Сааскы халааҥҥа бэлэмнэнии: уу содула суох ааһарыгар мууһу кэбирэтии улахан суолталаах

Сааскы халаан дойду сорох соҕуруу уобаластарын, бэлиэр, ууга ыытан, улахан хоромньуну таһааран ааста. Оттон биһиэхэ Саха сирин өрүстэригэр сааскы халаан уутун этэҥҥэ аһарар туһугар бэлэмнэнэр-сэрэтэр дьаһаллар үгэннээн ыытылла тураллар. Билгэ-чинчи хайдаҕын уонна үлэ төһөлөспүтүн Росводресурс Өлүөнэ тардыытынааҕы салалтатын уу хаһаайыстыбатыгар салаатын начаалынньыга Варвара Максимоваттан туоһуластым.

Кэлиҥҥи кээмэйдээһиннэринэн, Саха сирин бүттүүнүгэр хаарбыт нуорматтан (элбэх сыллааҕы орто көрдөрүүттэн) элбэх, – диир Варвара Александровна. – Өлүөнэ сүнньүнэн Дьокуускай аттыгар, Алдан өрүс соҕуруу эҥээригэр нуорматтан 10-30 бырыһыан ордук. Өссө сорох сиргэ, чуолаан, Ленскэй улууһугар уонна Өлүөхүмэ соҕуруу нэһилиэктэригэр 30 бырыһыантан саҕалаан икки төгүл халыҥ хаар түстэ. Хаҥалас улууһун соҕуруу нэһилиэктэригэр сорох сиринэн эмиэ оннук көстүү бэлиэтэнэр. Алдан өрүс орто сүүрүгэр сытар Томпо сиригэр-уотугар хаардара лаппа халыҥ. Дьааҥы өрүс сүнньүнэн барытыгар нуорманы 30-100 бырыһыан куоһарар. Халыма даҕаны хаалсыбат.

Аны мууспут төһө халыҥнааҕын туһунан. Ленскэйтэн үөһэ баар Крестовскайга нуорматтан халыҥа бэлиэтэнэр. Өлүөхүмэ аннынан 4-5 см аһарар. Сангаарга уонна Алдан түһэр сиригэр Батамайга эмиэ халыҥ. Хоту Халыма өрүс мууһун халыҥа Зырянка аннынан 14 см куоһарар.

Өлүөнэ ааспыт күһүн 10-тан тахса см үрдүк таһымҥа туран уонна хойутаан хам ылбыта. Уопсайынан, улахан өрүстэрбит хойутаан турбуттара. Кыһыммыт урукку дьыллартан арыый сымнаҕас буолан, муус чараас соҕус уонна хаарбыт халыҥ. Ити гынан баран, сааспыт хайдах кэлэрэ быһаарыа. Биирдэ күүскэ ириэрдэҕинэ – кутталлаах. Өрүстэрбит ыам ыйыгар эстэллэр. Онон халаан уута этэҥҥэ ааһара ити ыйга күн-дьыл хайдах быһыыланарыттан тутулуктаах. Чуолкайдаммыт бүтэһиктээх билгэлээһин муус устар 17 күнүгэр тахсарын күүтэбит. Ыам ыйынааҕы күнү-дьылы билгэлээһин эмиэ бу ый ортотугар тахсыаҕа.

– Сааскы халаан уутун содула суох аһарыыга мууһу кэбирэтии улахан суолталаах. Билиҥҥитэ үлэ төһөлөстө?

– Халаан уутуттан харыстыыр-сэрэтэр дьаһаллар сүнньүлэринэн, Өлүөнэ уонна Халыма өрүстэргэ, 8 улууһу хабан туран, харыы үөскүөн сөптөөх 46 учаастакка мууһу кэбирэтэр, ол иһигэр 39 учаастакка 485 гектар иэннээх мууһу хараардар үлэлэр ыытыллыахтаахтар. Ити иһиттэн 37 учаастактаах Өлүөнэҕэ 41 км усталаах мууһу эрбиэхтэрэ, 413 гектары хараардыахтара. Халымаҕа 9 учаастакка 72 гектардаах мууһу хараардыахтара, билигин онно бэлэмнэнэ сылдьаллар. Өлүөнэ уонна Халыма муустарын кэбирэтэргэ 28,141 мөл. солкуобай көрүллүбүтэ. Былааннаммыт үлэттэн билиҥҥитэ 21 бырыһыана толорулунна.

Алдан, Амма, Нүүйэ, Токко өрүстэргэ муус харыан сөптөөх 33 учаастакка 213 гектарга хараардыы үлэтэ федеральнай бүддьүөттэн 16,7 мөл. солкуобайдаах субвенция үбүн суотугар ыытыллар. Манна барыта 9 улуус сирэ-уота хабыллар. Ол иһигэр Өлүөхүмэ улууһугар 1 учаастакка 8 гектардаах муус хараардыллар. Токкоҕо 1, Нүүйэҕэ 4, Аммаҕа 11, Алдаҥҥа 17 учаастакка үлэлииллэр. Уус Маайа өттүгэр бүтэрэн эрэллэр. Бу өрүстэргэ былааннаммыт кээмэйтэн 64 бырыһыанын оҥордулар. Муус устар ортотугар түмүктүөхтээхтэр.

Инньэ гынан, Саха сирин өрүстэригэр холбоон 698 гектар иэннээх мууһу кэбирэтэр үлэ ыытыллыахтааҕыттан 206 гектара хараардылынна. Икки хайысханан барыта 100-чэ киһи үлэлии сылдьар. Учаастактарга үлэ тэҥҥэ кэриэтэ ыытылларынан, былааннаах кээмэйдэрин ыйыллыбыт болдьоҕор түмүктүөхтэрэ.

Василий Никифоров

Также читайте:
Наибольший прирост толщины льда за последнюю декаду отмечается на реке Алдан у села Батамай

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ