Анал байыаннай дьайыы уонна уйулҕа: кыһалҕаҕын искэр тута сылдьарыҥ – бэйэҕэр ордук охсуулаах 

Дьокуускайга баар “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда филиалын иһинэн психологтар анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кытта утумнаахтык дьарыктаналлар. Өрөспүүбүлүкэтээҕи психоневрологическай диспансертан хомондьуруопкаламмыт  клиническэй психолог Константин Кычкины көрсөн, үлэлэрин ис хоһоонун туоһуластым.

– Анал байыаннай эпэрээссийэ сүнньүнэн буола турар быһыы-майгы аҥаардас кыттыылаахтарга эрэ буолбакка, кинилэр чугас дьонноругар, аймахтарыгар эмиэ мөкү өттүнэн дьайарынан, урукку оннуларыгар, чөллөрүгэр түһэрии эрэйиллэр. Чугас дьону сүтэрии, наар тыҥааһыннаах балаһыанньаҕа сылдьыы араас негативнай психологическай туруктар үөскүүллэригэр төрүөт буолаллар. Ол курдук, биһиэхэ үксэ анал байыаннай эпэрээссийэ түмүгэр санаалара тууйуллубут, ыксаабыт-ыгылыйбыт, муҥур уһуктарыгар тиийбит, санааҕа-онооҕо баттаппыт, түһээн кытта сэриилэһэр, онтон баттатан утуйар уулара уйгуурбут дьон сылдьаллар. Өлүүнү-сүтүүнү көрсүбүт, хаан тохторун илэ көрбүт инчэҕэй эттээх киһи уйулҕатыгар оҕустарар, син биир суола-ииһэ суох хаалбат. Арай, кимиэнэ эрэ халымыр, кимиэнэ эрэ улахан буолуон сөп.

– Константин, ол кыратын-улаханын хайдах арааран быһаараҕын?

– Киһи хайдах туруктааҕын ыйыталаһан, кэпсэтэн, кэтээн көрөн, ону таһынан бигэргэммит диагностыыр ньымалары туһанан билэбит. Ол түмүгэр ханнык таһымнааҕын чуолкай билэҕин. Үксүгэр анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьон кылгас болдьоххо сынньанан бараллар, ону баттаһа урукку оннуларыгар, чөллөрүгэр түһэрэргэ аҥаардас психотерапияны эрэ туһаннахха, аматыйыахтаах кэмнэрэ ыраатан-уһаан биэрэр, ол иһин туох баар ньыманы барытын кэлимник туһана сатыыбыт. Ыарахан туруктаахтарын, бэйэбит тутта үөрэммит тиэрмиммитинэн эттэххэ, постравматическай стрессовай кэһиллиилэрин таһыма үрдүгүн быһаардахпытына, салгыы психиатр-бырааска медикаментознай көмө ылалларыгар ыытабыт. Судургу диэтэхпитинэ, манна бэйэбит хайдах туруктаахтарыттан көрөн-истэн, сирдэтэн, психотерапия араас ньымаларын туттан көмөлөһөбүт.

Уйулҕата уларыйбыт киһи маннык чинчилэринэн биллэр. Бастатан, утуйар уута кэһиллэр, киһи чэгиэн сылдьарыгар утуйуу улахан суолталаах, уута алдьаммыт киһи ыарыыга кэбэҕэстик ылларар. Иккиһинэн, кэтэнэ-манана, ол-бу кыра тыастан дьигиҥнии, куттана сылдьар буолар. Үсүһүнэн, кыра аайыттан кыыһырар-тымтар, суоһурҕанар-уордайар. Итиэннэ, чуолаан, элбэхтик контузияламмыт киһи болҕомтото суох, ыһыллаҕас уонна умнуган буолар. Сорох ардыгар олоҕун сорох түгэннэрэ олоччу сотуллан хаалыахтарын соп.

– Саха эр киһитэ үҥсэргии, ытана сылдьыбат үгэстээх, дьиппиэн соҕус майгылаах буолар. Оннук дьону хайдах арыйыахха сөбүй?

– Кырдьык, тэҥнээн көрдөххө, оннук көстүү баар. Мин манна, “Аҕа дойдуну көмүскээччилэр” судаарыстыбаннай пуонда филиалыгар икки ый кэриҥэ үлэлиир кэммэр сахалар, нууччалар уонна Арассыыйа гражданстволаах атын даҕаны араас омук дьоно  сылдьаллар. Биһигини оҕо эрдэхпититтэн “эр киһи ытыа, үҥсэргиэ суохтаах, бэйэтин көмүскэниэхтээх” диэн ииттэхтэрэ. Дьиҥинэн, барытын искэр тута сылдьарыҥ – бэйэҕэр ордук охсуулаах. Өр кэмҥэ аанньа утуйбакка, санааҕа-онооҕо ылларан, тууйуллан, наар ыксалга, кутталга сырыттахха, омугуттан тутулуга суох, бастатан туран, уйулҕа эмсэҕэлиир.

Ол үҥсэргии, ытана сылдьыбат дьонуҥ кыһалҕаларын бэйэлэрин истэригэр тутан, тумнара сатаан баран, тууйуллан, тулуйбакка, “стресстэрин устаары” аһыы утахха охтоллор. Наркотигы даҕаны тутталлар. Оннук хобдох суолга тиийбэт туһуттан эрдэ-сылла анал исписэлиистэргэ кэлиэхтээхтэр. Биһиги хайдах даҕаны бүтэй эттээх киһини арыйар, иһигэр тугу саныы, тута сылдьарын “тэбээн” чэпчэтэр – үлэбит анала. Маныаха маҥнай, эйиэхэ кистэлэҥин итэҕэйэн кэпсиир гына, эрэллээх табаарыстыы сыһыаны олохтуохтааххын. Оччоҕо эрэ үлэҥ түмүктээх буолар.

– Анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон дьиэ кэргэттэригэр тугу сүбэлиирдээххин?

– Биллэн турар, саллаат кэргэнэ, ийэтэ-аҕата, чугас хаан-уруу дьоно мэлдьи тыҥаан-күүрэн сылдьаллар, долгуйаллар. Ол курдук, анараатах туох буола турарын билээри-көрөөрү интэриниэт ситимигэр киирэн, араас информациялары хасыһан ааҕаллара уйулҕаларыгар сабыдыаллыан сөп. Оннукка тиийбэт туһуттан киһи аралдьыйар дьарыктаах буолуохтаах. Хомойуох иһин, ким эрэ сураҕа суох сүппүтүн эбэтэр өлбүтүн туһунан кутурҕаннаах иһитиннэриилэр кэлэллэр. Оннук түгэннэргэ чугас дьоно ордук айманаллар, ытыыллар-соҥууллар. Ыараханы көрсөр, мунаахсыйар түгэннэригэр анал үөрэхтээх психологтарга, туһааннаах тэрилтэлэргэ толлубакка кэлэн, көмөлөһүннэрэллэрэ тоҕоостоох.

– Константин, идэҕин төһө сөбүлүүгүн?

– Мин маҥнай Мэдиссиинэ институтугар быраас идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Онтон алын куурустан Психология институтугар көһөртөрбүтүм. Сыыстарбатах эбиппин дии саныыбын. Олохпут ирдэбилэ улаатан иһэр. Билигин олус түргэн тэтимнээх, дьалхааннаах кэмҥэ олоробут. Ону ааһан,  киһи көһүппэтэх өттүттэн араас техногеннай саахаллар, террористыы уонна байыаннай дьайыылар буолаллар. Бу барыта киһи уйулҕатыгар дьайар. Билигин элбэх дьон бигэ уйулҕа киһи этэ-хаана чөл буолуутугар суолталааҕын билэн-өйдөөн, бэйэлэрин ис туруктарыгар сүрдээҕин кыһанар, болҕойор буоллулар. Онон бу үлэлии сылдьар идэм инникилээх дии саныыбын.

Василий Никифоров

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ