Ийэ тыл: биэс эрэ ыйга «ый» диэн тыл туттуллар

Ааспыт таһаарыыга эппитим курдук, бүгүн ыйдар ааттарын сахалыы сөпкө саҥарыыга, суруйууга тохтуохпут. «Ый» диэн тылы ыйга барытыгар сыбыыр буоллулар. Холобур, «сэтинньи ый 2 күнүгэр «Сахабэчээт» үлэһиттэрин «Тыл уонна идэ» диэн форумнара буолан ааста» диэн суруллуоҕа. Итиннэ сэтинньи ый диэн суруйбакка, сэтинньи 3 күнүгэр дэниллиэхтээх.

Сахалар дьылы ыам ыйыттан ааҕаллар. Саҥа дьыл ыам ыйыттан саҕаланар. Ыам ыйа күөх от бытыгыраан ынах үүтэ эбиллэр кэмэ, ол иһин итинник ааттаммыт. Бэс ыйа, ханна эрэ аахпыппынан, былыргы сахалар бэс сутукатын бэлэмниир кэмнэрэ эбит. Ити кэмҥэ ханнык баҕарар мас «тотор», ууну иҥэринэн хатырыга дөбөҥнүк сулланар буолар. Хатыҥ туоһун эмиэ ити кэмнэргэ хастыыллар. Былыр бэһи хатырыктаан баран, сутукатын кыһыйан ылан дэлби сууйан, оргутан сымалатын ыытан баран үлтү мэлийэн аска тутталлар эбит. От ыйыгар оттууллар, атырдьах ыйыгар отторун кэбиһэллэр, балаҕан ыйыгар балаҕаннарын сөргүтэллэр. Дьэ, ити ыам, бэс, от, атырдьах, балаҕан ыйдарыгар эрэ «ый» диэн тыл туттуллар.

Онтон салгыы ыйдарбыт ааттара ахсаан аатынан бараллар. Алтыс ый – алтынньы, сэттис – сэтинньи, ахсыс – ахсынньы, тохсус – тохсунньу, онус – олунньу диэн буолар. Итиннэ «ый» диэн тыл сыстыбат. Салгыы кулун тутар, муус устар кэлэр. Эмиэ «ый» диэн тыл сыстыбат.

Онон алтынньы 2 күнүгэр, сэтинньи 3 күнүгэр, ахсынньы 4 күнүгэр, тохсунньу 5 күнүгэр, олунньу 6 күнүгэр, кулун тутар 7 күнүгэр, муус устар 8 күнүгэр диэххэ наада. Онтон ыам ыйын 9 күнэ, бэс ыйын 1 күнэ, от ыйын 3 күнэ, атырдьах ыйын 27 күнэ, балаҕан ыйын 1 күнэ диэн буолар. Ити биэс эрэ ыйга «ый» диэн тыл туттуллар.

Аны сорох тыллары наар сыыһа суруйар буолан эрэбит. Холобур, сыстым – сыыстым. «Балыыһа» диэн тылы тоҕо эрэ кэлин «балыаһа» диэн суруйар буоллулар. «Испииһэк» диэни «испиэһэк» диэччи хара баһаам.

«Салгыы» диэн тылы «салҕыы» диэн суруйабыт даҕаны, саҥарабыт даҕаны. Фонетика диэн тыл дорҕооннорун тутулун үөрэтэр наука. Мин студенныыр кэмнэргэ ити предмеккэ бэрдэ суохтук үөрэммитим да буоллар, ис имминэн, нууччалыы эттэххэ интуитивно, «ы» диэн кыараҕас аһаҕас дорҕоон иннинэ «г» буолуохтааҕын сэрэйэбин. Оттон салҕаа диэн буоллаҕына «а» киэҥ аһаҕас дорҕоон дэнэр. Онно «ҕ» буолар: алгыыр – алҕыыр, алгыыбын дэнэр, алҕыыбын буолбат.

Аны «-ааһын» сыһыарыыны эмиэ сыыһа туттабыт: тутуута – тутааһына, талыы – талааһын.

«Депутаттары талааһын буолла» диэн суруйбут буолааччылар. Депутаттары талыы буоллаҕа дии. «Талааһын» диэн халааһын буоллаҕа дии, адьас даҕаны сууттанар дьыала буолан тахсар.

«Санньыйар» диэн тылы «сонньуйар» диэн суруйуу туох да хара баһаам. Бэл ырыаҕа кытары таптыыр кыыһын саныы-саныы сонньуйан турабын диэн ылланар. «Сонньуйар» диэн тыл нууччалыы тылбааһа «пренебрежительно или с сожалением ухмыляться» диэн суолталаах. Дьэ, ону «санньыйар» диэн тылы кытта булкуйан, төрүт тиэрэ өйдөбүллээх этиини оҥорон таһаарабыт. Бэл, өлбүт киһини «тиһэх суолугар сонньуйан туран атаардылар» диэн суруйабыт…

Араадьыйаҕа рекламаҕа, билигин этэллэринэн, угуйукка, маннык оһоҕу ыллаххына, урут икки массыына маһы уматар буоллаххына, билигин биир массыына маһы уматыаҕыҥ дииллэр. «Уматар» диэн ол икки массыына маһы чөмөхтөөн баран, уот анньан кэбиһии буоллаҕа дии. Итиннэ «оттор» диэн тыл туттуллуохтаах этэ.

Уот туһунан ахтыбычча билигин сиргэ сырыттахха сорох дьон «оһохто оттуохха» дииллэр. Ханна баар оһоҕу этэр буоллахтарай диэбитим, кутаа оттоллорун этэллэр эбит. «Уотта оттуохха, кутаата оттуохха» диэн буолуо этэ буоллаҕа.

Билигин «бырдах» диир киһини аҕыйахта истэргит буолуо, бары бааһынайдаан «кумаар» диэн унаарытар буолан эрэбит.

Ити курдук аахайбакка тылбытын сыыһа-халты туттан, үгүс тылбыт умнуллан эрэр. Тылбытын сыыһа-халты туттубакка, харыстаан саҥарыахха. Оттон сурук-бичик тыла өссө хас да бүк эппиэттээх, онон өйдөөн-төйдөөн, сыыһа өйдөбүл бэриллибэтин, тылбыт тутула кэһиллибэтин туһугар туруулаһыахтаахпыт!

Данил Макеев,
суруйааччы, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрин солбуйааччы

Эвелина Попова, Улус.Медиа хаартыскаҕа түһэриитэ


Читайте нас в:

Последние новости

Читайте дальше