Бэҕэһээ Ил Дархан улуус дьаһалталарын баһылыктарын кытта көрүстэ. Көрсүһүү олохтоох бэйэни салайыныы Сэбиэтин мунньаҕын чэрчитинэн барда. Мунньах күн устата киэһэ хойукка диэри ыытылынна, баһылыктар араас хайысхалаах боппуруостары дьүүллэстилэр, туһааннаах ведомствалары, министиэристибэлэри кытта үлэлээтилэр. Биһиги улууспут баһылыга Степан Кузьмины кытта сибээстэһэн, санаатын үллэстэригэр көрдөстүбүт, «Амма олоҕо» суруйар.
“Бастатан туран Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах мунньахха икки Ыйааҕы ырыттыбыт. Манна Айсен Сергеевич баһылыктарга сыал-сорук туруорда. Билэргит курдук бастакы Ыйаах Арктика сайдыытыгар буолла. Иккис Ыйаах экологическай култуураны үрдэтиигэ, тулалыыр эйгэбит бигэ туруктаах буолуутун хааччыйыыга туһуланна. Чахчы Саха сирин экологията барыбытын долгутар. Онно күүстээх соруктар турдулар. Маны сэргэ Ил Дархан улуустар национальнай бырайыактарга, араас Граннарга, бырагыраамаларга, олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраамалартан саҕалаан нэһилиэнньэни кыттыннарыыга улахан болҕомтобутун уурарбытыгар, тус хонтуруолбутугар тутарбытыгар эттэ. Манна бырайыактыыр офис өттүгэр күүскэ үлэлиэххэ диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Офистар улуус аайы тэриллэн үлэлииллэригэр болҕомтобутун ууруохтаахпыт. Онон бу өртүгэр былааннаах үлэ барыа. Итини сэргэ бу мунньахха Айсен Сергеевич сыыппара эйгэтигэр күүскэ үлэлэһэрбитигэр эттэ. Ол курдук судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөрү хас биирдии улуус олохтооҕо туһанарын курдук тэриниэхтээхпит. Манна саҥа өҥөлөр арыллыбыттарын туһунан кэпсэтии буолла. Бу туһунан экэниэмикэ миниистирэ Петр Иванович Попов сырдатта. Сыыппара эйгэтэ бигэтик киирэн, олохтоох нэһилиэнньэ туһанарын туһугар тустаах исписэлиистэри тутан үлэлэтиэхтээххит диэн буолла. Манна даҕатан эттэххэ, экэниэмикэ министиэристибэтэ рейтинг таһаарбыт этэ. Онно Амма улууһа биир бастыҥнарга киирсэ сылдьабыт. Ол да буоллар саҥа ирдэбиллэр син биир киирэн иһэллэр буоллаҕа дии. Онно биһиги тэҥҥэ барсан, олоххо киллэрэн иһиэхтээхпит. Муниципальнай Сэбиэккэ күннэтэ ыытар үлэбитин дьүүллэстибит, ырытыстыбыт, саҥа былааннары торумнастыбыт уонна саҥа Сөбүлэһиилэргэ илии баттастыбыт. Дьэ ити курдук күн устата бэрт дириҥ хорутуулаахтык үлэлээн, турбут саҥа соруктары толорууга күүстээх үлэни ыытар былааннаах тарҕастыбыт ”, — диэн Степан Николаевич кылгастык да буоллар санаатын үллэһиннэ.
“Амма олоҕо” хаһыат
Читайте нас в: