Кэбээйи улууһун Сииттэ нэһилиэгэр СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарыгар көмөнү оҥоруу өссө күүһүрдэ. Бу туһунан «Дабаан» хаһыат иһитиннэрэр.
Ол курдук, нэһилиэктэн хас да эдэркээн ыччат, ыал аҕалара, дойдуларын чиэһин үтүө суобастаахтык көмүскүү сылдьалларын элбэхтик ахтан ааһаллар. Олохтоох култуура үлэһиттэрин көҕүлээһиннэринэн уолаттарга анаан, ааттаан-суоллаан баһыылкалары хомуйа охсон, Дьокуускай куоракка анал пууҥҥа илдьэн туттардылар.
Амарах санаалаах Далбар Хотуттар ыйы быһа илиилэрин сылааһын иҥэрэн, биэс устуука маскировочнай сеткалары бэлэмнээбиттэрин эмиэ тутатына анал пууҥҥа тиэрдибиттэрэ.
Байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар уолаттар дьиэ кэргэттэригэр нэһилиэк өттүттэн улахан болҕомто ууруллар. Аан дойду дьахталларын күнүн көрсө олохтоох дьаһалта баһылыга Семен Тимофеев СВО-ҕа сылдьар уолаттар күндү ийэлэригэр, чугас аймахтарыгар бырааһынньыктааҕы фуршет остуолун тэрийэн, атах тэпсэн олорон санааларын иһиттэ, күннээҕи кыһалҕаларын билистэ-көрүстэ. «Көмүлүөк» маҕаһыын сиэдэрэй иһитин сэмэй бэлэх оҥорон, бары кэрэни, үтүөнү баҕаран туран туттартаата.
Билигин хас биирдии киһи баҕа санаата биллэр, байыаннай эпэрээссийэ түргэнник бүтэ охсон, уолаттарбыт дойдуларыгар төннө охсоллоругар алгыс маанытын күн аайы тиэрдэбит, сүгүрүйэбит.
Марианна Сивцева
Читайте нас в: