«Михаил Николаев айылҕаттан этиттэриилээх киһи этэ»: Григорий Ильин

Ил Дархан Айсен Николаев бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев аатын үйэтитэргэ дьаһал таһаарбытын өйүүбүн. Биллэн турар, ити дьаһалы дьон-сэргэ биһириэ, өйдүө, махтаныа, диир Григорий Ильин, «Чолбон» бөлөх гитариһа.

Михаил Николаев этэн турар: «Модун санааны үөскэтиэххэ наада. Итэҕэл диэн киһи бэйэтигэр итэҕэйэрэ буолар, мин күүстээхпин диэн, мин дьоҕурдаахпын диэн, мин сахабын диэн. Ол буолар күүстээх Итэҕэл».

— Дьэ ити этии киһини толкуйдатар ээ. Мин кинини улахан өйдөөх, киэҥ анаарыылаах киһи быһыытынан саныыр эбиппин. Айылҕаттан улахан этиттэриилээх киһи этэ диэн көрөбүн.

 


Читайте нас в:

Последние новости

Читайте дальше