Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков салайааччылаах Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин сокуоннарын нууччалыы уонна сахалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhэллэрин олохтооhуҥҥа СѲ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) хамыыhыйатын бастакы мунньаҕа буолла.
Мунньах кыттааччылара Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар сокуоннар тиэкистэрин кѳрүү туhунан боппуруоhу дьүүллэстилэр.
Хамыыhыйа бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков нууччалыы уонна сахалыы тиэкистэр сѳп түбэсиhиилэригэр Ил Түмэн хамыыhыйатын үлэтэ сэттис ыҥырыылаах парламент үлэтигэр улахан суолталаах буолуоҕун бэлиэтээтэ.
Ил Түмэн анал хамыыhыйата парламент ылыммыт бары сокуоннарын уонна уураахтарын сахалыы уонна нууччалыы тиэкистэрэ бэйэ-бэйэлэригэр сѳп түбэсиhэллэрин олохтуур соруктаах. Хамыыһыйа үлэтигэр Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин сокуоннарын, уураахтарын бырайыактарын кѳрүү; ылыныллыбыт докумуоннар нууччалыы уонна сахалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhэллэрин ситиһии; саха уонна нуучча тылыгар экспертэри кытары үлэ; бэйэтин компетенциятын иһинэн рекомендациялары биэрии, онтон да атын тустаах боппуруостары быһаарыы киирэр.
Мунньахха СѲ сокуоннарын нууччалыы уонна сахалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhиилэрин олохтооhуҥҥа хамыыhыйа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алёна Атласова, хамыыhыйа чилиэнэ Андрей Находкин уонна хамыыhыйа сэкирэтээрэ Мария Илларионова кытыннылар.
Санаттахха, Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин сокуоннарын сахалыы уонна нууччалыы тиэкистэрэ сѳп түбэсиhиилэрин олохтооhуҥҥа СѲ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) хамыыhыйата Ил Түмэн VI ыҥырыылаах мунньаҕын уурааҕынан ааспыт 2022 с. тэриллибитэ. Хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн оччолорго Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Жирков талыллыбыта. VII ыҥырыылаах Ил Түмэҥҥэ бу хамыыһыйа салайааччытынан эмиэ А.Н. Жирковка талылынна.
Хамыыhыйа Саха Сирин сокуоннарын тиэкистэрин нууччалыыттан саха тылыгар тылбаастааhыҥҥа араастаhыылары уонна сѳп түбэспэт буолуулары туоратар сыаллаах тэриллибитэ. Хамыыhыйа чилиэннэрэ ѳрѳспүүбүлүкэ сокуоннарын тылбааhа дьиҥнээҕэр муҥутуур тэҥ суолталаах буоларын кѳрүѳхтэрэ, итиэннэ тылбаастаммыт тиэкиhи кѳҥүл тойоннооhуну таһаарбат дьаһаллары ылынар буолуохтара.
Раиса Никифорова, Сахапарламент
Также читайте:
Тексты законов Якутии на двух госязыках будут проверять на идентичность друг другу
Новый словарь терминов уголовного права готовят к выпуску в Якутии
Читайте нас в: