Бүлүү улууһун тыатын сиригэр аан маҥнайгынан Лөкөчөөн бөһүөлэгин киин уулуссатыгар аспаал ууруллан, бөһүөлэк көрүҥэ, сырыы тупсан олохтоохтор үөрүүлэрэ, киэн туттуулара үгүс, диэн иһитиннэрэр «Олох суола» хаһыат.
Аҕыйах хонугунан Бүлүү куоратын киин уулуссаларынан ааһар бары ирдэбилгэ эппиэттиир аспааллаах, тротуардаах, уоттаах-күөстээх «Бүлүү» федеральнай суол тутуута, куорат биир сырыылаах Чапаев уулуссатыгар аспаал уурутун үлэтэ түмүктэнэннэр, үөрүүлээх арыллыылара тэриллиэ.
Ити улуус олоҕор биллэр-көстөр бэлиэ түгэннэри сэргэ Лөкөчөөн бөһүөлэгэр субуотаҕа, алтынньы 21 күнүгэр эмиэ бөһүөлэги ортотунан сыыйар 1,2 км уһуннаах аспаал ууруллубут уулуссаны үлэҕэ киллэрии үөрүүлээх түгэн сиэрин-туомун ыытыахтара.
Лөкөчөөннөр киин уулуссаларыгар аспаал уурулларын хайдах ситистилэр? Улууска соҕотох дьахтар баһылыктаах, дьон итэҕэлин хаһыс да төгүлүн толору ылан быыбарданар Анна Доргонова салайааччылаах Лөкөчөөн нэһилиэгэ кэлиҥҥи сылларга биллэ-көстө сайдан иһэр. Кыра нэһилиэккэ аныгы саҥа кулууп дьиэтэ, оҕо уһуйаана, тупсаҕай көстүүлээх элбэх олорор дьиэлэр тутулуннулар, нэһилиэк өрөспүүбүлүкэ, улуус сайдыытын бырагыраамаларыгар көхтөөхтүк кыттан иһэр. Тыа хаһаайыстыбатын, култуураны, олоҕу-дьаһаҕы сайыннарыыга, олорор дьиэлэри киин ититиигэ киллэрэн олох таһымын үрдэтиигэ лөкөчөөннөр улууска инники кирбииигэ сылдьаллар.
Максим Харлампьев салайааччылаах «Туйгун Ас» кэпэрэтиип Бүлүү олохтоохторун арыынан, этинэн, сүөгэйинэн, суоратынан, сыырынан кыһыннары-сайыннары хааччыйа олорорун ахтыахха сөп.
Баһылык Анна Владимировна билиһиннэрбитинэн, нэһилиэк Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суолга пуондата, Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ уулуссалары оҥорууга ыытар куонкурустарыгар быйыл кыттан, кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирэн, балаҕан ыйыгар бөһүөлэк киин уулуссатыгар аспаал ууруллубут.
Урукку да сылларга нэһилиэк дьаһалтата ити куонкуруска хас да сыл сайаапка биэрэн кытта сылдьыбыт, куонкурус усулуобуйатыгар көрүллэр кыттыгас үбүлээһиҥҥэ кыра нэһилиэк үбэ татым буолан хаалан испит. Быйыл улуус дьаһалтата уулуссаны оҥорууга кыттыгас үбүлээһиҥҥэ 9,7 мөл. солк. көрбүтэ улахан төһүү күүс буолбут. Куонкурус иккис усулуобуйатынан, Ил Дархан эбэтэр Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин сөбүлэҥэ наада эбит. Сийиэс кэмигэр нэһилиэк баһылыга Анна Доргонова Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин Андрей Тарасенконы кытта анаан-минээн көрсөн, нэһилиэк кыһалҕатын этиммитин кини өйөөбүт уонна тутарга сорудах биэрбит.
Лөкөчөөн дьаһалтата бөһүөлэк киин уулуссатыгар аспаал ууруутун бырайыагын, экспертизатын өссө 2020 сыллаахха оҥотторбут эбит. Эмиэ улуус дьаһалтата 1,2 мөл. солк. үбүлээһини көрөн көмөлөспүт.
Билигин Илбэҥэҕэ бэйэтин аспаал собуотун үлэлэтэр «Сахаавтодор» тэрилтэ Лөкөчөөн киин уулуссатын бэлэмнээн балаҕан ыйыгар аспаал уурбут. Бу күннэргэ тэрилтэ үлэһиттэрэ аспааллаах уулусса кытыыларын оҥорон, суол бэлиэлэрин туруоран улахан үлэни түмүктээн эрэллэр.
Кэлиҥҥи сылларга Саха сиригэр федеральнай, өрөспүүбүлүкэ уонна муниципальнай бас билии суолларын оҥорууга бэрт элбэх биллэр-көстөр үлэ барда. Ити суолталаах үлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев быһаччы сорудаҕынан ыытыллар. Кини соторутааҕыта «Кэлиҥҥи 5 сылга 2500 тыһ км суол уларытан оҥоһулунна, өрөмүөннэннэ, итинтэн 837 км федеральнай, 1173 км эрэгийиэн уонна 490 км олохтоох суоллар буолаллар» диэн бэлиэтээбитэ элбэҕи этэр.
«Бүлүү» федеральнай суол кытыытыгар сытар кытыы уонна кыра нэһилиэк киин уулуссата олохтоох дьаһалта туруорсуутунан, улуус дьаһалтата күттүөннээх көмөтүнэн аспаалынан бүрүллүбүтэ улууска, Саха сиригэр суоллары оҥорууга үлэ бара турарын сиэрдээх холобура буолар.
Николай Куприянов
Читайте нас в: