Кыыс Амма мууһун үрдүнэн сыыйыллар суолунан баран иһэн, киһи-аймах өйүн-санаатын сөхтөрөр, умсугута угуйар Тэйэр Хайаны көрө сөҕөҕүн. Улуу убайбыт Былатыан Ойуунускай баламат өйдөөх, модун санаалаах Улуу Кудаҥсатын, кэм кэрдии тургутугар соҕотох туйгун кыаҕа кыратын эппит Кыһыл Ойуунун саныы биэрэҕин. Оруос баайы кытта күөнтэспит Кыһыл Ойуун бу дьулай томтордорго дьалыҥҥа киирэн дүҥүрүн дьүгүһүтэ охсон, дьалаһыйа кыырбыта буолуо дуо дии саныыгын. Маннык толкуйдаах Мырыла сиригэр үктэнэҕин.
П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатыгар тиийэбит. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Петр Митрофанович, тылбаасчыт, фольклорист, литературовед, поэт, учуонай Георгий Митрофанович уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС культуратын туйгуна Дмитрий Митрофанович Васильевтарга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бырааттыы Васильевтар – сырдыгы саҕааччылар, киэҥ суолга сирдээччилэр» ааҕыылар ыытылыннылар. Ааҕыылары Чурапчы улууһун үөрэҕириитин салалтата, Соловьев нэһилиэгин дьаһалтата, П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолата, С.Н. Донской –II аатынан учууталлар идэлэрин үрдэтэр институт тэрийэн ыыттылар.
Ааҕыылар түөрт хайысханан ыытылыннылар:
— Норуот тылынан уус-уран айымньыларын (чабырҕах этии, тойук туойуу, остуоруйа кэпсээһин) ааҕыы.
— Тыл этээччилэр күрэстэрэ.
— Норуот уус-уран айымньыларыгар уруһуй, оҥоһук.
— Чинчийэр, сылыктыыр үлэ. Бу хайысха 6 секциянан барда:
— Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна Петр Митрофанович Васильев, тылбаасчыт, фольклорист, литературовед, поэт, учуонай Георгий Митрофанович Васильев уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС культуратын туйгуна Дмитрий Митрофанович Васильев олохторо, айар үлэлэрэ;
— Лингвистика, тыл наукалара;
— История уонна кыраайы үөрэтии;
— Культурология, искусствоведение уонна фольклор;
— Естественнэй, математическай, физическэй, агро-техническай наукалар;
— Үөрэхтээһиҥҥэ аныгы технологиялары туттууга педагогическэй ааҕыылар.
Ааҕыылаах үөрүүлээх чааһыгар ХИФУ преподавателэ, техническэй наука кандидата Петр Васильев маннык тыл эттэ:
«Ытыктабыллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференцияны «Бырааттыы Васильевтар — сырдыгы саҕааччылар, киэҥ суолга сирдээччилэр» тэрийээччилэрэ, экспертэрэ уонна кыттааччылара! Күндү биир дойдулаахтарбыт — Васильев Петр Митрофанович аатынан Соловьёв орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, учууталлара, үлэһиттэрэ!
Ханнык баҕарар тылга уһулуччу суолталаах тыллар бааллар. Ол тыллар кэннилэригэр олох улуу өйдөбүлэ турар. Ол курдук, оннук тыллартан биирдэстэрэ «Учуутал». 2010 сыл РФ Президенын ыйааҕынан «Учуутал сылынан» ааттаммыта. Онно аналлаах тэрээһиннэр чэрчилэринэн 2012 сыллаахха П.М.Васильев аатынан Соловьёв орто оскуолаты кэлэктиибэ кэрэхсэбиллээх уонна кэнэҕэскилээх I «Васильевскай ааҕыылары тэрийбитэ.
2 сылга биирдэ ыытыллар «Васильевскай ааҕыылар» бырааттыы Петр Митрофанович, Георгий Митрофанович, Дмитрий Митрофанович Васильевтарга дириҥ ытыктабыл уонна кинилэр күүрээннээх үлэлэрин иһин махталы билинии туоһутунан буолаллар.
«Чурапчы улууһа» муниципальнай оройуон үөрэҕириитин салалтатыгар, П.М. Васильев аатынан Соловьёв орто оскуолатын кэлэктибэ, С.Н.Донской-II аатынан үөрэҕи сайыннарыы уонна квалификацияны үрдэтинии институкка «Васильевскай ааҕыылары» — өй-билии, ийэ тылы таба туһаныыны, сытыы уонна тобуллаҕас толкуй тургутуутун тэрийэн ыытаргытыгар Васильевтар дьиэ кэргэттэрэ Мырылаттан, Чурапчыттан, Дьокуускайтан, Покровскайтан, Санкт-Петербургтан, Москваттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
«Васильевскай ааҕыылар» сахалыы тыыннаахтарынан, үгэс, удьуор, утум үөрэтиллэринэн, чинчиллэринэн уратылаахтар, саха төрүт билиитигэр, дьоҕуру сайыннарар ураты ньыматыгар олоҕураллар.
Быйылгы VI-с «Васильевскай ааҕыылар» — иккис онлайн Өрөспүүблүкэтээҕи научнай-практическай конференция «Бырааттыы Васильевтар — сырдыгы саҕааччылар, киэҥ суолга сирдээччилэр» биһиэхэ уратылаах уонна үөрүүлээх улахан тэрээһин.
Биллэр учуонай, историк, философ К.Д.Уткин эппитин: «Сүрүн болҕомтону бу күн үөрэнээччи ылар, кини үлэтиттэн учуутал үлэтэ, учууталтан оскуола үлэтэ тахсан кэлиэх тустаах» бу да Ааҕыылар көрдөрдүлэр. Амма эбэ биир мааны талба хочотугар Васильевтар силис тардан, олохсуйбуттар. Кинилэртэн биһиги хос эһээбит Митрофан Дмитриевич өҥ буордаах сиргэ аан бастаан сиэмэ ыспыт, өлгөм үүнүүнү ылбыт, сыл ахсын оннук дьарыгын салҕаабыт, кыстыыр аһын булунан, тэринэн олох олорбут. Кини ыһар бурдугуттан төрөлкөй үчүгэй сиэмэтин талан ыһыыга диэн анаан хаһаанар үгэстээх эбит. Ол курдук үчүгэй сиэмэттэн үрдүк үүнүүнү ылары дакаастаабыт.
Митрофан Дмитриевич 1 кыыһын, 3 уолун үөрэххэ көҕүлээбит. Кыыһа Марфа Чөркөөх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Улахан уола Петр Митрофанович Чурапчытааҕы педучилищены ситиһиилээхтик бүтэрбит. Улахан уола Петр Митрофанович Чурапчытааҕы педучилищены ситиһиилээхтик бүтэрбит, үтүө суобастаахтык 41 сыл учууталлаабыта, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Педагогическай энциклопедия 1 томугар киллэриллибитэ, Соловьев нэһилиэгин бочуоттаах гражданина. Общественнай лектор, агитатор, пропагандист этэ. Бэйэтэ аҕыйах саҥалаах, сымнаҕас майгылаах, «сытар ынаҕы туруорбат», — диирдии киэҥ, холку нүһэр киһи этэ. Петр Митрофанович Чэппиэдэй Амматын олохтоохторун төрүччэлэрин саҕалаабыта, Соловьев нэһилиэгин историятын суруйан суолталаах үлэни хаалларбыта. Петр Митрофанович сырдык аатын кэриэстээн, кини аата 2002 сыллаахха, кулун тутар ый 14 күнүгэр СӨ Правительствотын 336 №-дээх дьаһалынан Соловьев орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ. Иккис уола Георгий Митрофанович Москва курдук ыраах сиргэ тиийэн Чернышевскай аатынан Москватааҕы история, философия уонна литература институтун (кэнники М.В. Ломоносов аатынан МГУ састаабыгар киирбитэ) 1938 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн, тыл үөрэхтээҕэ буолбута. Кини бу «суор хаһыытыыр халын сиһиттэн» биир дойдулаахпыт Болот Боотур эппитинии, киһи өйүгэр баппат ыраах сиргэ тиийбитэ сөхтөрөр. Бу дойдутун ыччатыгар маҥнайгы эркээйи охсон, үөрэххэ-билиигэ суол тэлбит.
Уһулуччу учуонай Георгий Митрофанович фольклор, литературнай критика салаатыгар 35 сыл үлэлээбитэ, 70-ча научнай бэчээттэммит үлэлэрдээх уонна 3 кинигэлээх учуонай, онтон атын 100-тэн тахса тылбаастаабыт уонна художественнай, литературнай бэчээттэммит үлэлэрдээх. Георгий Митрофанович Саха суруйааччыларыттан биир
бастыкынан 1938 сылтан ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ этэ.
Георгий Митрофанович наукаҕа сүҥкэн кылааты киллэрбитин бэлиэтээн 1999 уонна 2009 сылларга СӨ Правительствотын дьаһалларынан кини 90 уонна 100 сааһыгар аналлаах өрөспүүбүлүкэ уонна Чурапчы улууһун таһымнаах тэрээһиннэр буолбуттара. Кини төрөөбүт сиригэр Мырылаҕа өйдөбүнньүк мемориальнай дуоска туруроруллубута.
Георгий Митрофанович үөрэхтээх-билиилээх киһи быһыытынан, бырааттара, аймахтара бары үөрэхтээх дьон буолалларыгар улахан сабыдыаллаах, сүҥкэн оруоллаах этэ. Олор истэригэр, Петр Митрофанович уолаттара Иван Петрович — Чурапчы улууһугар биллэр партийнай, советскай улэһит, «Чурапчы чулуу дьонноро» кинигэ автора; Степан Петрович, ССРС уонна РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, «Үлэ Кыһыл Знамята» орден кавалера, 30-ча сыл Уус-Алдан оройуонугар инспекторынан улэлээбитэ; Константин Петрович Казанскай госуниверситет «Тюркология» хайысхатын туйгуннук үөрэнэн бүтэрбитэ; Иванов И.Ф., биллиилээх журналист, Гурьев К.Н., СӨ үтүөлээх геолога уо.д.а. Үһүс уола Дмитрий Митрофанович Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуоланы бүтэрбитин кэннэ Чурапчытааҕы культура дьиэтин директорынан анаммыта. 1941-1946 сыллардаахха Кыһыл Армия кэккэтигэр сулууспалаабыта, стрелковай рота сержанынан сылдьан Манчьжурияны японскай империалистартан босхолоспута. 1946-1951 сыллардаахха Мырылаҕа ааҕар дьиэ сэбиэдиссэйинэн, онтон 1961 сылга диэри Мырыла кулуубун сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Дмитрий Митрофанович культурнай, маассабай, сырдатар үлэни нэһилиэккэ үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыытара, саха суруйааччыларын испиэхтээхтэрин сценаҕа туруорара, бэйэтэ оруоллары олус үчүгэйдик толороро. Кини хаартыскаҕа түһэриинэн нэһилиэккэ маҥнайгынан дьарыктаммыта, эдэр ыччаты көҕүлээбитэ. Дмитрий Митрофанович хаартыскаларга Соловьев нэһилиэгин киэн туттар үтүө үлэһит, биллиилээх дьонун үйэтиппитэ. Өр сыллаах үтүө суобастаахтык культура эйгэтигэр үлэлээбитин иһин «ССРС культуратын туйгуна» бочуоттаах аат Чурапчы улууһуттан биир бастыкынан Дмитрий Митрофановичка иҥэриллибитэ. Соловьев нэһилиэгин культуратын уонна искусствотын сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит Дмитрий Митрофанович аатын үйэтитэр сыалтан 2010 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр СӨ Президенын 1933 №-дээх Ыйааҕынан кини сырдык аата Мырыла сынньалан киинигэр иҥэриллибитэ.
Ытыктабыллаах VI-с «Васильевскай ааҕыылар» — Өрөспүүблүкэтээҕи научнай-практическай конференцияны «Бырааттыы Васильевтар — сырдыгы саҕааччылар, киэҥ суолга сирдээччилэр» кыттыылаахтара, тэрийээччилэрэ, эһиэхэ научнай чинчийэр үлэҕэ үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт. «Васильевскай ааҕыылары» сайыннарын, тэнитин, пропагандалаан, интэриэһи үөскэтин, үрдүк таһымҥа таһаарын, киһи сайдар дьоҕура мунура суоҕун дакаастаан! Кэнэҕэскигэ өссө да элбэх ыччат наука эйгэтигэр кимэн киирэн истин, ыырдара кэҥээтин, суоллара аһаҕас буоллун Биһиги эһээбит, таайбыт, хос эһээбит, хос-хос эһээбит Петр Митрофанович, общественнай үлэҕэ үйэ аҥарыттан ордук үлэлээбит педагогическай үлэ ветерана кэс тыллара: «Үлэ — дьол, олох. Үлэ — уйгу, быйан. Үлэ — албан-аат. Үлэ — чиэс, хайҕал уонна уһун үйэ буолар. Ону өйдөөн үлэни таптыыр уонна сатыыр, олох инники күөнүгэр дьулуурдаахтык, айымньылаахтык үлэлиир, сылайбат, уҕараабат күүстээх үлэһит дьон буоларгытыгар баҕарабын!» эдэр дьоҥҥо — эһиэхэ ананар».
Салгыы агротехнологическай хайысхалаах П.М. Васильев аатынан Соловьев орто оскуолатын директора Семен Собакин тыл этэр:
«Биһиги оскуолаҕа Васильевскай ааҕыылар 2010 сылтан ыытыллар. Бастаан оскуола иһинэн, онтон улууска уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсан алтыс төгүлүн быйыл ыытыллар. Ааҕыыларбыт сайдан иһэллэриттэн олуһуе үөрэбит. Научнай ааҕыылар оҕоҕо сүрдээх туһалааҕа көстөр. Оннооҕор оҕо оскуоланы бүтэрбит докумуонугар аттестакка киирэр. Быйылгыттан учууталларга ааҕыылары киллэрдибит. Бу ааҕыылар түмүктэринэн кинигэ таһаарабыт. Быйылгы ааҕыыларга анаан эмиэ таһаарыахпыт. Быйыл 360 оҕо кыттар. Сүрүннээн наукаҕа суол тэлбит оскуолабыт выпускниктара экспертэринэн үлэлииллэр. Бүгүн оскуолабыт выпускнига, биологическай наука доктора Собакин Петр Иннокентьевич кэлэн олорор. Наука үлэһиттэрэ биир дойдулаахтарбыт биһиэхэ күүс-көмө буолаллар. Кинилэр ортолоругар баар гимназия учуутала Мария Устиновнаҕа махталбыт муҥура суох. Биир ситимнээх үлэни тэрийэр буолан өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар «Инникигэ хардыы» НПКҕа икки үөрэнээччибит ситиһиилэннилэр. Бүтүн Россиятааҕы научнай конференцияҕа кыттыахтара. Оҕолору, учууталлары наукаҕа көҕүлүүр киһибит Татьяна Титовна Брызгаева буолар. Кини бэлэмнээбит оҕолоро араас НПК ситиһиилээхтик кытталлар.
Оскуолабытыгар 77 оҕо үөрэнэр. Детсаппытыгар 33 оҕолоохпут. Оскуола-сад холбоһон олоробут. Атах оонньуутугар интернаттаахпыт. Араас улуустартан кэлэннэр атах оонньуутугар бэлэмнэнэллэр. Аны сайын «Азия оҕолоро» оонньууларыгар бэлэмнэнэ сылдьаллар. «Манчаары оонньууларыгар» эмиэ күүстээхтик бэлэмнэнэ сылдьабыт. Сайын лааҕыр үлэлиир. 60 тахса спорт маастарын иитэн таһаарбыт тренер Чиркоев Иван Иванович дьарыктыыр. Оскуола выпускниктара олус көхтөөхтөр. Кабинеттары, спорт прощадкатын оҥорууга, спорт инвентары атыылаһыыга наһаа көмөлөөхтөр. Сыл аайы оскуоланы бүтэрбиттэр 5, 10 сыллаахтар диэнтэн саҕалаан бары тугу эмит оҥорон, оҥорторон үөрэммит кыһаларыгар суол-иис хаалларан бараллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Бэйэлэрин оҕолоро, ыччаттара үөрэнэллэригэр үчүгэй эйгэни тэрийэ сатыыллар. Икки сылынан оскуолабыт 100 сылын бэлиэтиэхпит. Бэлэмнэнии үлэлэр ыытылла тураллар. Васильевтар ааҕыылартан тирэхтэнэн оҕолорбут сайда турдуннар, үрдүк таһымҥа тахса турдуннар диэн алгыыбын! Нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит аата ааттана турдун!».
Чурапчы улууһун үөрэҕин салаатыттан Дмитрий Илларионов тыл эттэ. «Наһаа кэрэ айылҕалаах Чурапчы биир мааны нэһилиэгэр кэлбиккититтэн олуһун үөрдүбүт. Россияҕа «Дьиэ кэргэн» сыла, Саха сиригэр «Оҕо саас» сыла, Чурапчыга «Ыал саргыта» («Год благополучия семьи») сыла. Наһаа үчүгэйдик түбэһэр тэрээһиннэргэ кыттыҥ, бэйэҕитин сайыннарыҥ. Биир дьиэ кэргэнтэн бырааттыы Васильевтар курдук буолаҥҥыт ааккытын ааттатар киэҥ билиилээх дьон буолуҥ».
Таатта улууһуттан Ытык Күөл 1№ оскуолата, Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ ситиһиилээхтик кытыннылар.
Гизелла Попова, педагог-библиотекарь, Таатта улууһун Э.К. Пекарскай аатынан Игидэй орто оскуолата
Читайте нас в: