Саха сиринээҕи «Молоды душой» киин иһинэн тэриллибит «Үтүө түгэн» «Үрүҥ көмүс» волонтердар ыҥырыыларын ылынан, Кэбээйи орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «Блиндажная свеча» аахсыйаҕа кытыннылар. Бу туһунан «Дабаан» хаһыат иһитиннэрэр.
«Кэбээйи орто оскуолатын 6 «б» кылааһа, салайааччы Мария Зыкова, уонна Кэбээйи эдэр ыччатын түмсүүтэ, салайааччы Татьяна Лепчикова, «Блиндажная свеча» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттарга сананныбыт.
Ол курдук, 6 «б» кылаас үөрэнээччилэрэ хортуоннаах бааҥкалары бэлэмнээн, эдэр ыччат түмсүүтүгэр туттарда. Бу бааҥкаларга чүмэчи сыатын уулларан, түмсүү кыттыылаахтара куттулар уонна тустаах миэстэтигэр тиксэриэхтэрэ«, — диэн аахсыйа кыттыылаахтара санааларын үллэһиннилэр.
Читайте нас в: