Сунтаарга байыаннай сулууспалаахтардыын көрсүһүү буолла

Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбыт сулууспаларын быыһыгар уоппускаҕа дойдуларыгар сынньана кэлэллэриттэн, этэҥҥэ сылдьалларыттан бары үөрэбит. Уолаттар төрөөбүт Сунтаардарыгар кэлэн, сылааларын таһааран, дойдуларын салгынын толору тыынан, чугас дьоннорун алгыстарын ылан күүстэригэр күүс, сэниэлэригэр сэниэ эбинэн бараллар, диэн иһитиннэрэр «Сунтаар сонуннара». 

Улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар байыаннай сулууспаларыттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар үс уолу көрүстүлэр. Улуус баһылыгын экономикаҕа солбуйааччы Борис Васильев дьаһалта аатыттан уолаттарга Махтал суругу кытары кыыннаах саха быһаҕын бэлэхтээтэ. Борис Серафимович байыаннай сулууспалаахтарга көрүллүбүт көмө тиийиитин туоһуласта.

Уолаттар этэҥҥэ сылдьалларын, мантан барар көмөнү тута олороллорун иһитиннэрдилэр, махталларын тириэртилэр. Маннык көмө дойдуларыттан, дьонноруттан кэлэ турара байыастары барыларын үөрдэрин, дойдуларын дьоно кинилэрдиин бииргэлэриттэн киэн тутталларын эттилэр. «Дойдубутуттан дэлэгээссийэ кэлэн, наадалаах тиэхиньикэни, баһыылканы, илдьити туттараллара ордук чугас, ахтылҕаммытын таһаарабыт», — дииллэр. “Эһиги биһиэхэ – байыастарга, ону сэргэ дьиэ кэргэммитигэр көмөҕүт биһигини кыайыыга кынаттыыр, дойдубутугар биһигини күүтэллэр, биһиэхэ эрэнэллэр, онон бары этэҥҥэ эргиллэн кэлиэхпит», — диэн байыаннай сулууспалаахтар санааларын үллэһиннилэр.

Уолаттарга тэрилтэ салайааччылара бары үтүөнү, этэҥҥэ буолууну баҕардылар.

Яина Власьева

Өссө ааҕыҥ
Арыылаах оскуолатыгар Дьоруой паартата турда

Читайте нас в:

Читайте дальше

Юмор ЧП Спорт СВО Разное Отдых Мир Культ