Арчы ыалдьыта: Даниловтар эрэллэрин толорбут суруйааччы

Эдэркээн, хомоҕой тыллаах-өстөөх, айар талааннаах Уйбаан Мигалкин киэн туттар суруйааччыларбыт Сэмэн уонна Софрон Даниловтар элбэҕи эрэнэ кэтэһэр ылгын уоллара этэ. Билигин кэм-кэрдии ааспытын кэнниттэн сыныйан сыаналаан көрдөххө, кини ити сүдү дьон энчирээбэт эрэллэрин чиэстээхтик толордо диир толору бырааптаахпыт.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха сирин суруйааччыларын Союһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ норуодунай поэт, үгүс ахсааннаах кинигэлэр ааптардара, тылбаасчыт Уйбаан Мигалкин бэйэтин саастыы көлүөнэ суруйааччылар ортолоругар биир инники күөҥҥэ сылдьааччылара диэтэхпинэ, омуннааһын буолбата буолуо. Иван Васильевиһы көрсөммүт, ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстүбүт.

Тугу да умнубат дьарыгым

— Иван Васильевич, маҥнайгы ыйытыыбын ойор-тэбэр оҕо саастан саҕалыым. Ити кэрдиис кэмҥэ өйгөр-санааҕар хатанар ханнык түгэннэр баалларый?

— 1962 сыллаахха бастакы кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрбитим. Ол сайын миигин Москватааҕы Ленин уордьаннаах Сталин аатынан киин государственнай физическэй култуура институтун бүтэрбит, өрөспүүбүлүкэ аатырбыт хайыһардьыта Егор Федорович Габышев Тулунаҕа сайылата илдьэ тахсыбыта. Кинилиин удьурҕай көрдүүрбүт, хаптаҕастыырбыт, отоннуурбут. Хастыы эмэ көстөөх сирдэринэн сатыы сылдьарбыт. Егор Федорович миигин дьээбэлээн хаамыытын түргэтэтэрэ. Дьэ оччоҕо, аҕыстаах уолчаан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр улахан сүүрүгү хантан ситиэмий? Ытыы-ытыы эккирэтэрим… Маннык сырыыларга Дьөгүөр миэхэҕэ киһи олоҕор үөрэх күндүтүн, үөрэхтээх киһи элбэҕи билэрин-көрөрүн, Москваҕа да сылдьыан сөбүн, үлэҕэ-үөрэххэ барытыгар бэрээдэктээх буоларга дьулуһуохтааххын, итиэннэ айылҕа көстүүтүн, кини кэрэ уратытын сатаан көрөн өйдүүр буолуохтааххын быһааран кэпсиирэ. Москва туһунан киниттэн элбэҕи истэммин, дойдубут тэбэр сүрэҕэр үөрэммит киһи баар ини диэн баҕа оччолортон өйбөр-санаабар дириҥник олохсуйбута.

Биирдэ, Дьөгүөрдүүн сөтүөлүү сылдьаммыт Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит Петр Васильевич Аммосовтыын бииргэ олорон чэйдэһэн турардаахпыт. Петр Васильевич тэлгээбит хаһыатын үрдүгэр ыыһаммыт халбаһыы, кыһыл бирээнньик , «Ласточка» диэн сакалаат бааллара миигин ордук умсугуппута. Кинини улахан дуоһунаска сылдьыбт киһи диэбэккэбин, олус боростуойа. Ол минньигэс астарга хаһаайыннаан ылбыппын хаһан да умнубаппын. Петр Васильевич бөдөҥ-садаҥ, үскэл, сырдык дьүһүннээх ыраас хааннаах оҕонньор быһыылааҕа.

Оҕо сааспыттан лоскуй-лоскуй элбэҕи кэпсиэхпин сөп эрээри, түмүктээн эттэхпинэ, улахан дьон миэхэ анаан тугу эппиттэрин, урукку өттүгэр истибэтэхпин истибиппин, көрбөтөхпүн көрбүппүн, хаһан да умнубаттыы, билиҥҥи компьютер курдук өйбөр чиҥник хатаан иһэр идэлээҕим. Баҕар ол тугу да умнубат дьарыгым дуу, эбэтэр айылҕа анаабыт өйбөр хатыыр дьоҕурум дуу суруйааччы буоларбар көмөлөстөҕө.

Билбэппин билээри

— Айар, суруйар дьоҕуруҥ хаһан, хайдах уһуктубутай?

— Таллан Бүрэ, Бэрийээк, Эллэй, Кулантай, Дьуон Дьаҥылы, Эрилик Эристиин, Амма Аччыгыйа, Уурастыырап… Суруйааччылар ааттара уратытын, итинник ааттаах-суоллаах дьон аҕам элбэх ахсааннаах доҕотторун, ыалдьыттарын уонна хоноһолорун ортотугар суохтарын иһин муодарҕааммын, билбэппин билээрибин, буукубалары үөрэтээт да, кинилэр суруйууларын ааҕар буолбутум.

Ким элбэҕи аахпытыгар, ким элбэҕи сатаан кэпсииригэр дьиэбит иһигэр куоталаһар этибит. Онтон 13 саастаахпар Артекка III Бүтүн Союзтааҕы пионерскай слекка делегатынан талыллан барбытым. Манна сылдьаммын дойдубун наһаа ахтарым. Ол ахтылҕаммын хоһоон оҥорон суруйан барбытым. Мин оҕо эрдэхпинэ, хоһоон суруйар оҕону күлүү-элэк гыналлара. Дьэ, ол иһин кистээн суруйарым. Чугас доҕотторбуттан уратылар мин суруйарбын билбэттэрэ.

Сөбүлүүбүн-сөбүлээбэппин диэбэккэ

— Иван Васильевич ордук хайа тиэмэлэргэ сөбүлээн суруйаҕын?

— Билиҥҥи кэми билбэтим, урукку өттүгэр хайа баҕарар дьахтар уолу дуу, кыыһы дуу төрөтөрүн билбэккэ оҕолоноро. Бары күүстээх ыарыыны ис сүрэҕиттэн эрдээхтик тулуйан, күн сырдыгын көрдөрөрө. Дьэ ол кэриэтэ, поэт бу тиэмэни сөбүлүүбүн, маны сөбүлээбэппин диэбэккэ суруйар. Дууһа иэйиитэ, сүрэх ыарыыта, санаа мунчаарыыта, эт-хаан күүркэйиитэ — бэйэҥ да тымтыктанан көрбөтөх тиэмэҥ суруллан хаалар идэлээх.

Хайа баҕарар суруйааччы төрөөбүт норуотун ортотугар сылдьарынан, суруйбут айымньытын тиэмэтэ норуотун көрдөбүлүгэр сөп түбэһиэхтээх. Суруйааччы төрөөбүт норуотуттан тэйиитэ, кини симэлийиитин, дьоҕура уостуутун бэлиэтэ.

Төһө хаачыстыбалаахтык айбытынан

— Билигин төһө кинигэлэнниҥ?

— Суруйааччы төһө элбэх кинигэни суруйбутунан буолбакка, төһө хаачыстыбалаахтык айбытынан норуотугар хаалар. Элбэҕи суруйар «ночооттоох». Ордугургуур да, күлүү-элэк гынар да дьон элбиир.

Биирдэ оччо-бачча билсибэтэх киһим, Мэҥэ-Хаҥаластан сылдьар суруналыыс: «Иккис Ороһуунускай үөскээн эрэҕин дуу?» — диэн элэктээбитэ. Ол кини тыллара билигин да сүрэхпин сытыытык аалаллар.

Күн сиригэр мин курдук боростуой киһи тыыннаах да сылдьарым да, бу — сүдү дьол. Оттон тыыннаах буолууну бэлэхтээбит Олоххо махталым бэлиэтэ — үлэнэн хардаран киһи буолуу Ытык иэһи төлөөһүн. Ити туһунан 12 оҕолоох аҕам Василий Николаевич, ийэм Екатерина Ивановна кыракый сааспыттан такайбыттара. Биһиги, Советскай Союз кэминээҕи көлүөнэ, үлэбитигэр уонна идэбитигэр бэриниилээхпит көстүүтүн туһунан мин элбэҕи суруйбутум.

— Иван Васильевич, айар үлэҥ учууталларынан кимнээҕи ааттаталыа этигиний?

— Адьас оҕо сылдьаммын, кыстык уонна сайылык фермаларын ыанньыксыт дьахталларын саҥалара, кэпсэтиилэрин ис хоһооно уратытык иһиллэрин сэргиирим. Егор Габышев Москва музейдарын, оттон кини эдьиийэ, сэрии сылларын трактористката Елена Федоровна (Өлөөнчүк) Тулуна бөһүөлэгин олохтоохторун хас биирдиилэрин олус бэргэнник тылынан ойуулаан, хараххар субу көрөн олорор гына кэпсиирэ. Аҕам убайа, биллиилээх историк, краевед, этнограф Иван Дмитриевич Новгородов революция иннинээҕи Саха сирин историятын сэһэргиирэ. Олор барыта түмүллэн, айар үлэҕэ умсугуйуубар акылааты үөскэттэхтэрэ.

Бүлүүтээҕи педучилищеҕа үөрэнэрбэр саха тылын уонна литературатын учуутала М.И. Захарова, математика учуутала Т.П. Аммосова-Ахсаана Сонтуой, дириэктэр Багдарыын Сүлбэ айар ыччаты ис сүрэхтэриттэн өйүүллэрэ хоһоону суруйууга тардыстыыбар күүс-уох буолбуттара.

Москваҕа үөрэнэр сылларбар Семен Данилов, Николай Габышев, Бүөтүр Тобуруокап, Сэмэн Руфов, Моисей Ефимов, Савва Тарасов, Василий Сивцев, Эллэй, Леонид Попов, Василий Титов бэрт элбэххэ өй-санаа өттүнэн уһуйбуттара.
Айылҕаттан талааннаах Рафаэль Баҕатаайыскай, Варя Потапова, Альберт Бүлүүйүскэй, Василий Дедюкин, Вениамин Миронов, Николай Дьяконов, Платон Ламутскай, Василий Лебедев поэзия кистэлэҥнэрин өйдүүрбэр көмөлөспүттэрэ.

Маны тэҥэ, литературнай институт преподавателлэрэ, биллиилээх советскай поэттар: Евгений Долматовскай, Сергей Смирнов, Егор Исаев, Николай Старшинов, Андрей Дементьев, Лев Ошанин, Лев Озеров аан дойду таһымынан поэзияны билиһиннэрбиттэрэ. Николай Глазков, Кайсын Кулиев, Давид Кугультинов, Ираклий Андроников, уо.д.а. бырааттыы норуоттар литератураларыгар ытыктабылы үөскэппиттэрэ.

Дууһам, сүрэҕим өрүкүйдэҕинэ

— Ордук хайдах настарыанньалаах кэмҥэр суруйууҥ тахсыылаах буоларый?

— Күүскэ хомойдохпуна, хоргуттахпына, үөрдэхпинэ хоһоонум ордук табыллар дии саныыбын. Уопсайынан, дууһам, сүрэҕим өрүкүйдэҕинэ. Күүстээх ахтылҕаҥҥа ыллардахпына. Мунньан-тараан Москваҕа 9 сыл кэриҥэ олордоҕум буолуо. Дьиктитэ баар, Москваҕа олорон, наар Саха сирин туһунан суруйбутум, онтон Саха сиригэр сылдьаммын наар Москваны. Итиннэ сыһыаннаан эттэхпинэ, Бүлүүгэ-Мүрү алааспын, Мүрүгэ-Бүлүүнү. Ордук күһүн уонна кыһын суруйабын. Бу кэмнэргэ сылаабын таһааран, телевизорга киинэлэри уонна кыыл-сүөл, айылҕа тустарынан анал биэриилэри көрөбүн. Саас, сайын күүлэйдиирбин уонна ааҕарбын сөбүлүүбүн.

— Билигин айа-тута, хонноохтук үлэлии-хамсыы сылдьар саха суруйааччы дьахталларыттан, кыргыттарыттан кимнээҕи чорботон бэлиэтиигиний?

— Мин литератураҕа холонор кэмнэрбэр, ол аата ааспыт үйэ 70-с сылларыгар прозаҕа Анастасия Сыромятникова, Валентина Гаврильева, онтон поэзияҕа Варвара Потапова инники күөҥҥэ бааллара. Үһүөн ураты суоллаах-иистээх талааннаах дьон. Анастасия Саввична норуодунай суруйааччы аатын сүгэр толору бырааптааҕа да, тыыннааҕар сыаналамматаҕыттан хомойобун.

Манна даҕатан эттэххэ, чаҕылхай талааннаах Сергей Васильев эмиэ сыаналамматаҕа. Норуодунай поэт дэтэр толору кыахтааҕа. Оччотооҕу суут-сокуон кытаанах кэмигэр, хонтуруол күүһүгэр Варя Потапова суруйааччылар Союзтарын өттүттэн өйөммүтэ «Кыым» хаһыакка үлэлээһиниттэн, Францияҕа бара сылдьыытыттан да көстөр эрээри, айылҕа кылгас уонна санаа түһүүлээх, талааннаах поэт сиэринэн, кыымынан ыһыахтанар күлүбүрүү умайар олоҕу анаабытыгар сытар.

Наталия Харлампьева, Саргылаана Гольдерова, Умсуура, Татьяна Находкина, Куорсуннаах, Ираида Попова, Мария Алексеева, Саргылаана Спиридонова, Мария Михайлова, Мария Федотова… Эр киһитээҕэр дьахтар аймах олоҕу ордук оһуордаан-мандардаан, эҥин-эгэлгэ кырааскалаан, ытыскар түһэрдэххинэ, тута ууллан барар маҥнайгы хаардыы уйаннык, уйаҕастык көрөр буоланнар, поэзияҕа күүспүн холонор киһи сиэринэн, кинилэри бэйэбиттэн үрдүктүк үөһээ тутабын.

Икки Союз баара мэһэйдээбэт

— Иван Васильевич, өрөспүүбүлүкэбитигэр икки суруйааччы Союһа баарыгар эн тус санааҥ.

— Саха литературата сайдарыгар, кини кэскилэ кэҥииригэр үлэлэһэр, онно олохторун аныыр буоллахтарына, икки Союз баара мэһэйдээбэт. Дьоҕурдаах дьон хайатыгар эрэ киирэн, салгыы сайдар кыахтаналлар. Холобура мин, бастакы Союзтан көрдөспүтүм үрдүнэн ылбатахтарыттан наһаа хомойобутум. Онтон Моисей Дмитриевич Ефимовтан көрдөспүппэр тута ылбыттара. Онтон үөрэммин, уон сылга сүүрбэттэн тахса кинигэни суруйан бэчээттэппитим.

Кэргэмминиин Зоя Васильевналыын өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр Кулантай аатынан Литературнай комплексы тэрийбиппит. Өскөтүн Союзка ылыллыбатаҕым буоллар, төрөөбүт Уус-Алдаммар кимиэхэ да биллибэккэ, бу эйиэхэ интервью да биэрбэккэ, хайа эрэ тэрилтэҕэ үлэлээн, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан, аннараа дойдуга аттаныам этэ. Литературнай институт поэзияҕа салаатын бүтэрбитим туһата суох хаалар кутталлааҕа. Онон этиэхпин баҕарабын, хайа да Союзка дьоҕурдаах ыччаты өйүөххэ, талааннарын кэҕиннэримиэххэ. Улуустарынан атааннаспакка, дьоҕурдарынан сыаналыахха. Эдэрдэри Союзка ыларга усулуобуйата биир буолуон наада: Саха литературата сайдарыгар эн күүс-уох буолар кыахтааххын дуо, кэскилэ кэҥииригэр ис сүрэххиттэн үлэлэһэр санаалааххын дуо диэн.

Таптал — олох күндү бэлэҕэ

— Иван Васильевич, олоҕуҥ аргыһа айар үлэҕэр төһө өйөбүл буоларый, манна даҕатан таптал баар дии саныыгын дуо?

— Кэргэнигэр, оҕолоругар, тулалыыр дьонугар таптала суох олоруу — бу өлүктүйбүт маска тэҥнээх. Таптал — олох барахсан биир саамай күндү бэлэҕэ. Үгүстэр сатаан таптыыр уонна таптатар дьоҕурдара суох буолаллар быһыылаах. Саха эр дьонун итэҕэстэрэ — саха дьахтарын, кыыһын мээнэ киһиэхэ көстүбэт дьикти кэрэлэрин сатаан арыйан көрбөттөрүгэр сытар. Таптал кистэлэҥэ — дьахтар дууһатын өрүү үөрдэр, кини санааларын долгутар истиҥ сыһыанынан, сэрэниин-сэрэнэн, биллэр-биллибэттик чап-чараас, нап-нарын киистэнэн өрүү ып-ыраастык, сырдыктык, нарыннык «сууйан-сотон» сылдьыы буолар. Дьахтары харааннааһын, харыһыйыы, кини санааларын ис сүрэххиттэн сэҥээрэн истии саха эр дьонугар билиҥҥэ диэри кыайтара илигиттэн хомойобун эрэ. Билиибит-көрүүбүт, ис култуурабыт таһыма кырата итинтэн да көстөр.

Олоҕум аргыһа — Зоя Васильевна ис дууһата ырааһа, дириҥ билиитэ миэхэ өрүү холобур буолар. Кини баар буолан, киһи тэҥинэн бар дьоммун үөрдэ-көтүтэ сырыттаҕым, айар үлэни өрө туттаҕым.

— Оҕолоргун иитэргэр, бэйэҥ туспа-ураты ньымалааххын дуо?

— Ньыма диир кыаҕым суох. Оҕону иитиигэ сүрэх сылааһа билэр. Нууччаларга, атын да европейскай омуктарга оҕону иитиигэ ньыма баар буолуон сөп. Оттон сахаларга — сүрэх сылааһа, дууһа истиҥэ, бииргэ төрөөбүттэригэр, чугас дьоҥҥор бэриниилээх ыраас сыһыаныҥ улахан оруолу оонньуур. Оҕо итини билэ-көрө, истэ сылдьан иитиллэн, бу олоххо үктэнэр.

— Айанныыргын төһө сөбүлүүгүн?

— Суруйааччы, суруналыыс киһи айантан элбэҕи билэр. Холобур, бүлүүлэр — ыалдьытымсахтарын, элэккэйдэрин, хотугу улуустар — ыраас, сырдык майгылаахтарын, киэҥнэрин-холкуларын, оттон киин улуустар — билсибит, доҕордоспут дьонноругар — үйэ-саас бэриниилээхтэрин, Дьокуускай куорат олохтоохторо — төрдүн-ууһуҥ силиһэ-мутуга төһө дириҥин, олоҕуҥ-дьаһаҕын төһө байылыатын, дуоһунаһыҥ төһө түөрэккэйин, хармааныҥ чарааһын дуу, халыҥын бастатан көрөллөр дуу, диэн санаалаахпын. Дууһаҥ ырааһа, сүрэҕиҥ сылааһа манна аахсыллыбат… Айантан элбэҕи билэр буоламмын, сөбүлүүбүн.

Түөрэккэй оҥочону санатар

— Иван Васильевич, эн коллекциянан дьарыктанаргын билэбин, ити дьикти дьарыгыҥ туһунан ааҕааччыларга кылгастык кэпсээ эрэ.

— Москваҕа үөрэнэ сылдьаммын саха былыргы иһитин-хомуоһун, туттар тэрилин мунньуунан дьарыктаммытым. Ол курдук, бииргэ төрөөбүттэрим ахсааннарынан чороону, кытыйаны, туос иһиттэри итиэннэ таҥара күлүктэрин 12-лии устууканы чугас аймахтарбыттан хомуйбутум. Бэйэбин хаһан даҕаны коллекционерынан ааҕымматым. Кэлин значоктары хомуйуунан дьарыктанан барбытым. Уон сылга 5 тыһ. тахса значогу хомуйарым. 300-тэн тахса спортивнай мэтээллэри. Ити иһигэр 3 тыһ. тахса значок, мэтээл Саха сиригэр сыһыаннаахтар. Комсомол КК 66 наҕараада бэлиэлэриттэн 36-та баар. Россия былыргы уонна араас судаарыстыбалар манньыаттара итиэннэ мааркалар, открыткалар 1,5 тыһ. кэриҥэ буолла. Коллекциялааһын туһунан «Дьикти дьарык» диэн кинигэбэр толору суруйбутум.

— Иван Васильевич, бүгүҥҥү олоххо эйигин ордук туох долгутарый?

— Эрдиитэ суох түөрэккэй оҥочону бүгүҥҥү олохпут санатар. Талааннаах ыччат баарын тэҥэ, биир оччо инники кэскиллэрин долоҕойдоругар ууран санаабат иһэр-аһыыр, кэрээннэриттэн тахсыбыт ыччат баар. Ыччат проблемаларын быһаарыыга үлэлэр бараллар курдук эрээри, дьиҥ көлөһүнүнэн үлэлиир киһи олоруохтаах дьиэтин да булунуута уустугурбутунан, ыччакка дьайыыбыт, иитиибит мөлтүөх курдук.

Кырдьаҕас уонна эдэр көлүөнэ хардарыта истиҥ сыһыаннара сүтэн эрэр. Ыччаппыт үтүө, байылыат олоххо эрэлэ туохханый? Аҥаардас төрөппүтүн көмөтүгэр тирэҕирии дуо? Бу судаарыстыбаннай суолталаах тыын боппуруос. Ыччата суох — кэскилбит суох. Мин үс оҕолоох киһи ыччат туһугар «ыалдьар» долгуйар боппуруоһум.

— Итэҕэллээххин дуо, итэҕэлгэ сыһыаныҥ?

— Биирдиилээн дьоннуун сорох ардыгар төһө да өйдөспөтөҕүм иһин, сахам дьонугар син биир итэҕэйэбин, эрэнэбин. Алааска ытырыык эрбэһин аҕыйаҕын иһин, баарын хайаан да биллэрэр, куһаҕан майгылаах дьон эмиэ биир оннуктар. Үчүгэй дьоммутун буолуохтааҕын курдук, болҕомтоҕо ылбаппыт. Ситэ-хото сыаналаабаппыт. Мин итэҕэлим — сахам дьонугар, кинилэр инники кэскиллэригэр. Эрэйи эҥэринэн тэлиэхпит, харчы суох буолуутун кыбыстыылаах кыһалҕаларын да билиэхпит, ол эрэн —Үрүҥ Күҥҥэ сүгүрүйэн, ылыммыт сыалбытын-сорукпутун тиһэҕэр тиэрдэн ситиһиэхпит. Манна барытыгар бэйэни сэнэммэккэ, атыттары сэнээбэккэ, атын норуоттар үчүгэйдэригэр үөрэнэн, кинилэр итэҕэстэрин ылыммакка, кырдьаҕастарбытын ытыктаан, эдэрдэрбитин харыстаан олохпутун оҥосторбут буоллар диэн санаалаахпын.

— Иван Васильевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

Людмила НОГОВИЦЫНА.

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ