Хапсаҕайга «Азия оҕолоро» бастакы сүүмэрдиир күрэхтэһиитигэр Үөһээ Бүлүү улууһуттан 4 оҕо миэстэлэспитэ. Спортсмен оҕолор Саха сирин хамаандатыгар кандидатынан киирэннэр, бастакы түһүмэххэ Дьокуускай куоракка, «Триумф» уораҕай дыбарыаһыгар, Платон Егорович Саввинов салалтатынан дьарыгы бара сылдьаллар.
«Софронов Вася (тренер Егоров М.М.), Үөһээ Бүлүүтээҕи Ю.Н.Прокопьев аатынан спортивнай оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ, Соловьев Мирослав (тренер А.Е. Павлов), Нам П.Н. Тобуруокап аатынан орто оскуола 8 кылааһын үөрэнээччитэ, Сергеев Ян (тренердэр Мордовской И.С., Егоров М.М., Игнатьев Г.С.), 7 кылаас үөрэнээччитэ, быйыл УОР-га туттарсан киирбитэ, кини билигин Казахстаҥҥа көҥүл тустууга эмиэ Саха сирин «Азия оҕолоро» сборнайын кытары сборга сылдьыһар.
Алексеев Сандал (тренердэр Саввинов П.Е., Егоров М.М.), С.П. Федотов аатынан Оҥхой оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ. Эбии отборочнай турнирга 6 иһигэр киирбит уолаттар Яковлев Гриша (тренер Егоров М.М.), Васильев Вадим (тренердэр Егоров М.М., Саввинов П.Е.), иккиэн Үөһээ Бүлүүтээҕи Ю.Н.Прокопьев аатынан спортивнай оскуола 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ.
Көҥүл тустууга Аталларов Игорь (Мордовской И.С., Сысолятин И.М.), сборнайга кандидат, былырыын Д.П.Коркин аатынан Чурапчытааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар киирэн, 7 кылааска үөрэнэ сылдьар. Билигин Саха сирин сборнай хамаандатын кытары Казахстаҥҥа 1-кы этап сборугар сылдьыһар.
Чириков Эрчим (Егоров М.М., Саввинов П.Е.), Үөһээ Бүлүүтээҕи №4-дээх Д.С.Спиридонов аатынан оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ, кэккэ биричиинэнэн сборга кыайан барбакка, манна Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатыгар дьарыгы бара сылдьар.
Итини тэҥэ Новгородова Эльза (тренер Николаев А.Л.), Дьүөгэ Ааныстыырап аатынан Кэнтик орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ, эмиэ кандидат, сэтинньи ыйтан Улан Удэҕэ сбордана бараары сылдьар», — диэн кэпсээтэ Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо спортивнай оскуолатын ыстаарсай тренерэ Михаил Егоров.
Читайте нас в: