Сунтаар улууһун Хадаҥ нэһилиэгэ төрүттэммитэ 125 сылын көрсө саҥа ФАП дьиэтэ үлэҕэ киирдэ. Олохтоохтор саҥа балыыһа дьиэлэммиттэринэн үөрүүлэрэ үгүс, диэн «Сунтаар сонуннара» иһитиннэрэр.
Анаабыт курдук халлаан туран биэрэн, тэрээһиҥҥэ үгүс киһи кытынна. Үөрүүлээх түгэҥҥэ мустубут дьону улуус баһылыга Анатолий Григорьев, нэһилиэк баһылыга Андрей Оконешников, улуус кылаабынай бырааһа Анатолий Назаров о.д.а. эҕэрдэлээтилэр. Андрей Оконешников ФАП биэлсэринэн 51 сыл устата үлэлээбит Арассыыйа, СӨ доруобуйатын туйгуна Гузалия (Галина) Степановаҕа балыыһа символическай күлүүһүн туттарда.
Тустаах эбийиэк Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн биир ый иһигэр тутуллан бүппүт. Манна Юрий Попов дириэктэрдээх «Основа» ХЭУо икки киһитэ үлэлээбит. Эбийиэк 8 мөл. солк. суумалаах. Дьиҥэр модульнай доруобуйа харыстабылын пууна дэнэр.
Хадаҥҥа балыыһа үлэлээбитэ быйыл 71 сылыгар барбыт. Ааспыт сылга үбүлүөйэ буолбут.
Гаврил Андреев
Читайте нас в: