдэригэр дьон ыыппыттар. Биэрэккэ тэптэрэн тиийбиттэрэ өрүс арыытыгар киһилэрэ далбаатыы-далбаатыы сүүрэ сылдьар үһү. Ырыаҕа-тойукка, күрэххэ да кыттыбат Байбаллара балай да аһыы утаҕы ыймахтаан баран, талах төрдүгэр утуйан хаалбыт уонна икки суукка кумаар аһылыга буолан, аччыктаан сирэй-харах буорайбыт. Онтон ыла Байбал аата тосту туора уларыйан “Выживший” диэн буолбут.
***
Дьэ, итинник дьонҥо хос аат иҥэрэр биир туһунан талааннаах дьон сир-сир аайы бааллара буолуо. Ол дьону кытта бииргэ сылдьыһан сыыһа-халты туттан, эбэтэр саҥаран хос ааттаммыттар үгүстэр.
Үрэх баһын уола, «Эҥсиэли» хаһыат
Читайте нас в: