Норуот суруйааччыта В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатын үлэһиттэрэ байыаннай дьайыыга оҥоһуллар көмөлөртөн, аахсыйалартан туора турбаттар. Ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар, бэйэлэрин кылааттарын күннэтэ киллэрсэллэр. Бу күннэргэ оскуола оҕолоро учууталлары, төрөппүттэри кытта өр умайар чүмэчини оҥорууга кыттыһаллар, диэн иһитиннэрэр «Амма олоҕо» хаһыат.
Оскуола дириэктэрэ Гаврил Захаров кэпсииринэн, Эмис нэһилиэгэр байыастарга аналлаах сылаас наскы баайан, хомуйан ыыппыттар, эмп уктарга бэйэ тигиитэ аптечкалары бэлэмнээбиттэр. Өстөөх хараҕыттан саһар, кистэнэр сиэккэ баайыыта өрө көтөҕүллүүлээхтик, түмсүүлээхтик тэриллэн ыытыллыбыт. Манна эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ, нэһилиэк олохтоохторо, бары тэрилтэ үлэһиттэрэ кыттыыны ылбыттар.
««Илии сылааһа» хамсааһыҥҥа иистэнньэҥ учууталбыт Анастасия Степанова көхтөөхтүк кыттыбыта. Ааспыт кыстык иннинэ нэһилиэкпититтэн байыаннай дьайыы хомууругар барбыт уолаттар дьиэ кэргэттэригэр үөрэхпит үлэһиттэрэ көмө үлэнэн өйөөбүттэрэ. Кыстык хотонун сыбаҕар, саҥа олорор дьиэ ханаппаакатын үлэтин бүтэрсиигэ хото кыттыбыттара.
Улууспут байыаннай дьайыыга көмөлөөх харчы фондатыгар бэйэбит кылааппытын угабыт. Манна эбии нэһилиэкпититтэн барбыт байыастарбытыгар анаан харчынан көмө хомуллубута. Оскуола коллективыттан бу хомуурга баҕа өттүнэн 16 тыһыынча солкуобай хомуллубута, көмө ыытыллыбыта. Үөрэтэр оҕолорбутугар дойдуну таптыырга, дойдуга бэриниилээх буолууга аналлаах тэрээһиннэр, үөрэхтэр өрүү ыытыллаллар. Дьоһуннаах кэпсэтии, кылаас чаастарыгар үгүстүк биһиги саллааттарбыт геройдуу быһыыларын, дьоммут-сэргэбит көмө оҥорууларын кэпсиибит, сырдатабыт. Былырыыҥҥыттан байыас окуопатыгар туттар «Окуопа чүмэчитин» төрөппүттэр, оҕолор, учууталлар бэлэмнээн оҥорон анал туттарар пууннарга тиксэрэбит.
Быйыл да бу үлэ салҕанар. Быйылгы сорудах суолу-ииһи баттаһа хайаан да туолуохтаах. Хас биирдии төрөппүт, оҕо, учуутал үтүө санаанан салайтаран илиитин сылааһынан саллаат сүрэҕэ нүөлүйэ сылыйарыгар, дойдутун өйөбүлүн билэригэр кыһаллар. Киһиэхэ кыра да наада… Байыас утуйбат уһун түүннэрин кылгатар, эрэл кыымын саҕар, күүһүгэр күүс эбэр, санаатын өрө көтөҕөр «Саллаакка сурук» диэни үөрэнээччилэрбит суруйан ыыталлар. Хас биирдии оҕо саллаакка дойдуларыгар кэтэһэллэрин, барыларын геройга тэҥнииллэрин туһунан ис сүрэхтэн тахсар үтүө тылларын суруйаллар.
Тулата сырдык күүс араҥаччылаах харысхал бэлиэлэр оҥоруутугар учууталларбыт, үөрэнээччилэрбит, үлэһиттэрбит, төрөппүттэрбит кытталлар, оҥороллор. Бу харысхал байыас илиитигэр тиийэн араҥаччылыа, өстөөх сытыы хараҕыттан харыстыа диэн үтүө тылынан алгыыллар, үчүгэйгэ эрэнэллэр.
Чуумпу эйэлээх олох иһин туруулаһыы — барыбыт биир улахан сорукпут. Ити үөһээ ахтыллыбыт ис сүрэхтэн, үтүө санаанан салайтарбыт, салайтарар үлэ биир нэһилиэк, биир тэрилтэ эрэ холобура. Хайа баҕар нэһилиэккэ, тэрилтэҕэ маныаха холоонноох үтүмэн үлэ барда, барар. Манан эрэ үлэ бүппэт, сыал-сорук туруутунан, ирдэбилинэн өссө күүскэ, өрө көтөҕүллүүлээхтик хамсаныаҕыҥ! Байыастар дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллары салалтабыт олус сөпкө ыытар. Онно төһүү күүс буолан эдэрдиин-эмэнниин, оҕолуун-уруулуун уопсай сорукка кыттыһан иһиэҕиҥ! Биһиги диэкки — кырдьык! Кыайыы сырдык күнүн чугаһатар барыбыт ытык иэспит!» — диэн Гаврил Захаров иһитиннэрдэ.
Өссө ааҕыҥ:
Нам улууһун оскуолалара байыаннай дьайыы фондатыгар көмөлөрүн туттардылар
Читайте нас в: